Өрөспүүбүлүкэҕэ 20 ойуур баһаара бэлиэтэннэ

Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 22 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 20 ойуур баһаара бэлиэтэннэ.

Ол курдук, Ленскэйгэ  — 3, Ньурбаҕа  -1, Уус Маайаҕа -1, Тааттаҕа — 1, Томпоҕо — 3, Өлүөхүмэҕэ — 2, Мииринэйгэ — 6, Үөһээ Халымаҕа -1, Орто Халымаҕа — 1, Нерюнгрига — 1 ойуур баһаара баар. Уопсай иэннэрэ   11235 га.
Суукка устата  Уус Маайа уонна Мииринэй улуустарыгар уопсайа 501 га иэннээх 3 баһаар   турда.

Бүгүҥҥү туругунан 9889 га иэннээх 15 баһаары умуруорууга үлэ ыытыллар. Манна  566 киһи, ол иһигэр Авиалесоохрана  377, ойуур харыстабылын 124, ЫБММ  23  үлэһит итиэннэ олохтоохтортон  42 киһи үлэлиир.  Маны сэргэ 15 техника үлэлиир.
Ааспыт сууккаҕа ойуур пуондатын сиригэр Уус Маайа, Хаҥалас, Ленскэй, Мииринэй, Томпо, Аллараа Халыма уонна Булуҥ улуустарыгар  9610,5 га иэннээх  7 баһаар умуруорулунна. Ньурба, Таатта, Томпо, Ленскэй, Үөһээ Халыма, Орто Халыма улуустарыгар 3904 га  7 баһаар бохсулунна.

СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ Саха сирин олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар ойуурга сылдьаргытыгар уоту сэрэхтээхтик туһанаргытыгар сүбэлиир, ыҥырар. Ойуур баһаара туран эрэрин биллэххитинэ, көрдөххүтүнэ, 8-4112-44-74-76 диэн эрэгийиэннээҕи диспетчэргэ эбэтэр 8-800-100-94-00 диэн анал нүөмэргэ быһа эрийэн тиийиэххитин сөп.

edersaas.ru
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0