Өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ киллэринэр дохуота үрдээтэ

Бөлөххө киир:

Эһиилги сыллаах бүддьүөт дохуоттаах чааһа – 156,3, ороскуота – 160, дефицитэ – 4,2 млрд солк. тэҥнэһиэҕэ. Доруобуйа харыстабылыгар, үөрэхтээһиҥҥэ, социальнай көмөҕө үбү сарбыйыы барыа суоҕа.

Ол оннугар биирдиилээн госбырагыраамалар 3 % кыччыахтара. Үп миниистирэ Валерий Жондоров бэлиэтииринэн, быһа холуйан, 3,7 млрд солк. сарбыллыаҕа.

Былырыыҥҥыны кытары тэҥнээтэххэ, бүддьүөт дохуоттаах чааһа 20 млрд солк. кыччаата. Миниистир этэринэн, ити федеральнай хааһынаттан үбүлээһин аччаабытын кытары сибээстээх. Ол курдук, 10-13 млрд солк. субвенция, субсидия, 7 млрд солк. дотация кыччаабыт. Оттон өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ киллэринэн дохуотун ыллахха, эһиил 117 млрд солк. тэҥнэһиэҕин сабаҕалыыллар. Быйыл ити суума 114 млрд солк. тэҥнэһиэхтээх.

Федерация быйыл регионнарга тиксэрэр дотациятын сэтинньи ортото эбэтэр бүтүүтэ биллэриэҕэ.

Инвестиционнай бырагыраама туһунан эттэххэ, быйыл бу хайысхаҕа 25 млрд солк. (ол иһигэр 15 млрд солк. өрөспүүбүлүкэ үбэ, 6 млрд солк. федерацияттан кэлбит харчы, 4 млрд солк. атын тэрилтэлэртэн киирбит үп) барбыт эбит буоллаҕына, эһиил өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 11 млрд солк. көрөргө былааннаан олороллор. «Федеральнай бүддьүөт төһө да сарбыллыбыты иһин, биһиги бары барагырамааларга барытыгар кытта сатыахпыт. Бастакы уочарат, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматыгар», — диэн этэр Валерий Алексеевич.

Быйыл судаарыстыба иэһэ 44,9 млрд солк. буолуоҕа диэн сабаҕалыыллар. Өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ киллэринэр дохуотун кытары тэҥнээтэххэ, бу суума 41 % тэҥнэһэр. Онтон эһиилги сыл бүтүүтэ, миниистир бэлиэтииринэн, 49 млрд солк. тэҥнэһиэхтээх. Тоҕо улаатта диир буоллахха, дефициты сабыыга барыахтаах.

2019 с. былаан быһыытынан, бүддьүөт дохуота – 162 млрд солк., ороскуота – 165 млрд солк, дефицитэ – 3,2 млрд солк. тэҥнэһиэхтээх.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0