Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ учууталларын наҕараадалаатылар

Ааптар: 
06.10.2017
Бөлөххө киир:

Учуутал күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтата Бырабыыталыстыба дьиэтин Улахан саалатыгар бастыҥ учууталлары кытта көрүстэ. Идэлээх бырааһынньыктарынан педагогтары СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Гуляев, Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Галина Данчикова, СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирин эбээһинэһин толорооччу Феодосия Габышева эҕэрдэлээтилэр.

edersaas.ru

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Гуляев: “Олоххо ситиһиитинэн уонна профессиональнай сайдыытынан хас биирдии киһи эһиэхэ, учууталларга, махтаныах тустаах. Саха сирэ сөптөөх күүстээх каадырдардаах. Атыттары кытта куонкурустаһар кыахтаах өрөспүүбүлүкэни сайыннарар ыччаты үүннэрэн таһаарар сорук турар”, — диэн эттэ.

СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирин эбээһинэһин толорооччу Феодосия Габышева: “Бу саалаҕа бүгүн үөрэх эйгэтин лидердэрэ, идэлэригэр бэриниилээх дьон муһуннулар. Учууталлары сэргэ, оскуола иннинээҕи саастаах үөрэх тэрилтэлэрин бастыҥ үлэһиттэрин бэлиэтиибит. Оттон ааспыт сылтан үрдүк наҕарааданы эбии үөрэхтээһин педагогтарыгар эмиэ туттарыллар. Соторутааҕыта норуот учуутала М.А.Алексеев аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ кыайыылааҕын аата билиннэ – тыа сирин учууталыттан саҕалаан үрдүк үөрэх систиэмэтигэр тиийэ үүммүт М.П.Федоров. М.А.Алексеев үбүлүөйдээх сыла манан түмүктэммэт. Сылы Учууталлар профессиональнай үүнүүлэрин сылын түмүктээһининэн уонна СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин 95 сыллаах үбүлүөйүнэн түмүктүөхпүт”, — диэн иһитиннэрдэ.

РФ Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата Галина Данчикова, аныгы олох учууталга олус үрдүк ирдэбиллэри туруорарын, биридимиэттэрин дэгиттэрдик баһылаабыт исписэлиис эрэ буолбакка, бэйэлэрэ толкуйдуур, быһаарыы ылынар уонна эппиэтинэһи сүгэр кыахтаах дойдубут гражданнарын иитэн таһаарыахтаахпыт диэн бэлиэтээтэ.

Михаил Гуляев Ил Дархан, бырабыыталыстыба аатыттан эҕэрдэлээтэ. Үөрэх эйгэтигэр үгүс сыллаах үтүө суобастаах үлэлэрин, үүнэр көлүөнэни иитиигэ сыраларын иһин “СӨ үтүөлээх учуутала”, “Гражданскай килбиэн” бэлиэни, “СӨ норуотун учуутала” Судаарыстыбаннай бириэмийэни, харыга кэтиллэр кыһыл көмүс чаһылаах СӨ Бырабыыталыстыбатын кырааматаларын, Ил Дархан бириэмийэлэрин, бастыҥ учууталларга дипломнары туттарда:

Наталья Никулина, Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия “Айыы кыһата” оскуолатын уруһуйга, черчениеҕа учуутала:

Наталья Никулина

— Оскуолабыт дириэктэрин үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччы, методическай холбоһукпут салайааччыта Н.Е.Слепцова бу бириэмийэҕэ кыттыаххын сөп диэн этии көтөхпүтэ. Кэлэктиибим итэҕэйэн, кыайыылаах аатын ылбыппыттан олус үөрэбин. Сайын лааҕырга үлэлии сырыттахпына министиэристибэттэн төлөпүөннээн, өрөспүүбүлүкэтээҕи сүүмэрдээһини аастыҥ, докумуонуҥ Арассыыйа министиэристибэтигэр барда диэбиттэригэр долгуйбутум. Биллэн турар, бу – улахан эппиэтинэс. Салгыы үлэлиирбэр саамай тоҕоостоох кэм дии саныыбын. “Бары уруһуйдуубут” бырайыак быйыл саҕаланна. Бырайыакка бэйэбит бырагыраамалаахпыт, Дьокуускай куораттааҕы методическай холбоһук салайааччытын быһыытынан, түмсэн үлэлиэхпит дии саныыбын. Сайын уруһуй учууталлара бары Хаҥалас улууһугар кууруска мустубуппут уонна Өктөмҥө хаһан да буолбатах сийиэскэ кыттыбыппыт. Ол түмүгүнэн Кэнсиэпсийэ ылыныллыбыта. Бырайыак саҥа саҕаланна, онон күүскэ ылсыахпыт диэн эрэнэбин.

Анна Шарина, Чурапчытааҕы “Кэскил” уһуйаан иитээччитэ:

Анна Шарина

— Улууһум оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах тэрилтэлэриттэн соҕотох бэрэстэбиитэл буолан уонна учууталлары кытта Бырабыыталыстыба дьиэтигэр бииргэ чиэстэнэ кэлбиппиттэн олус улаханнык долгуйдум, үөрдүм. Салайааччыбар, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитигэр А.А.Григорьеваҕа, айымньылаах бүтүн кэлэктииппэр, улуустааҕы үөрэх управлениетыгар уонна үөрэтээччи-мэтэдииспэр, РФ норуотун үөрэҕириитин туйгунугар, Учууталлар учууталларыгар Г.Н.Дьячковскаяҕа маннык улахан чиэскэ тиксэн турарбынан махталбын тиэрдэбин. Иитээччинэн 33-с сылбын үлэлиибин. Уһуйааммыт быйыл 48-с сылын кырачааннарга аанын аста. 170 оҕолоох улуус биир улахан уһуйаана. Биир киэн туттарбыт диэн, 2003 сылтан өрөспүүбүлүкэтээҕи федеральнай инновационнай былаһаакка статустаах “Культура творчества в дошкольном детстве” диэн тиэмэнэн үлэлии сылдьабыт.

Кыыма Жиркова

Кыыма Жиркова, Амматааҕы Оҕо искусствотын оскуолатын учуутала: “Олус долгуйдум. Инникитин үлэлииргэ кыах биэрдэ. Идэбин сөпкө талбыт эбиппин диэн өссө биирдэ итэҕэйдим. Түгэнинэн туһанан, өрөспүүбүлүкэ бары педагогтарын Учуутал күнүнэн эҕэрдэлиибин. Биһиги үлэбитигэр энтузиазм олус улахан. Ити күүстээх хаачыстыбаҕытын олох ыһыктыбакка, иннигит хоту баран иһиҥ!”.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Айаал ЧЕРНОГРАДСКАЙ (СИА) уонна ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0