Өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ хаһаайыстыбалара салгыы чэбдигириэхтэрин баҕараллар

29.11.2018
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, сэтинньи 28 күнүгэр, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ министиэристибэ Уопсастыбаннай сэбиэтин кытта холбоһуктаах сүбэ мунньахтара киэһэ хойукка диэри салҕанан барда. Мунньахха производственнай хаһаайыстыбалар уонна тыа хаһаайыстыбатын управлениеларын салайааччылара, исписэлиистэрэ хото сылдьаннар, инники сайдыахтаах суолларын торумнастылар.

Александр Атласов

Дьүүллэһиигэ турбут боппуруостар бары даҕаны боччумнаахтар. Ол гынан баран, саамай суолталаахтарын — сүөһү иитэр хаһаайыстыбалары үп-харчы өттүнэн чэбдигирдиигэ туһуламмыт бырагырааманы олоххо киллэрии хаамыытын миниистир Александр Атласов бэйэтэ билиһиннэрдэ. Бырагыраама үлэтин 2015 сылтан саҕалыаҕыттан 18 улуустан 60 хаһаайыстыба, ол иһигэр 14 бааһынай хаһаайыстыба, судаарыстыбаттан көмө үп (2015 – 222 мөл. солк., 2016 – 250 мөл. солк., 2017 – 297 мөл. солк., 2018 – 326 мөл. солк.) ылан, төһө даҕаны байан-тайан барбаталлар, өрүтүннүлэр, үлэҕэ көрдөрүүлэрин тупсардылар.

Холобур, Хаҥалас улууһуттан “Бөртө” сылгы собуота” ХЭУо үүт ыамын 147 бырыһыан үрдэтэн, 2017 сыл түмүгүнэн 1 ынахтан ортотунан 3823 киилэ үүтү ыыры ситиспит, эти оҥорон таһаарыытын 57 бырыһыанынан элбэппит. Үлэһиттэр орто хамнастара 32 тыһ. солкуобайга тэҥнэспит. Тыл эппит, санаа атастаспыт дьон бырагыраама кыттааччылара бары кэриэтэ бэттэх кэлбиттэрин, сайдыы өттүгэр хамсааһын тахсыбытын бэлиэтээтилэр.

Хаһаайыстыбалар салайааччыларын “салгыы хайдах буолабыт?” диэн санаа долгутар. Дьиҥэр, бырагыраамаҕа бастакыттан киирбит хаһаайыстыбалар 3 сыл кэнниттэн, урбаанньыттар “бизнес-инкубатордарын” курдук, атыттарга туораан биэриэхтээх этилэр. Ону былырыын көрдөһөннөр, эбии 2 сылга уһаттарбыттара. Ол аата эһиилгинэн бүтэллэр. Биһиги бөдөҥ хаһаайыстыбаларбыт эмп күүһүнэн тыыннаах сылдьар ыарыһах киһини санаталлара кистэл буолбатах. Үөһэттэн көмө оҥоһуллубат буоллар эрэ, өлбүтүнэн барыахтара.

Таисия Десяткина

Маныаха ТХМ Уопсастыбаннай сэбиэтин уонна СӨ Уопсастыбаннай палаататын чилиэнин, “Тумул” ТХПК (Мэҥэ Хаҥалас) салайааччытын Таисия Десяткина этиитэ ыйааһыннаах буолла. “Бу бырагыраама — биһиги тирэхпит. Тус бэйэм тыа хаһаайыстыбатын инники кэскилин тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга эрэ көрөбүн. Онон чахчы туһалаах бырагырааманы, атыннык ааттаан туран даҕаны, салгыыргыт буоллар”, — диэн Таисия Васильевна баҕа санаатын эппитин саалаҕа толору мустубут салайааччылар биһирээн, ытыс таһынан өйөөтүлэр.

Айаал Степанов

Уопсастыбаннай сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, ТХНЧИ дириэктэрэ Айаал Степанов хаһаайыстыбалар урукку сылларга хамнаска иэстэрэ 170 мөл. солкуобайга тиийэ мунньуллан, мунньах аайы ол айдаана турар буоллаҕына, билигин хаһаайыстыбалар хайдах сайдар туһунан толкуйдуулларын бэлиэтээн туран, 60 хаһаайыстыбанан муҥурдаммакка, атыттары сайыннарар, өйүүр инниттэн хаһаайыстыбалары туруктарыттан көрөн 3 бөлөххө арааран үлэни тэрийэргэ, көмө үп күүһүнэн өрүттүбүттэргэ өйөбүл атын механизмын тобуларга этии киллэрдэ.

Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов: “Эһиги аҥааргыт кэриҥэ чэбдигирдии бырагырааматынан эһиилгинэн көмө ылан бүтэҕит. Биллэн турар, биһиги кими даҕаны таһырдьа ылан быраҕыахпыт суоҕа. “Сүөһү аһылыгын оҥорон таһаарыыны сайыннарыы” курдук көдьүүстээх бырагыраамаларга холбуу баайан, салгыы өйүүр суолу син биир тобулуохпут”, — диэн эрэннэрдэ. Александр Павлович түмүккэ үөрүүлээх сонуну иһитиннэрдэ: кэлэр 2019 сыллааҕы бүддьүөккэ    тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһин кээмэйэ хос көрүллэн, 10 млрд 115 мөл. солкуобайга тэҥнэспит, онно өссө 500 мөлүйүөнү эбэннэр, Чэбдигирдии бырагырааматын толору үбүлүүр кыахтанныбыт диэтэ.

Василий НИКИФОРОВ.

Анна Сергучева (ТХМ пресс-сулууспата) хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0