Өрөспүүбүлүкэ пионер-баһаатайдара хамыыһыйа тэриннилэр

Ааптар: 
26.03.2019
Бөлөххө киир:

Быйыл Саха сирин пионерскай тэрилтэтэ тэриллибитэ 95 сылын туолар үбүлүөйдээх сыла.

edersaas.ru

Бу суолталаах тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнэн, бэтэрээн баһаатайдар хамыыһыйа тэринэн, сылы быһа ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар.

Сэбиэскэй кэмҥэ көхтөөх пионердар билигин норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар тутаах дьонунан буолаллар. Биллэн турар, оскуолатааҕы кэмнэригэр кинилэр олохторун суолдьутунан буолбут киһилэрин – пионер-баһаатайдарын күн бүгүгүҥҥэ диэри үгүстэр умнубаттар, истиҥник саныыллар.

Өссө былырыын бэтэрээн пионер-баһаатайдар мустан Саха сирин пионерскай тэрилтэлэрин туһунан кинигэ-летопись оҥорон таһаарар туһунан кэпсэппиттэрэ. Быйыл баһаатайдар хас да хамыыһыйаҕа арахсан, кэскиллээх тосхоллору торумнаатылар.

Бу туһунан Нам улууһун үгүс көлүөнэ ытыктанар пионер-баһаатайа, тэриллибит хамыыһыйалартан биир эппиэттээх киһи Клавдия Сивцева маннык кэпсиир:

— Өссө былырыыҥҥы көрсүһүүбүтүгэр ыам ыйын 19 күнүгэр бэтэрээн пионер-баһаатайдар сэлэлээн хаамыыларын тэрийии туһунан этии киирбитэ. Ол эрээри бу кэмҥэ суол сабыылааҕынан сибээстээн, илин эҥэр улуустар кыайан кэлбэттэр. Онон сүбэлэһэн баран, бэс ыйын 1 күнүгэр сэлэлээн хаамыыны тэрийэргэ быһаардыбыт. Оҕо көмүскэлин күнүгэр сэлэлээн хаамыыга көҥүл ылыахха сөп курдук. Сэлэлээн хаамыы – олус эппиэттээх тэрээһин. Хас биирдии улуус бэйэтин пионерскай знамятын илдьэ киирэр. Баһаатайдар параакка бэйэбит уруккуттан кэтэр анал таҥаспытын (маҥан куопта, кыһыл хаалтыс, пилотка, хара дьууппа уонна хаһыаччык) кэтиэхпит. Биэс сылтан үөһээ үлэлээбит баһаатайдарга анал Энциклопедия оҥоһуллан бэчээттэниэҕэ. Онно хас биирдии баһаатай бэйэтин үлэтин туһунан кылгас хаартыскалардаах гына суруйан ыытыахтаахтар. Болдьоҕо – муус устар бүтэһигэр диэри, — диэн кэпсиир Клавдия Сивцева.

Хамыыһыйа маны тэҥэ улуустарынан пионерскай тэрилтэ историятын туһунан кинигэ таһааралларын дьүүллэстэ. Маны таһынан, бэс ыйын 1 күнүгэр ыытыллар далааһыннаах  тэрээһиҥҥэ хас улуус аайыттан оҕо хамсааһынын тэрилтэлэрэ кыттыыны ылыахтара. Баһаатайдар сэлэлээн хаамыыларыгар педучилищеларга пионерскай салааларга, пединституттарга үөрэнэ сылдьан баһаатайдаабыт дьон кыттыыны ылыахтара. Бу күннэргэ  хамыыһыйа параакка кыттар баһаатайдар испииһэктэрин оҥорорго үлэлэһэр. Оттон энциклопедияны, өрөспүүбүлүкэҕэ пионерскай тэрилтэ сайдыытыгар туһуламмыт ис хоһоонноох кинигэни оҥорууга эппиэттээх хамыыһыйа салайааччыта Маргарита Петрова санаатын бу курдук үллэстэр:

— Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ пионер-баһаатайдарын туһунан матырыйаал хомуйуута саҕаланна. Улуустан энциклопедияҕа киллэрэр баһаатай-бэтэрээннэри, кинигэ тахсыытыгар эппиэттээх дьону анааһын бара турар. Өрөспүүбүлүкэ пионериятын летопиһын оҥоруу – эппиэттээх үлэ. Онон бэчээккэ таһаарыы курдук үлэҕэ бары бииргэ түмсэн үлэлээтэхпитинэ эрэ Саха сиригэр пионерскай тэрилтэ сайдыытын историятын, үлэлээн ааспыт чаҕылхай дьоммутун үйэтитиэхпит. Онон өрөспүүбүлүкэ улуустарын, нэһилиэктэрин араас көлүөнэ пионердарыгар туһаайан: «Бэйэҕит баһаатайдаргытын үйэтитэргэ биһигини кытта үлэлэһиҥ», — диэн ыҥырабын.

Дьэ, онон Саха сиригэр пионерскай тэрилтэ тэриллиитин 95 сыла биир эрэ күн – ыам ыйын 19 күнүгэр тылынан эрэ ахтыллан ааспакка, бэтэрээн-баһаатайдар күүстэринэн уонна баҕаларынан далааһыннаахтык ыытыллара былааннанар. Дэлэҕэ да сэбиэскэй кэмҥэ баһаатайдар: «Биһиги оҕолор сүрэхтэрин төлөннүү уматабыт!» («Мы зажигаем ребячьи сердца!») – диэн девизтээх үлэлиэхтэрэ дуо?

Төлөннөөх сүрэхтэр – баһаатайдар билигин да эрчимнээхтэр, кыахтаахтар, инники кэккэҕэ сылдьаллар. Кинилэри өйүөҕүҥ. Саха сиригэр пионерскай тэрилтэ тэриллиитин 95 сылын бары көлүөнэ пионердара дьыаланан бэлиэтиэҕиҥ!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0