Саха сирин кыһыҥҥы суолларыгар ыарахан уйуктаах массыыналарга хааччахтааһын олохтонно. Бу туһунан СӨ Массыына суолларын управлениета иһитиннэрдэ.
Муус устар 5 күнүттэн Кангаласс — Суотту, Хатас — Павловскай хайысхаларынан өрүһү туорааһыҥҥа 30 туоннаттан үөһээ уйуктаах тиэхиньикэҕэ айан-сырыы бобуллар.
Маны таһынан 20 туоннаҕа диэри хааччахтааһын «Умнас» суол 143+000 — 349+440 км, «Сэбээн» суолга 77+000 — 270+200 км олохтонно.
edersaas.ru
Хаартыска: СӨ Массыына суолларын управлениета
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1