Өрүс суола хаһан сабыллар?

13.04.2021
Бөлөххө киир:

«Бүлүү» суолун управлениета иһитиннэрбитинэн, муус устар 13 күнүттэн өрүһү туоруур суолларга 20 туоннаттан үөһээ уйуктаах массыыналарга хааччахтааһын олохтонор.

Ол курдук Бүлүү өрүһү туорааһыҥҥа Үөһээ Бүлүүнэн (660 км),  Күндээдэнэн (807 км), Устьенан (956 км), Кириэстээҕинэн (1049 км) итиэннэ «Халыма»  федеральнай суолугар Алдан өрүһү туорааһыҥҥа Хаандыга — Мэҥэ Алдан хайысхатынан туорааһыҥҥа 20 туоннаттан үөһээ уйуктаах массыыналарга айан-сырыы бобулунна.

Маны таһынан муус устар 13 күнүттэн Өлүөнэ өрүһү туорааһыҥҥа Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан 30 туоннаттан үөһээ уйуктаах массыыналарга хааччахтааһын олохтонно.

Барыллааһын быһыытынан, өрүс суолунан сырыы муус устар 19 күнүттэн тохтотуллуохтаах.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0