Өрүс флотун бэтэрээнэ Степан Дроздов 100 сааһын туолла

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ үбүлүөйдээх сылын бастакы күнүгэр Өрүс флотун бэтэрээнэ уонна Саха сирин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Степан Дроздов 100 сааһын туолла.

Степан Платонович 1922 сыллаахха тохсунньу 1 күнүгэр Иркутскай уобалас Чичек дэриэбинэтигэр төрөөбүтэ. 30-c cылларга кини дьиэ кэргэнэ Саха сиригэр Өлүөхүмэҕэ көһөн кэлбиттэрэ. Онтон Дьокуускайга көспүттэрэ.

Оскуоланы бүтэрэн баран Степан  Платонович речной техникумҥа үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕин бүтэрэн баран Крупская диэн борохуокка хапытаан көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбитэ. Уоттаах сэриигэ кыттыбыта уонна бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри өрүс флотугао олоҕун анаабыта.

«Ис сүрэхпиттэн Степан Платоновиһы эҕэрдэлиибин! Кытаанах, чэгиэн доруобуйаны уонна дьиэ кэргэнигэр дьолу баҕарабын», — диэн ытык саастаах киһини СӨ Ил Дархана Айсен Николаев  инстаграмын сирэйигэр эҕэрдэлээтэ.

Ульяна ЗАХАРОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0