Өрүһүнэн айан-сырыы хаһан арыллар?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Бүлүү» федеральнай суолугар өрүһү туоруур түөрт сиринэн кыһыҥҥы суол аһыллара былааннанар.

Өрүһү туорааһын 4 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах массыыналарга:

— Үөһээ Бүлүү (660 км) — сэтинньи 24 күнүттэн;

— Күндээдэ (807 км) — сэтинньи 25 күнүттэн;

— Устье (956 км) — ахсынньы 5 күнүттэн;

— Кириэстээх (1049 км) — ахсынньы 10 күнүттэн.

«Халыма» федеральнай суол:

  1. Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысхатынан кыһыҥҥы суол тохсунньу 5 күнүттэн аһыллара күүтүллэр.
  2. Алдан өрүһү Хаандыга — Мэҥэ Алдан хайысхатынан туорааһын сэтинньи 24 күнүттэн көҥүллэниэҕэ.

Күн-дьыл туругуттан көрөн, кыраапыкка уларыйыылар киириэхтэрин сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0