Өрөмүөҥҥэ харчыны туспа мунньуохха сөп

01.11.2016
Бөлөххө киир:

Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 337 элбэх кыбартыыралаах дьиэ өрөмүөннэниэхтээх. Мантан 286 дьиэҕэ үмүрүтүллүбүт, 63-скэ өрөмүөн ыытылла турар, сыл бүтүүтэ түмүктэниэхтээх. Ити барыта усуонуос харчынан оҥоһуллар. Олохтоохтор бэйэлэрэ ТСЖ тэринэн, өрөмүөн харчытын эрдэ туттуохтарын сөп. 
2013 сыллаахха тутуллан үлэҕэ киирбит саҥа дьиэҕэ өрөмүөн 20-30 сылынан ыытыллыан сөп. Элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ олорооччулар усунуоспут итиччэ өр мунньуллан баран сытар дуо диэн мунаараллар. Усунуостан киирбит үп элбэх кыбартыыралаах дьиэни өрөмүөннүүр пуонда уопсай хочуолугар түһэр. Төһө харчы киириэхтээҕэ эрдэттэн суоттаныллан, өрөмүөнү ыытыы анал бырагырааматыгар туһаныллар. Холобур, быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн итинник 337 дьиэни өрөмүөннээтилэр.
Манна биири өйдүөххө наада. Дьокуускай куоракка элбэх кыбартыыралаах дьиэлэртэн хомуллубут үп куоракка эрэ туһаныллар. Улуустарга эмиэ итинник.
Биир өттүнэн кыбартыыра хаһаайыннара усуонустарын бэйэлэрин эрэ дьиэлэрин өрөмүөнүгэр эрэ туһаныахтаахпыт диэн сөпкө туруорсаллар. Инньэ диэччилэр туспа харчыны мунньар толору бырааптаахтар.Элбэх кыбартыыралаах дьиэ хаһаайыннара мунньах ыытан, ыстаарыста талан, олорор дьиэ табаарыстыбатын (ТСЖ) тэринэн, бааҥҥа туспа счет арыналлар. Өрөмүөн харчытын туспа мустахха, былаан быһыытынан, холобура, саҥа дьиэ өрөмүөнэ 2025 сылга ыытыллыахтаах буоллаҕына, дьиэ табаарыстыбатын чилиэннэрин быһаарыыларынан, ити болдьоҕу тутуспакка, дьиэ тугун эрэ эрдэ оҥорторор толору бырааптаахтар. Туох өрөмүөннэниллиэхтээҕин эмиэ уопсай мунньаҕынан быһаараллар.

Эксперт санаата
Эһиил усунуос үрдүөҕэ

petr-makarovСӨ элбэх кыбартыыралаах дьиэни өрөмүөннүүр пуонда генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Петр Макаров:

  • Олорор дьиэ табаарыстыбатын тэриммиттэргэ, туспа счёт арыныахтарын иннинэ уопсай хочуолга укпут усунуостарын тустаах пуонда төннөрөр.
    Эһиил өрөмүөн усунуоһа үрдүөҕэ. Төһө үрдүүрэ чуолкай билигин быһаарылла илик. Тустаах исписэлиистэр ааҕа-суоттуу сылдьаллар.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0