Үрүҥ көмүс туһата

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Үрүҥ көмүс ыраастыыр суолтатын бары билэллэр. Урут ууга үрүҥ көмүс манньыаттары быраҕаллара эбэтэр үрүҥ көмүс иһиккэ ууну куталлара үһү.

Хааннарын баттааһыннара үрдүк дьон үрүҥ көмүс киэргэли кэтиэхтээхтэр. Үрүҥ көмүс эһиэхэ сөп түбэһэр буоллаҕына, үрүҥ көмүс манньыаттартан тиһиллибит моой симэҕин тириигитигэр сыстар гына күҥҥэ хас да чаас устата кэтэн, хааҥҥыт баттааһына үрдүгүн эмтэниэххитин сөп. Ити эрээри, туох барыта кэмнээх-кээмэйдээх. Үрүҥ көмүс аһыыр ууга элбэх буоллаҕына, аргироз үөскүүр, ол аата тириигэ уонна салыҥнаах бүрүөҕэ металл мунньуллуон сөп. Оччоҕо тирии сиэрэйдиҥи от күөҕэ эбэтэр халлаан күөхтүҥү өҥнөнөр.

Үрүҥ көмүс ис уорганнарга эмиэ мунньуллар. Онтон киһи төбөтө, уҥа ойоҕосторун аннынан ыалдьар, этэ тардар, мээнэ сүпсүгүрэр буолуон сөп. Үрүҥ көмүс ытарҕа кэтиллэр хайаҕаһын тула эбэтэр тарбаххыт иһэр, мэйиигит эргийэр буоллаҕына, үрүҥ көмүс эһиэхэ барбат. Онон ыарахан ыарыы кэнниттэн, санааҕыт түспүт, сылайбыт кэмҥитигэр үрүҥ көмүһү кэтэртэн туттунуҥ.

Саха ыала халандаартан.

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0