Өҥүрүк куйааска аһылык (Биэтэс Билээхэп кэпсээнэ)

11.07.2018
Бөлөххө киир:

Өҥүрүк куйаас сатыылаан, киһи тото-хана аһыан баҕарбат да күннэрэ тураллар. Ол оннугар кылыгыр ууну киллиргэтэбит, сөрүүн кымыһы ыймахтыыбыт. Хата, кымыһы, быыппаҕы дэлэйдик атыылыыр буоланнар абыранныбыт. Өссө билэр дьон, ханнык кээпэрэтиип кымыһа, быыппаҕа ордугун быһаараллар, талаллар эбит. Ээ, мин дьиэбиттэн чугас баар маҕаһыынтан тугу аҕалалларын атыылаһан абыранным.

Биир күн дьиэбэр кымыспын иһэн баран, сирэйбин хаһыаппынан бүрүнэн сыттахпына, уолум кэлэн:

– Хайа, аҕаа, туох буоллугут, холодильниккыт кураанах кэриэтэ дии. Тоҕо аһаабаккыт? – диэн соһутан өлөрө сыста.

– Ээ, куйааһа бэрт. Бачча итиигэ ийэҥ ас астыырын бобон турабын, – диэн улахан үтүөнү оҥорбут курдук хардардым.

– Ээ, хайдах буоллугут? Кырдьаҕас дьон сайыннары-кыһыннары тото аһыахтааххыт. Оччоҕо хантан күүс, сэниэ ылынаары гынаҕыт? – диэн эмиэ да сөпкө сэмэлээтэ.

Турбутум кэннэ уолум дьэ төлөпүөнүн хаһан барда уонна саҥа аллайда: “Аҕабын аһаа дии-дии хаайабын да, бу батсаап барыта Кытай аһылыгын туһунан куһаҕан сурах буолбут дии”, – диэн аны араас биидийэлэри көрдөрөн барда. Онно көрбүтүм били улуу кытайдар диэн хаһан эрэ үрдүктүк көрөр омуктарбыт астарын барытын укуоллуу тураллар. Ол аайы бородуукталара барыта үллэ-алла түһэр. Аны, фрукта атыылыыр узбектардыын куомуннаһан сыананы үрдэппиттэр үһү.

– Ити арбыыр кытайдарыҥ өссө “сахалар акаарылар, биһиги кинилэргэ дьааты сиэтэбит, онно эрэ кыһамматтар, кыһыны-сайыны быһа биһиги аспытын аһаан олороллор” диэн күлэн алларастыыллар, – диэн уолум «уокка арыыны кутан биэрдэ».

Дьэ, кырдьык, эҥин-эҥин үйэ кэлэн, араас аһы аһаан эрдэхпит. Бу олорон төрөөбүт алааспын, охсуллубут от сытын, сарсыарда аайы хотуур тутан ходуһаҕа киирэрбитин, өлгөм үүнүүнү ылан, үүт-сүөгэй аһылыктанан олорбут кэмнэрбитин саныы олордум. “Киһини үлэ киэргэтэр” диэн оччотооҕу ыҥырыы биһигини киһи-хара гыннаҕа. Сүрэҕэлдьээбэккэ үлэлээн-хамсаан, Сахабыт сирин айылҕата, сирэ-уота биэрэр аһынан (билигин нотураалынай дииллэр) үссэнэн, баччаҕа тиийэн кэллэхпит эбээт. Оо, арыый да эдэр буолбаппыан! Баччаларга, баҕар Бөтүрүөп куйааһын күүппэккэ да, хотуурбун туппутунан ходуһабар киириэм этэ. Оҕолорум ийэлэрин кыраабыла ыраахтан кылбаҥныыра, манньыйбыттыы көлөһүнүн сотто турара, иккиэн үөрэ-көтө оллоон чэйин иһэ олорорбут үчүгэй да буолара. Ол саҕана, атын омуктар сүлүһүннээх астарын аһаан кырдьыаххыт диэбиттэрэ буоллар, арааһа, өһүргэнэн өттүкпүн үлтү түһүөм эбитэ буолуо…

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0