Дьокуускай куораттааҕы Медицина киинин исписэлииһэ Санкт Петербурга бастыҥ дакылаатчыттар ахсааннарыгар киирдэ. Алтынньы 17-19 күннэригэр «Лиидэрдээһин уонна инновациялар – саҥа ситиһиилэргэ айан» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы конгресс буолла. Конгресска Арассыыйа 50 эрэгийиэниттэн 750-тан тахса исписэлиис кытынна.
edersaas.ru
Германияттан, Великобританияттан, Францияттан, АХШ-тан, Нидерландыттан, Польшаттан, Донецкайтан, Луганскайтан уонна Беларусь, Молдова, Латвия өрөспүүбүлүкэлэриттэн кэлбит ыалдьыттар олус интэриэһинэй дакылааттары оҥордулар.
Дьокуускайдааҕы Медицина кииниттэн ыарыһахтары өйүүр уонна көрөр-истэр киин сэбиэдиссэйэ Марианна Степанова кытынна. Кини лаборатория сулууспатыгар инновационнай технологиялары киллэрии туһунан дириҥ ис хоһоонноох дакылааты оҥордо. Саха сиригэр лаборатория сулууспата кэнники сылларга тэтимнээхтик сайдар. Нэһилиэнньэҕэ үрдүк технологиялаах чинчийиилэр, ол иһигэр онкомаркердар, ДГК-тэстэр, аллергоскрининг оҥоһуллаллар.
Дакылааты истибит дьон Саха Өрөспүүбүлүкэтэ медицинаҕа информационнай технологияларга атын эрэгийиэннэр ортолоругар инники миэстэҕэ иһэрин бэлиэтээтилэр.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru