Үрүҥ хайалар сахалыы отчуоту ирдээтилэр          

Бөлөххө киир:

Үгэспинэн, отчуот буолуохтаах кулуубугар эрдэ тиийдим. Отчуоттуохтаах дэлэгээссийэ сүүрбэччэ мүнүүтэнэн кэлиэхтээх. Бу – Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайатыгар отчуоттуу кэллибит.

Дэлэгээссийэ салайааччыта Владимир Тихонов (култуура миниистирэ) ааҕыахтаах дакылаатын чочуйа, атын чилиэннэр олохтоох дьаһалтаны кытта туруон сөптөөх боппуруостары билсэ дьаһалтаҕа хаалбыттара.

Олохтоохтор отчуоту күүтэ сылдьаллар.  Эр дьон кулуупка бильярдаан бачырҕатыһаллар. Отчуот буолаары турар тыына улаханнык биллибэт курдук. Фойеҕа аттыбар олорбут саас ортолоох киһиттэн ыйыталаһан билбитим, бары чааһынай кийдээх манна кэлэллэр эбит. Уопсай кий тостон, эмтэрийэн бүппүт буолуохтаах. Оонньуур таһымнара балай да үрдүк. Уустук нуучча бильярдыгар, муҥутаан, түөртүүтэ субуруччу лууҥкаҕа киллэрэр эр бэртэрэ кытта бааллар. Бу — муора кытыыта, Саха сирин уһуга! Дьон бильярдаан бачырҕатыһа сылдьалларын көрөргө астык.

Аарачынай кулууп туһунан. «Хэйро» диэн ааттаах, дойду 2015 сыллааҕы култуура бастыҥ тэрилтэтэ. Аргыардаах Лаптев муоратын кытылыгар турар диэтэххэ, олус итии бадахтаах.  Ааны аһан киирэн баран сабар диэни билбэт киһи манна элбэх. Кэлин киирээччи ону сабар… Быһа холоон, иһирдьэ +25 кыраадыс баар.

Отчуот. Сахалыы!

Владимир Тихонов саҕалаата. Чунуобунньук бу отчуотун астынным. 2005 сылтан саҕалаан араас дакылаатчыты иһиттим. Тихонов, атыттар курдук, А4 кумааҕыга умса түспэт. Бэйэтин тылынан сахалыы кэпсээтэ. Чахчы хос-хос лахсыйар наадата суох ээ – барыта биһиги хаһыаппытыгар тохсунньуга  бэчээттэммитэ. Олохтоохтор саалаттан хаһыытаан «бука бары сахалыы саҥаралларын» мас-таас курдук ирдээтилэр.

Сахалыы куттаах Сунтаар баһылыгынан урут үлэлээбит Тихонов итинтэн толлон турбата — “дьэ, бэрт” диэбиттии, уу сахалыы кутан-симэн барда. Сорох сиринэн өссө аһарыта түһэн, олоҥхо тылларын кытта туттан ылла: «Аҕыс иилээх-саҕалаах, орто туруу бараан дойду…»

Үрүҥ Хайаҕа ааспыт сылга хочуолунай тутары/ситэрэри туруорсубуттар эбит. Вице-премьердии олорон, Виктор Омуков сылдьыбыт. «ОДьКХ» ГУП саҥа эбийиэктэри тутууга мораторий биллэрэн кэбиспит. Кыһытыан иһин, Виктор Омуков бу ГУП-ка дириэктэринэн анаммыт. Өрөспүүбүлүкэ 9 млрд иэһин төлүөр диэри саҥаны тутар бобуулаах, иэһин төлөһөр. Онон Үрүҥ Хайатааҕы хочуолунай тутуута уһаабыт.

Быйыл 10 босхо телеханаал үлэлиэҕин Тихонов иһитиннэрдэ. Эһиил эмиэ босхо 10 эбиллиэҕин эппитигэр, дьон сэргэхсийдэ. Ол аата 20 ханаал көстүөҕэ.

Самалык отчуоттар

Сүрүн дакылаат кэннэ, үксүгэр, ыйытыыларга киирээччилэр. Бу сырыыга “маҥнай, кэлбит тойоттору барыларын истиэххэ” диэн буолла.

Арктика судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Иван  Соломов туран сахалыы олуттаҕастык Анаабырга былырыын 11 мөл. солк. көрбүттэрин кэпсээтэ. Олохтоохтор мыына быһыытыйдылар. Кини кэннэ тырааныспар миниистирин бастакы солбуйааччы Лена Семенова, доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Анна Алексеева бэйэлэрин салааларынан Анаабырга,чуолаан, Үрүҥ Хайаҕа туох үчүгэйи оҥорбуттарын кэпсээтилэр. Үс саха сахалыы нэһиилэ саҥарарын истэр хомолтолоох этэ.

Зайцев «былааһы ылла»

Алексеевалаах кэннэ, аны, тоҥ нуучча – Нэһилиэнньэ олоҕор куттал суох буолуутугар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Юрий Зайцев тырыбынаҕа таҕыста. Олохтоохтор нууччалыы саҥаны күүттүлэр.

Онуоха уоллара уу сахалыы кутан-симэн барбат дуо? Дьон уруйдуу түстэ. Кэпсиириттэн тугу да өйдөөн истибэтилэр бадахтаах: өрө уһуутуу ытыс таһына олордулар, онтон-мантан «маладьыас!» диэн хаһыытыыллар. Эдэр уолу таптыы көрө, ытыс таһына олордулар. Дьон өйөөбүтүгэр эдэр салайааччы долгуйбута көһүннэ. Иэдэһэ тэтэрдэ. Сахалыы саҥатын инникитин өссө элбэтиэ, тупсарыа диэн эрэниэххэ сөп.

Үрүҥ хайалар тылга болҕомтону олус да уураллар эбит. Олуттаҕастык саҥарбыт Соломов, Семенова, Алексеева кэннилэриттэн Зайцев сахалыы саҥатын чугастык ылыннылар.  Мин дьон үөгүтүн, ытыс таһыныытын быыһыгар Зайцев тугу отчуоттаабытын иһиллии сатаатым (олохтоохтор ол күн истибэтэхтэрин, саатар, манна аахтыннар):

— Бырабыыталыстыба 2016 сылга «күөх рейсинэн» (оҕуруот аһа, фрукта) 16 тоннаны аҕалбыт эбит буоллаҕына, быйыл 20 тонна кэлиэҕэ.  Доҕоттор, «Саханефтегазсбыт» тааралаах бензинигэр уонна «Якутоптторг» аһылыгар иэскитин кэмигэр төлөөҥ диэн көрдөһөбүн… Тоҕо диэтэххэ, судаарыстыбаннай     «СНГС» уонна «Якутоптторг» сыл аайы кирэдьиит ылан үлэлииллэр. Кирэдьииккэ иэстэрин эмиэ кэмигэр төлөөтөхтөрүнэ эрэ, эһиил хат кирэдьиит ылан бензин, хортуоска ыытыахтара.

Космос, эргэ таҥас уонна 5000…

Ыйытыылар саҕаланыахтара кэрэх, уопуттаах тыл этээччи, биэнсийэлээх Мария Донская туран кэллэ. Дьиҥнээх былаас норуокка баарын (кининэн сирэйдэнэн) кэлбит дэлэгээссийэ бэрт сотору өйдөөтө: «Ичигэс кэбиниэттэргэ олорор буолан, эһиги тугу да өйдөөбөккүт!» — диэн буолла. Салгыы аны «сылаас кэбиниэти» кытта улахан сибээһэ суох, халлаан куйаара таарылынна: «Айылҕа алдьанна. Бастаан космоһы ыраастааҥ, онтон сиргэ  ылсыҥ. Туох-туох саккыраан эрэрин айбыт таҥара бэйэтэ билэр». Бүлүү, Өлөөн эҥээр аракыата тобохторо саккыраабыттарын эттэ быһыылаах. Салгыы космостан сиргэ түстүбүт, таҥаска-сапка тиийдибит: «Мин сэбиэскэй саҕана атыыласпыт таҥаспынан сылдьабын, онтум илбирийэн бүттэ. Дьоҥҥо үбүнэн көмөлөһүҥ». Манна даҕатан, тохсунньуга биэнсийэтигэр эбии 5000 солк кэлбитин, ону мыынарын иһитиннэрдэ. Маарыйа уоттаах-төлөннөөх ыйытыытын бэрт уһун этиигэ кубулутан кэбистэ. Мах бэрдэрэн дуу, этиитигэр сөбүлэһэн дуу, быһаччы ыйытыы суоҕуттан дуу – бырабыыталыстыба чилиэннэрэ киниэхэ тугу да хоруйдаабатылар. Көннөрү истэн эрэ кэбиһии буолла. Мария Донская да улаханнык хомойбото бадахтаах: отчуот бүтүөр диэри өссө иккитэ туран, бииртэн биир тиэмэҕэ көһө сылдьан тыл этитэлээтэ.

Сайыннары оттуҥ!

Владимир Тихонов култуура тойоно буоларыттан иҥнибэтилэр: коммуналка боппуруостарын хото биэрдилэр. Үрүҥ Хайа дьиэлэрин сайыннары оттору туруорустулар. Таһырдьа +10 буоллар эрэ сылааһы арааран кэбиһэллэр эбит: “Муора кытылыгар турар Үрүҥ Хайа — Өлүөхүмэ буолбатах.  Сайынын манна 7-12 эрэ кыраадыс сылаас!” – дэстилэр. Тихонов онуоха «миигин тугу да быһаарсыбат киһиэхэ холуйдулар» дии санаата быһыылаах. Кыратык өһүргэммит киһи чинчитинэн, урут “бүтүн Сунтаар улууһун баһылыгынан үлэлээбитин, хаһаайыстыбаннай дьыалаҕа балай эмэ быһаарсарын» эттэ. Оттуу боппуруоһугар ылсыах, куоракка тиийэн быһаарсыах буолла. Ол эрэн, быһаарыллыыта маннык эбит. «ОДьКХ» ГУП бэрэстэбиитэлэ Юрий Садовников эппитинэн, ГУП (харчыга өҥө оҥорор эрэ тэрилтэ – аапт.) төлүүр эрэ буоллаллар, төһө баҕарар оттор кыахтаах. Бэйэтин суотугар, биллэн турар, оттуо суоҕа. Сыл инниттэн баһылык дуогарбар баттаһыахтаах, сайаапка түһэриэхтээх. Оччоҕо ГУП соччо уматыгы таһар, дьоҥҥо хамнас төлүүр — сайыннары оттор.

Түмүк

Ити икки ардыгар киэһэ уон буола оҕуста. Ыйытыы сэллээбитин, ыйытааччы аҕыйаабытын көрөн Тихонов:

— Отчуокка тус рекордум Антоновкаҕа (Ньурба) 5 чаас, Суоттуга (Уус Алдан) 4 чаас олорбутум.  Хайыыбытый, ити рекордары охсорго турунабыт дуу, түмүктүүр суолу тутабыт дуу?

— диэн дьээбэлээхтик ыйыппытын дьон сөбүлээтэ. Олохтоохтор да сылайбыт этилэр. Түмүктүүргэ уолдьаспытыгар сөбүлэстилэр, бырабыыталыстыба 2016 сыллаах үлэтин “биһириибит» диэн куоластаатылар.

Прокопий БУБЯКИН, https://edersaas.ru

Дьокуускай — Үрүҥ Хайа.  Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

ЫЙТЫЫ-ХОРУЙ

Ыраас уу

Дмитрий Туприн, Ленин уордьаннаах табаһыт, биэнсийэлээх:

— Үрүҥ Хайаҕа ыраас уу боппуруоһун туруорсабын. Уубут кирдээх. Өлөөн улууһун Дьэлиҥдэтигэр уран хостоон эрэллэрэ өрүспүтүнэн биһиэхэ дьайар, тохтотуҥ!

Үрүҥ Хайа нэһилиэгин баһылыга Канат Алькенов:

— Ууну ыраастыыр установканы бырабыыталыстыба туруорбута. Сууккаҕа 3 кубометр ууну ыраастыыр. Ол эрээри… атыыласпаттар. 19 лиитэрэлээх баллон 60 солкуобай. Ыраас уулаах күөлтэн уу турбатын тардары туруорсаллар, босхо уу наада…

Банкомат

Спиридонов Дмитрий, сварщик:

— Дьоҥҥо өҥө оҥоробун, уу харчы суоҕа олус атахтыыр. Банкомат туруоруҥ…

Анаабыр улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Валерий Зедгенидзев:

  • «Анаабыр Алмаастара» Өлөөн Дьэлиҥдэтигэр банкомат туруорбута. Соннук Үрүҥ Хайаҕа эмиэ туруоралларын гына этиэхпит.

Онон, алмаасчыттар Дьэлиҥдэҕэ туруорбут «буруйдарыгар» манна эмиэ туруораллара наада буолла.

Арыгы “туочукалара”

Вера Кылтасова, Үрүҥ Хайатааҕы аҕыйах ахсааннаах омуктар түмсүүлэрин чилиэнэ:

— Арыгыны таһыыны хайдах хонтуруоллуугутуй, уопсайынан? «Трезвая Арктика» форумҥа Эдьигээн улууһугар кыттан кэллим. Онно «арыгы кэлиитин-барыытын толору хонтуруоллуохпут» диэн эппиттэрэ. Ол төрүт да сымыйа эбит. Холобур, күһүн уу суолунан биир партия арыгы кэлбитэ. Үрүҥ Хайаҕа  атыытын боппуппут эрээри, «туочукалар» элбэхтэр. Уу суолунан кэлбит арыгыны Сааскылаахха илдьээри туран, манна уҥа-хаҥас атыылыыллар. Ону хайдах хонтуруоллуугутуй?

Уопсастыба бэйэтэ арыгыны утарсарын, долгуйарын көрөн астынным.

Арыгы атыытын хонтуруоллуур управление салайааччытын солбуйааччы Василий Григорьев:

— ЕГАИС систиэмэнэн, каасса нөҥүө охсуллубут буоллаҕына, ханна төһө атыылаһыллыбытын-атыыламмытын хонтуруоллуубут. Арыгыны утары дьон-сэргэ туруннаҕына, кыайыахпыт.

Кыһыҥҥы суол

Тамара Кылтасова, олохтоох оскуола учуутала:

— Кыһын Анаабыр өрүс мууһа (Үрүҥ Хайа — Сааскылаах суола өрүс устун барар — аапт.) 30 туоннаны уйардыы халыҥыар диэри суолу анньыбаттар. Кыра массыыналар сылдьар буоллулар эрэ суолу оҥоруохтарын наада. Сайыҥҥы суолу эбэтэр тутуҥ.

Тырааныспар миниистирин бастакы солбуйааччы Семенова:

— Бу суолу «Анаабыр Алмаастара» анньаллар (муора пуордуттан алмаас хостуур учаастактарыгар таһаҕастарын таһар суоллара). Өрүс суолун түһүмэҕинэн аһыыны толкуйдуохпут. 30 тоннаны кэтэспэккэ, 5 туоннаттан саҕалаан суолу анньыахха наада. Ол аата, К-700 буолбакка, кыра ыйааһыннаах суолу анньар тиэхиньикэ ирдэнэр… Сайыҥҥы суол чааһыгар: Ил Дархан быһаарыытынан, харчыны бытарыппакка, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ икки эрэ суолу тутабыт: Амма — Уус Маайа трассаны уонна Кэбээйини Бүлүү трассатын кытта холбуур суолу. Атын суоллар бары — бу икки бүппүтүн кэннэ, 2020 сыл кэннэ.

Фекалка-массыына

Федот Туприн, фекалка массыына суоппара:

— Үрүҥ Хайаҕа канализация суох. Толору хааччыллыыга киирдибит эрээри,  мин кирдээх ууну «Молоко» массыынанан таһа сылдьабын. Оборор носуоһа суох. “Глубиннай носуостар” эбийиэк аайы тураллар, кирдээх ууну массыына цистернатыгар быраҕаллар. Балар быыстала суох алдьаналлар. Хоту сир олоҕун ити носуостар уйбат эбиттэр. Бэйэтэ оборор носуостаах, аналлаах фекалка массыына бэйэтэ шланга уган обороро наада…

Манна хоруй биэрбэтилэр, боротокуолга киллэрдилэр. Мин кэтээн көрүүбүнэн, отчуоттар кэннэ маннык боппуруостар саамай түргэнник быһаарыллааччылар. Массыына атыылаһыы – дьиэни тутуу буолбатах. Онон, Федот эһиил күһүн саҥа массыынаҕа олорорго бэлэмнэниэн сөп.[vc_video link=»https://www.youtube.com/watch?v=IkP0suKivL8″ title=»ВИДЕО»][vc_video link=»https://www.youtube.com/watch?v=FNBQTkgM-lk&feature=youtu.be» title=»Анаабыр тибиитигэр Крузер сүүрэр»]

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0