Бүгүн Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайатыгар бензовоз массыына емкоһа тоҕо баран, икки киһи өлүүлээх улахан саахал таҕыста.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Үрүҥ Хайа баһылыгар Канат Алькеновы кытары төлөпүөнүнэн сибээскэ тахса сырыттыбыт. Канат Алькенов:
— Саахал тахсыбытын силиэстийэлии сылдьаллар. Икки киһи өллө. Чааһынайдар уматык куттаарылар, маннык хомолтолоох түбэлтэ таҕыста. Чопчу ханнык уматык буоларын этэр кыаҕым суох. Арааһа, бензин буолуохтаах.
Сурах хоту иһиттэххэ, биир өлбүт киһи «Анаабыр алмаастара» хампаанньа үлэһитэ үһү. Билигин Сааскылаахтан полиция үлэһиттэрэ Үрүҥ Хайаҕа айаннаабыттарын туһунан улуус дьаһалтатын үлэһиттэрэ иһитиннэрдилэр.
Ыспыраапка
Үрүҥ Хайа сэлиэнньэтэ. Долганнар түөлбэлээн олороллор. Тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэлээх. Сүрүн дьарыктара – тыа хаһаайыстыбата. Табанан, булдунан уонна балыктааһынынан дьарыктаналлар. Сааскылаахтан 160 км сытар сиргэ сайынын катерынан айанныыллар, оттон күһүҥҥү-сааскы ыйдарга улуус киинин кытары сибээстэрэ быстар.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/