ҮРҮҤ ХААР АЛГЫҺЫН ЫЛЫНАН

Ааптар: 
24.10.2021
Бөлөххө киир:

Норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия бэстибээлин кыттыылаахтарын айымньыларыттан

Үгэскэ кубулуйбут “Үрүҥ хаар алгыһынан” норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия бэстибээлэ быйыл алтынньы 26-28 күннэригэр Дьокуускай куоракка алтыс төгүлүн ыытыллыаҕа. Быйылгы бэстибээл САССР төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэр чэрчилэринэн барыаҕа.

“Үрүҥ хаар алгыһынан” поэзия бэстибээлэ 2012 сылтан тэриллэн ыытыллар. Сүрүн сыалынан уус-­уран тылбаас нөҥүө саха литературатын Арассыыйа атын эрэги­йиэннэригэр, тас дойдуларга таһаарыы буолар. Манна Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн эрэ буолбакка тас дойдуттан бэ­­йиэттэр, суруйааччылар, тылбаасчыттар, кириитиктэр түмсэллэр. Тэрээһин түмүгүнэн тас дойдулар сурунаалларыгар, хаһыаттарыгар, альманахтарыгар, хомуурунньуктарыгар саха поэттарын, суруйааччыларын айымньылара тылбаастанан бэчээттэнэн тахсаллар. Ону сэргэ польскай, та­­таар тылларынан саха аныгы поэзиятын антологиялара күн сирин көрбүттэрэ.

Быйылгы бэстибээл кыттыылаахтарын хоһооннорун бэчээттиибит.

ЗАКИ АЛИБАЕВ (БАШКОРТОСТАН ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТЭ)

Бэйиэт, литературовед, филология наукатын хандьыдаата. Башкортостан Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтин Курултайын дьокутаата, М.Акмулла аатынан Башкир судаарыстыбаннай педагогикаҕа университетын дассыана. Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин үтүөлээх үлэһитэ.

ХААР ТҮҺЭР

Сиргэ дьол кыырпахтарын

ыһан,

Үҥкүүлүү тохтор маҥан хаар.

Олоҕум ааспыт кытылын

кытта

Ситимниир ыллыгы саба

түһэр.

Бу чэпчэки кыырпахтартан

Сүрэхпэр дьол ырыата

айыллар.

Олоҕум хараҥа хахтарын

Саҥа хаар ньылбы сууйар.

Туналҕаннаах аан дойдум

Хараҥа мэҥнэри ыйыстар.

Ол маҥан хаар алгыһыттан

Сырдык сардаҥа саҕыллар.

Гаврил АНДРОСОВ тылбааһа.

НАТАЛЬЯ АХПАШЕВА (ХАКАСИЯ ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТЭ)

Бэйиэт, тылбаасчыт, филология наукатын хандьыдаата, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чи­­лиэнэ. Н.Ф.Катанов аатынан Хакас судаа­­рыстыбаннай университетыгар үлэлиир. Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ.

* * *

Таас эмэгэт

Үйэ нөҥүө одуулаһар.

Кэм-кэрдии таас сирэйи

Мыччыһыннара таарыйар,

Истиэп отун сиэлин

Үйэ тыала имэрийэр.

Хаар уонна ардах

Батысыһа кэлэллэр.

Эмэгэт дьүһүнэ тыйыс.

Хамсаабат хараҕыҥ харатын

Кымырдаҕас ороҕо хайыппыт.

Хайалар арҕастарыгар

Киэһээҥҥи сарыал сытар,

Кургаан тэллэҕэр

Күлүк уһаатар уһуур,

Сойон эрэр таас анныгар

Эриэн үөн түүрүллэн утуйар.

Наталья ХАРЛАМПЬЕВА тылбааһа.

ИЛЬЯ ВИНОГРАДОВ (МУРМАНСКАЙ УОБАЛАС)

Бэйиэт, прозаик, публицист, тыл­­баасчыт, Арассыыйа Суруйааччыларын со­­йууһун бырабылыанньатын сэкирэтээрэ уонна Мурманскайдааҕы салаатын бэрэссэдээтэлэ. Мурманскай уобалас күбүрүнээтэрин эдэр суруйааччыларга аналлаах гранын уонна “Мурманскайга култуура уонна ускуустуба сайдыытыгар тус кылаатын иһин” Мурманскай куорат баһылыгын бириэмийэтин лауреаттара.

* * *

Хаар дойдум, хайа саҕа

хомурахтар –

Уоттан сырдык, күлтэн курус…

Уонна кыстыыр чыычаахтар –

Хаар курдук өлбөөрбүттэр.

Түгэн – тиэтэл, кыраһаны

ытыйар,

Өһөс чаһы ирбэт мууһу

санатар,

Онно киирэн хам тоҥоллор

Ааспыт күннэр-хонуктар.

Соҕуруу талаһыаҥ, онно да ситиэҕэ

Хаар да буолбатар, кумах

тибиитэ.

Хайа да бэйэлээх улуу

байҕаллар

Санааны суурайбат үһүлэр…

Үрдүктэн үрдүк очуоска мин

Күн утаҕын тутан тураммын

Күн туһата суох олохпун

сиэтэбин,

Хаарыан сааспын халтайга

ыытабын.

Ийэ сирим кып-кыра – сүүтүк

эрэ саҕа,

Ийэ сирим кыратыан – иннэ

үүтүн саҕа,

Ол эрэн киэҥ куйаар хайа да

муннуга

Тэҥнэспэт кини уу

чуумпутугар.

Киэҥ халлаан хаайыы курдук

кыараҕас –

Өскөтүн сүрэҕиҥ таптаабат

буоллаҕына.

Ол эрэн кини чыпчаал түгэҕэ

аһаҕас –

Кыра да уот итии тыыны

күөртүөҕэ…

Хаар чаҕыла. Ыраас халлаан

сырдыгар

Көтөр саҥата дуораһыйар.

Дьол өрүү эн таскар, эн

аттыгар –

Эккирэттэххинэ куотуо курбайа…

Рустам КАЖЕНКИН тылбааһа.

САЯТ КАМШЫГЕР (КАЗАХСТАН)

Бэйиэт, оҕо суруйааччыта, тылбаасчыт, Казахстан Суруйааччыларын со­­йууһун чи­­лиэнэ. “Алтын Сақа” кинигэ кыһатын бас эрэдээктэрэ. Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна бэчээккэ туйгуна. “Серпер” ыччат литератураҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи бириэмийэтин лауреата.

ХААР ТҮҺЭ ТУРДАҔЫНА

Хаар эн кыламаҥҥар

түстэҕинэ,

Кырыа кыһыны уруйдуу

көрүс –

Эн аттыбар бааргар

Миигин тымныы таарыйбат.

Хаар хайдах кыыдамныырын

көрүүй –

Кичэйэн бүрүйэр тулабытын,

Алматы куораппыт киэргэнэн,

Үп-үрүҥ торҕоҕо сууланар.

Сырдыыр хаартан

кутум-сүрүм.

Кири-хоҕу, аньыыны-хараны

Кини суурайар, ыраастыыр

Уонна бэлэхтиир саҥа тыыны.

Хаар түһэр. Абылыыр.

Чэбдигирдэр.

Хаарчааннар үрүҥ көмүс

сулусчаан буолан,

Кыайыыга, дьолго эрэ

сирдииллэр…

Сүргэни көтөҕө, туланы

сырдата

Ып-ыраас хаар түһэр,

үллүктүүр!

Яна БАЙГОЖАЕВА тылбааһа.

РАФИС КОРБАН (ТАТАРСТАН ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТЭ)

Бэйиэт, оҕо суруйааччыта, драматург, Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин Суруйаач­чыларын сойууһун чи­­лиэнэ. “Казан утлары” сурунаал прозаҕа салаатын эрэдээктэрэ. Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ.

ТӨРӨӨБҮТ ДОЙДУ КЫҺЫНА

Тиллибит аптаах остуоруйа.

Чуумпу алаас, бүтэҥи алар.

Бу – айыы кутунан туолуйуу.

Бу – кэми-кэрдиини уоскутуу.

Кэбис, уйгуурбатын бу чуумпу.

Өр да өр иһийэн иһиллиэм.

Салгыппат бу түгэн уһаатын!

Аан дойду бу манна

киинэннин!

Маҕан сиэллээх дойдум

кыһына

Төннөрдө оҕо саас ыырыгар,

Тулабар хаайтарбыт

хайҕалтан

Турабын тылбыттан

матаммын.

Сүрэҕим сөҕүүттэн тохтоото.

Ытык күн иэйиини тосхойдо.

Айар кут айыллар биһигэ

Төрөөбүт дойдум –

Эн эбиккин!

КУОРСУННААХ тылбааһа.

БОРИС ЛУКИН (МОСКВА УОБАЛАҺА)

Бэйиэт, кириитик, тылбаасчыт, кинигэ таһаарааччы, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. П.М.Ершов аатынан Тыйаатыр ускуустубатын институтун преподавателэ. Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун Литератураҕа улахан бириэмийэтин лауреата.

ЫРЫАҔА КУРДУК

Ырыаҕа курдук –

хаар биилбинэн…

Вычегда турбута ырааппыт.

Сылтан сыл хатыланар –

Тоҥсоҕой бүппэт «сэһэнинэн»

Баран иһэбин балыктыы,

Саатар, куоскабын аһатаары…

Эмиэ да күлүүлээх идэ дии –

Дьиэттэн, түбүктэн куотунуу,

Чуумпу үрэххэ хорҕойуу,

Иһэргэ төрүөтү булунуу…

Эбэтэр электричкаҕа

иһэҥҥин

Ыллыаҥ ис куккун иһиллии!

Сыһыарыаҥ эккин-сииҥҥин

Түннүккэ. Үтүө күҥҥэ диэри

Харыстаныаҥ. Храм ааныгар,

баҕар,

Куоска кэриэтэ аһатыахтара.

Этэ-сиинэ суох куҥ куппар

Холку буолуо эбит да,

Төһөнөн кини бүөбэйдэнэр –

Соччонон ыарахан буолар

Үлэ күнүгэр үөрэнэрэ,

Дьон эйгэтигэр төннөрө…

Арай тымныы хаарыйыаҕа,

«Сүүс кыраам» эрэ абырыаҕа:

Эмиэ санатыа үлэ диэни,

Суобаһы, иитиллиини,

Иэс уонна чиэс тустарынан,

Биилинэн хаар туһунан…

Ыллык тэлэн кэбистэрбин,

Эмээхсин уонна оҕочоос

Тыыннаах ууга тиийиэхтэрэ,

Ырыаҕа курдук, этиэхтэрэ:

Олох устар…

УРСУН тылбааһа.

РУЗАЛЬ МУХАМЕТШИН (ТАТАРСТАН ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТЭ)

Бэйиэт, драматург. Татар­стан Өрөспүүбүлүкэтин Суру­йааччыларын со­­йууһун уонна Татаар ПЕН-киинин чилиэннэрэ. Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин Миниис­тирдэрин кэби­­ниэтин аппараатын иһинэн Татарстан норуоттарын тылларын сайыннарар сиэктэр сэ­­биэдиссэйэ. М.Джалиль аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи бириэмийэ лауреата.

* * *

Кыһыммыт эмиэ кылбас

гынна…

Эҕэрдэлэспэккэ эрэ, суол

устун

Силлиэ буолан сиэлэ турда.

Оҕонньор аа-дьуо

күрдьэҕинэн

Хаары кытта мадьыктаһан

суол тыырар.

Уот ситимигэр быһа охсуллан

тыал ытыыр…

Оҕонньор саба саҥарар:

– Суланыма-кэлэнимэ!

Дьарыллыбытыттан

уордайбыт

Кыһын обургу

Өһүргэнэн силбиэтэнэр,

Хаары хааһаҕынан уҥа-хаҥас

тамнааттанан:

– Дьуоппайамаат*!

Өскөтүн эн итинник

буоллаххына!.. –

Оҕонньорго суос бэринэр.

Кыл түгэнигэр.

Ол өһүөн чысхаанын мин

таптыыр эбиппин!

Күнүскү күөс чугаһаатар да

Үлэбэр барарга тиэтэйбэппин,

Сөҕө-махтайа тулабын

одуулаһабын.

Бу тугуй? Бу туох дьикти

туругай?

Кыһын маннык кимэн

киирбитин

Өссө хаһан да мин билэ

илигим! –

Дьиҥнээх кыһын!

Кыһын кэлбит, уот харахха…

* Нууччалыыттан киирбит үөхсүү тыл.

Гаврил АНДРОСОВ тылбааһа.

ЕЛЕНА ПИЕТИЛЯЙНЕН (КАРЕЛИЯ ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТЭ)

Бэйиэт, прозаик, педагогика наукатын хандьыдаата, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын сэкирэтээрэ уонна Карелиятааҕы салаатын бэрэссэдээтэлэ. “Север” сурунаал бас эрэдээктэрэ. РФ бэрэсидьиэнин бириэмийэтин лауреата.

САҤА ХААР

Бып-бытархай оҕуруолуу

кырылаан

Бастакы хаар лабааларга

ыйаммыт,

Ахтылҕанын таһаарардыы

хам сыстыбыт.

Ыйдаҥа сулустары мэлийэн

баран

Өрүстэр быаларыгар кутан

ыспыт.

Алдьана илик бу үрүҥ тунал

Ким эрэ дьулуһар ыыра

буолуо.

Ким эрэ ол тыырбыт суола

Атыттар олохторун толуйуо.

Быйылгы дьыллааҕы бу

хаар –

Бастакы тыырар ыллыгым.

Баҕарабын үтүө санаа эрэ

наар

Ол айаммын арыаллаһыан.

Бастакы хаар наһаа да

чоруун,

Бастакы хаар үп-үрүҥ хоһуун.

Кини чаҕылыйар сыралыгар

Ууллуу – дьылҕам бэлэҕэ

буолар.

Сэмэн ТУМАТ тылбааһа.

КАРИНА СЕЙДАМЕТОВА (МОСКВА КУОРАТ)

Бэйиэт, Арассыыйа Суру­йааччыларын сойууһун чи­­лиэнэ. “Наш современник” сурунаал поэзияҕа салаатын эрэдээктэрэ. “Наш современник” сурунаал Ю.П.Кузнецов аатынан поэзияҕа, “Сиэрдээх Арассыыйа” баартыйа “Кырдьык уонна сиэрдээх буолуу соноругар” литератураҕа бириэмийэлэрин, “Соколики русской земли” Бүтүн Арассыыйатааҕы поэзия бэстибээлин лауреаттара.

* * *

Тугу да утарбат

Айыы хараҕа!..

Хара сири ууруур

Маҥан, маҥан хаар.

Тохтоло суох сыыйа

Хаар түһэр, түһэр,

Үрүҥ үҥкүүтүгэр

Сири үллүйэр.

Үрдүк таас дьиэлэри,

Тыаны, күөллэри

Сырдата түһэҕин

Айыы киһитинии,

Сэтинньи түүнүгэр

Хаардыын хаар буолан,

Барбытыҥ ыраахха

Өлүүнү батан.

Эн аны атыҥҥын,

Эн аны хааргын…

Эн тирииҥ иһигэр

Чысхаан тыаллааххын.

Арай, кыһын халыҥ

Хаарга баттатан

Сүрэххэ саспыты

Саныыбыт ахтан:

Хаар сири кууһарын.

Хаар… уонна аҕам.

Зинаида АРХИПОВА тылбааһа.

АЛТЫНАЙ ТЕМИРОВА (КЫРГЫЗСТАН)

Бэйиэт, драматург, тылбаасчыт, киинэ сценариһа. Кыргызстан Суруйааччыларын сойууһун, Кыргыз ПЕН-киинин, Кыргызстан Кинематографистарын сойууһун чилиэннэрэ. М.Жангалиев аатынан Куукула өрөспүүбүлүкэтээҕи тыйаатырын литератураҕа чааһын сэбиэдиссэйэ. Барпа уонна Т.Абдумомунов ааттарынан литература бириэмийэлэрин лауреата.

* * *

Халлаантан тэлээрэ түһэллэр

Үрүҥ үрүмэччилэр.

Үрдүк айыылар илдьиттэрэ,

Туналхай сардаҥалара,

Куппун абылыыллар,

Сүрэхпэр сөҥөллөр.

Хабыс хараҥаҕа,

Чуҥкунас чуумпуга,

Сонньуйбут сир-дойду

ньууругар

Курус дорҕоон долгуһуйа

кутуллар,

Өтөрүнэн тохтооботтуу,

уурайбаттыы,

Оргуйар хааным хаһан

сойуор диэри…

Үрүҥ үрүмэччилэри тэлээрпит

Үрдүк мэҥэ халлаан

Дьикти дьиримнэс

дьэргэлгэнэ

Харахпар суһумнуу оонньуур.

Кини үрүҥ үрүмэччилэрэ

Ким уотун кистэлэҥнэрэй?

Саҥа саҕыллыбыт

Сулустар сардаҥалара

Буолуо дуу?

Кутаа тула сынньана сыппыт,

Өстөөхтөр кыргыбыт

буойуттарын,

Өспөтөх куттарын уоттара,

Буолуо дуу?

Хараҥа уонна сырдык

харсыһыыта,

Хара уонна үрүҥ күөн

көрсүһүүтэ,

Өҥү булуу, биитэр сүтэрии,

Ол былдьаһыыта,

Онтон харах саатыыта.

Дьыл-хонук ситимнээх,

Туох барыта кэмнээх.

Буойуттар өспөтөх куттара,

Оргууй хаар буолан түһэллэр.

Чуҥкунуур үрүҥ чуумпуга,

Мин кутум көтүө турдаҕа…

Альбина БОРИСОВА тылбааһа.

ВАДИМ ТЕРЕХИН (КАЛУГА УОБАЛАҺА)

Бэйиэт, Арассыыйа тылга-өскө академиятын дьиҥнээх чи­­лиэнэ, Петровскай наука уонна ускуустуба академиятын чи­­лиэн-кэрэспэдьиэнэ, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун хос бэрэссэдээтэлэ уонна Калугатааҕы салаатын бэрэссэдээтэлэ, “Мир без стен” аан дойдутааҕы поэзия хамсааһынын сүрүннүүр сүбэтин чилиэнэ. Элбэх норуоттар икки ардыларынааҕы уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы бириэмийэлэр лауреаттара.

* * *

Таҥара, бырастыы гын,

Анньыылаахтары!

Барыта биллэр эрдэттэн –

Сир ийэ тэҥҥэ иҥэриниэ

Харса суоҕу, итэҕэллээҕи…

Олоҕо олус табыллыбыт,

Барытыгар тиксибит,

Дьолун туһугар тутуо

Таҥара иннигэр эппиэти.

* * *

Аан дойдуну аймаабыт

Дьаҥтан саһан олоробун,

Поэт этим уруккута –

Балаҕан иччитэ буоллум.

Бүтэр уһуга биллибэт

Карантиҥҥа олоробут,

Ол сылдьан Таҥараҕа

Чугаһаабыт курдукпун.

Малыыппа ааҕабын, үҥэбин,

Чүмэчини уматабын…

Холумтаным кэнниттэн

Кэлэр кэми алҕыыбын.

Наталья ХАРЛАМПЬЕВА тылбааһа.

АИДА ЭЙВАЗОВА (АЗЕРБАЙДЖАН)

Бэйиэт, публицист, суруналыыс, Казахстан эрэдээктэрин кулуубун бочуоттаах чи­­лиэнэ. Түүр норуоттар икки ардыларынааҕы академиятын Бекир Чобанзаде аатынан, Азербайджан дьахталларын түмсүүтүн “Сара Хотун”, Азербайджан Суруналыыстарын сойууһун Гасан бек Зардаби аатынан бириэмийэлэрин лауреаттара.

ДЬОКУУСКАЙГА ХААРДЫЫР

Дьокуускайга тохтуу-тохтуу

Хаардаан ылла бу киэһэ,

Ааспыт кэми умуннара

Хаар лабааларга ыллаата,

Тыал обургу ыспакка

Нуһараҥҥа нуктаата.

Дьокуускайы тохтуу-тохтуу

Хаар ийэлии симээтэ,

Куорат сүктэр кыыстыы

Туналыйа сандаарда.

Хас ураты кыырпахха

Ыйдаах сулус мичээрэ,

Халлаан сиигин саната

Хаар суоллары бүрүйдэ.

Хаартан кыламаным сиигирэр,

Хаартан хара баттах туртайар

Дууһабын ыраастаан ыллатта,

Сүрэхпэр үөрүүнү күөдьүтэ.

Дьокуускайы тохтуу-тохтуу

Түүн хаарынан үллүйдэ.

Соҕотох бөрө улуйан

Миигин ыраах угуйда.

Оргууй түһэр хаары кытта

Хараҕым уута холбоһон,

Туймаада уруккутун,

Былыргыны санатта…

Туймаадаҕа тохтуу-тохтуу

Хаардаан ылла бу киэһэ,

Бөрө суолбун ирдээн кэлэн

Халлааҥҥа сирдээн илтэ…

Елизавета МИГАЛКИНА тылбааһа.

Хаартыска СИА архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0