“ҮРҮҤ ХААР АЛГЫҺА” — поэзия бэстибээлэ доҕотторун төрдүс төгүлүн түмүөҕэ
Быйыл алтынньы 19 күнүгэр Дьокуускайга ыытыллар “ҮРҮҤ ХААР АЛГЫҺА” IV норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия бэстибээлигэр ыраахтан-чугастан айар куттаах ыалдьыттарбыт — бэйиэттэр, тылбаасчыттар, кинигэ таһаарааччылар, литературнай кириитиктэр, суруналыыстар кэлиэхтэрэ.
Үгэс быһыытынан, поэзия бу кэрэ бырааһынньыга М.К.Аммосов аатынан ХИФУ “Сэргэлээх уоттара” Култуурунай киинигэр үөрүүлээхтик аһыллыаҕа.
Быйылгы бэстибээл, төрөөбүтэ 100 сылын киэҥник бэлиэтээбит тапталлаах суруйааччыбыт, саха норуодунай бэйиэтэ Семен Данилов сырдык аатыгар ананар. Кини, Семен Петрович үрүҥ хаар туһунан хоһоонун нууччалыы тылбаастаммыт строкалара манныктар дии:
“Я от снега не бегу,
Я родился на снегу,
На меня струилась с неба
Благодать большого снега!”.
Санатар буоллахха, аан бастакы бэстибээл Саха сиригэр 2012 сыллаахха ыытыллыбыта, онтон ыла маннык поэзия бырааһынньыгын тэрийии үтүө үгэс буолла диэххэ сөп. Манна араас омук бэйиэттэрэ түмсэн, кэпсэтэн, бодоруһан, инникитин айымньылаахтык бииргэ үлэлэһэргэ аартыктар арыллаллар: ким тылбаасчытын булар, ким бэстибээлгэ, куонкуруска кыттар суолун тобулар, ким көннөрү биир санаалаах киһитин таба тайанар… Урукку бэстибээллэр тумуктэринэн Польшаҕа саха аныгы поэзиятын антологията тахсыбыта, үгүс саха суруйааччыларын айымньылара англия, болгар, поляк, вьетнам, турок, кыргыз, татаар, тыва, бүрээт тылларыгар тылбаастанан, омук дойдуларын хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар таҕыстылар.
—Төрдүс бэстибээлгэ биһиэхэ элбэх интэриэһинэй ыалдьыт кэлиэҕэ – холобур, Словения бэйиэтэ Андрей Хочевар, Удмуртия норуодунай бэйиэтэ Ар-Серги, Азербайджан бэйиэтэ Акбер Гошалы, татар бэйиэтэ Рифат Салах, Москва бэйиэтэ Алексей Полубота, Англияттан кинигэ таһаарааччы Марат Ахмеджанов, Москваттан тылбаасчыт Жанна Перковская уо.д.а. Бу сырыыга бэстибээл кыттыылаахтарынан бэйэбит бэйиэттэрбит эмиэ буолуохтара – Мирнэйтэн Сергей Москвитин, Дьааҥыттан Лиза Мигалкина, Дьокуускайтан Рустам Каженкин уонна Ольга Пашкевич, — диэтэ бу бэстибээли тэрийээччи, саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева.
Татьяна МАРКОВА.
Билсиҥ, ыалдьыппыт айымньыта
Вячеслав Ар-Серги (Удмуртия, Ижевскэй к.),
Удмуртия норуодунай суруйааччыта
Вячеслав Витальевич Сергеев-Ар-Серги 1962 сыллаахха Удмуртскай АССР Завьяловскай оройуонун Новая Казмаска дэриэбинэтигэр төрөөбүтэ. 1984 сыллаахха Удмурт судаарыстыбаннай университетын филологическай факультетын, кэлин А.М. Горькай аатынан Литературнай институт Үрдүкү литературнай куурустарын бүтэрбитэ. Сэбиэскэй Армияҕа сулууспалаан баран суруналыыстыка эйгэтигэр үлэлээн корреспондентан саҕалаан “Кизили” сурунаал сүрүн редакторыгар тиийэ үүммүтэ.
Кэлин “Кайрос” киностудияҕа сценариһынан үлэлээн баран, 1990-с сыллар бүтүүлэриттэн ыла идэтийбит суруйааччы быһыытынан айар үлэнэн дьарыктанар.
1989 сылтан ССРС, кэлин Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Поэт, прозаик, драматург, киносценарист, тылбаасчыт. 2003 сылтан Удмуртия норуодунай суруйааччыта, 1998 сылтан Удмуртия Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Удмуртия комсомолун Флор Васильев аатынан (1991), Москва Суруйааччыларын сойууһун Россиятааҕы А.П. Чехов аатынан (2009), Бүтүн Россиятааҕы “Золотой Дельвиг” (2013), “Югра” норуоттар икки ардыларынааҕы литературнай бириэмийэлэр лауреаттара.
Ситэ ыллаабакка
Удмурт оҕонньорун тиһэх күнэ –
Ытыһыгар – чүмэчи уота…
Наардаата түүллэрин барытын,
Таптаабыт дьахталларын санаата.
Хараҥа улам хойунна,
Күүһэ-уоҕа эһиннэ,
Хараҕын уота өлбөөдүйдэ,
Таҥара диэки харбаста.
Уоһун иһигэр малыыппатын
Хос-хос оргууйдук ботугураата,
Кини ол тиһэх тылларын
Иһиттэ кырдьаҕас куоската.
– Ах!
Талба дьахталларбын
Дуоһуйа таптаабатахпын,
Кыынньар бырааҕам уоҕун
Уоскуйа омурдубатахпын,
Ырыабын ситэ ыллаабатахпын,
Өстөөхтөрбүн ситэ өһөрбөтөхпүн…
…Айдаарбатахпын аатырардыы,
Алҕаһаабатахпын,
Ситэ сатаан байбатахпын,
Барыһырбатахпын,
Бэл, ситэ дайбаспатахпын,
Тиэрэ дайбамматахпын!
Анньыыларым – ситэтэ суохтар,
Бэйэбэр хаалар буоллулар!
Ол сиппэтэх –
Тэй миигиттэн!
Илиим-атаҕым тымныйда,
“Аминь” диир кэм кэллэ.
Быраҕыҥ атахпар эргэ сону,
Уҥа ойоҕоспор – саҕынньаҕы,
Хаҥаспар – Файка кыыһы…
…Удмурт айыылара бэккиһээн
Ситэрбиттэрэ сиэрин сиэттиһэн,
Оҕонньор халлаан кытыытынан –
Айманара эмээхсин ыҥыран…
(Н.Харлампьева тылбааһа)