Норуоттар икки ардыларынааҕы «Үрүҥ хаар алгыһа» поэзия бэстибээлэ Саха сиригэр 2012 сылтан төрдүс төгүлүн ыытыллар. Быйыл Словенияттан, Азербайджантан, Татарстантан, Москваттан ыалдьыттар кэлэллэр. Кинилэр айымньыларын билиһиннэрэр сыаллаах бэчээттиибит.
Бэстибээл аһыллыыта сарсын, алтынньы 19 күнүгэр «Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр киэһэ 7 чаастан буолар.
Акбер Гошалы (Азербайджан, Баку)
Акбер Ёлчуев-Гошалы 1973 сыллаахха Азербайджанскай ССР Товуз куоратыгар төрөөбүтэ. 1995 сыллаахха техническэй университеты, 2001 сыллаахха Судаарыстыбаннай салайыы академиятын бүтэрбитэ. Азербайждан Ыччакка уонна спорка министиэристибэтигэр үлэлээбитэ, билигин Ажербайджаннааҕы Ататюрк киинигэр отдел начаалынньыга.
1998 сыллаахха Түүр эдэр суруйааччыларын норуоттар икки ардыларынааҕы сойууһун бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. Билигин сойуус Консультативнай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ. Поэт, публицист, чинчийээччи. Түүр тыллаах эдэр суруйааччылар хомуурунньуктарын таһаарыынан, араас тэрээһиннэрин ыытыынан дьарыктанар.
Азербайджан президенин “Терегги” мэтээлин кавалера, “Бочуоттаах ыччат” ааты ылбыта, ТЮРКСОЙ, Казахстан, Кыргызстан, Татарстан, Чувашия араас наҕараадаларынан бэлиэтэммитэ. Расул Рзы аатынан бириэмийэ (2009) лауреата, Азербайджан президенин стипендиата.
Мин суох…
Мин итэҕэлэ суох уонна сибэтиэй да буолбатахпын,
Мин соҕотохсуйбаппын, барыларын кытта да буолбаппын,
Мин Таҥара күлүгэбин эрээри, кини доҕоро буолбатахпын.
Кэмин иннинэ тиэтэйэн-эрдэлээн күн сирин көрбүтүм,
Ыраахтааҕы мэнньиэһиттэн эмиэ маппытым –
Мин нарыннык чэлгийэр чэчик буолбатахпын,
Хара таас да буолан сымарыттыбаппын.
Мин олорбутум умнуллубут урукку кэмҥэ
Бу Орто дойдуга үөһэттэн үтэйиллэн.
Син биир хаһан эрэ эргиллиэҕим
Халлааҥҥа – букатыннаах чуумпу сиргэ.
***
Өскөтүн олоххор иэрэҥ-саараҥ түгэниҥ –
Инниҥ диэки хардыылаа, таптаа уонна таптат,
Эйэҕэс буол уонна айаҥҥын алҕаан ис.
Өскөтүн бэрдимсийэн
Кими да билиниэххин баҕарбатаххына –
Төрүт буоргар сүгүрүй, муҥ саатар,
Чэчиктэри сыттаа уонна айаҥҥын салҕаан ис.
Өскөтүн билиммэт, өйдөөбөт буоллахтарына,
Эн ис дьиҥиҥ иннэ-кэннэ биллибэтэҕинэ –
Ийэ айылҕаҥ илгиэрин иһиллээ,
Хараххынан халлааны хантаһыйан көр.
(Гаврил Андросов тылбаастара).
Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева, edersaas.ru