Өрөгөй үөрүүтэ

Ааптар: 
05.05.2022
Бөлөххө киир:

Эссе

Киһи ханнык баҕарар эйгэҕэ ситиһиитэ — үөрүү. Биллэр, улахан ситиһии — өрөгөйдөөһүн. Чэ, холобура, оскуола оҕото математикаҕа биир кэлим эксээмэнин ситиһиилээхтик, үрдүк баалга туттарар. Эбэтэр устудьуон сиэссийэтигэр наар «үчүгэй» уонна » туйгун» сыаналарга бары дьиссиппилиинэлэрин туттарар. Ыччат дьоҥҥо ити — өрөгөйдөөх үөрүү.
Эбэтэр, ыйга балтараа-икки мөлүйүөн оборуоттаах урбаанньыт, кыра бырыһыаҥҥа уон мөлүйүөн кирэдьиит ылан, биисинэһин лаппа кэҥэтэн, ыйга биэстии мөлүйүөнүнэн эргитэр буолар. Киниэхэ ити — бэртээхэй ситиһии.

Артыыс саҥа испэктээк премьератыгар оруолун табатык арыйан, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылан, дохсун овациянан арыалланан, быыс кэннигэр киирэр. Өрөгөй!
Ханнык даҕаны өрөгөй, кыра буоллун, улахан буоллун, хайдах эмэ бырааһынньыктаныахтаах. Холобур, биир билэр завуһум, чиэппэр аайы, отчуотун туттаран баран, мээрийэ остолобуойугар киирэн, тото-хана эбиэттээччи, үүттээх чэй иһээччи. Ити аата, өрөгөйүн — уталыппакка туттарыллыбыт отчуотун — бэлиэтиир.

Биир билэр худуоһунньугум хас саҥа хартыынатын ойуулаан бүтэрдэҕин ахсын, кыараҕас кыбартыыратыгар чугас доҕотторун мунньан, айымньытын көрдөрөр, сыаналатар. Талааннаах уруһуйдьут хартыыналара мэлдьи кэриэтэ сонун, ураты, кэрэхсэбиллээх буолаллар. Онон үксүгэр хайҕал, сөҕүү-махтайыы тылларын истэр. Ардыгар, араастаан эргитэн, айымньытын букатын киһи үөйбэтэх өттүттэн ырытан: «Ама, бу мин хартыынам дуо?» — дэтэллэр. Көрүү-истии, ырытыы кэнниттэн худуоһунньук шашлыыкка ыҥырар. Куукунаҕа киирэн, саҥардыы буспут, хооруйуллубут үтэһэлээх эти кытта тымныы быыппах иһэллэр. Электрошашлычницалаах буолан, бу «пииримэннэй аһын» дьиэтигэр буһарар.

Соторутааҕыта кэргэним тастыҥ убайа төлөппүөннээн: «Доҕоор, дьэ, сотору кинигэм тахсар буолла. Сүрэхтиэххэ наада», — диэтэ.

Презентацияны ханна оҥорору, кимнээҕи ыҥырары сүбэлэстибит. Онтон мин: «Кинигэҥ сүрэхтэниитин кыра биһирэминэн — фуршетынан — түмүктүөххэ», — диэтим.
Киһим сөбүлэстэ.
Кинигэ тахсыыта — улахан үөрүү, ааптар өрөгөйө.

Өрөгөй (Триумф) диэн ааттаах успуорт дыбарыастаахпыт.
Триумф — латыынныы тыл. «Өрөгөй» диэн суолталаах.

Былыр Рим импиэрийэтигэр сэрииттэн кыайан-хотон эргиллибит полководецтар киин куоракка үөрүүлээх быһыыга-майгыга парааттаан киирэллэрин триумф дииллэрэ. Өрөгөйдөөччү икки эбэтэр түөрт ат көлүллүбүт колесницатыгар туран Марс Хонуутуттан киирэрэ. Кэнниттэн трофейдары, билиэннэйдэри киллэрэллэрэ. Онтон аармыйата тэҥҥэ үктэнэн лигийэн кэлэрэ. Саллааттар: «Йо триумфе! (Мин өрөгөйдүүбүн!)» — диэн хаһыытыыллара. Полководецтар хоһуйан ыллыыллара.
Ол былыргы кэмтэн ыла триумф диэн тыл аан дойду бары норуоттарын тылыгар киирбитэ.

Бэриннэрбит, сэриилээн ылбыт куораттарын, нэһилиэнньэлээх пууннарын олохтоохторо кыайбыт полководецка кыһыл көмүс хоруона эбэтэр төбөҕө кэтэр венок биэрэр этилэр. Хотугу Африка уонна чугастааҕы дойдулар устун сэриилэһэн, айбардаан кэлэн, триумфатор буолан киин куоратыгар киирэригэр, Юлий Цезарь 3000 көмүс хоруона уонна венок трофейдаах этэ!

Манна даҕатан быһаардахха, овация диэн триумф кыра көрүҥэ этэ.

Өрөгөй үөрүүтэ киһини саҥа кыайыыларга кынаттыыр.

Бэрт кыра ситиһиини өрөгөй үөрүүтүгэр кубулутуохха сөп. Холобура, чэ, Эн орто сүһүөх кылаас салайааччыта буоллаххына, оҕолоруҥ сүүс бырыһыан кылаастарын таҕыстахтарына, кылаас аҥаара «үһэ» суох үөрэх дьылын түмүктээтэҕинэ, биир да үөрэнээччиҥ бэрээдэги кэһэн ПДН-ҥа учуокка турбатаҕына, төрөппүттэрдиин, оскуола администрациятыныын уопсай тылы булан үлэлээтэххинэ, идэҕиттэн дуоһуйууну ыларгын биллэххинэ — өрөгөй.

Эбэтэр, эдэр медик буоллаххына, дьону эмтиир, доруобуйатын харыстыыр, тупсарар туһугар үлэҥ эҥкилэ суох диэн сыаналаннаҕына, пациент диагноһын, прогноһун сөпкө туруордаххына, табан эмтээтэххинэ, ыарыытын устуоруйатын сөпкө толордоххуна, үтүөрдүбүт ыарыһаҕыҥ махталын ыллаххына — өрөгөй!

Өрөгөйү бэлиэтиир хайаан да наада.
Онно эбэһээт чалбараҥ, малааһын тэрийии, арыгылаах утахтарынан дуйданыы ирдэммэт.

Дьиэ кэргэҥҥин, чугас аймахтаргын кытта чөкө эрэстэрээҥҥэ, кафеҕа бэлиэтиэххэ син. Эбэтэр, чуумпутук, куукунаҕа олорон, минньигэс кекси кытта итии какао иһиэххэ сөп.
Саамай кылаабынайа, итинник бэлиэтии үөрэммит киһи кэлэр ситиһиититтэн эмиэ үөрүүнү кэтэһэр, саҥа үрдэлгэ эрэллээхтик дабайарыгар күүс, сэниэ ылар, позитивнай кыах мунньунар.

Күндү ааҕааччылар, эһиэхэ ситиһиилэри, өрөгөйү баҕарабын.

Максим Ксенофонтов.

Ааптар арпагыраапыйата уларыйбата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0