ҮРҮҤ ЭһЭНИ «БУЛТААҺЫН» ЭБЭТЭР БУЛЧУТ СУРУГА ХАЙДАХ ӨЙДӨММҮТЭ
Кырдьа5ас борокуруор кэпсээнэ
1980-с сыллар саҕаланыылара этэ. Мин хотугу биир оройуоҥҥа үлэлиирим. Райисполком бэрэссэдээтэлэ Роман Иванов быраабы араҥаччылыыр уорганнар үлэлэригэр мээнэ орооспот да буоллар, кырдьыгы сөбүлүүр, тахсыбыт алҕаһы хайдах туоратар туһунан сүбэлии-амалыы сылдьар идэлээҕэ.
Edersaas ru.
Кыһын биирдэ, арааһа Саҥа Дьыл кэнниттэн, Роман Гаврильевич миигин көрүдүөргэ көрсөн:
– Сопхуос биир булчута үрүҥ эһэни өлөрбүт диэн иһитиннэрии киирдэ, оттон «Кыһыл Кинигэҕэ» киирбит кыылы көҥүлэ суох бултуур бобуулааҕын прокуратура үлэһитин быһыытынан билэн эрдэҕиҥ. Эһиэхэ ол туһунан иһитиннэрии киирдэ дуо, хайдах быһыылаахтык бэрэбиэркэлиир былааннааххытый? — диэн ыйытта.
Мин прокуратураҕа оннук сурах киирбэтэҕин, арай, милииссийэҕэ киириэн сөбүн эттим. Милииссийэ начальнигыттан ыйыппыппыт, сарсыардааҥҥы субуоккаҕа итинник биллэрии суох эбит.
— Үрүҥ эһэни сокуоннайа суох бултуур браконьердааһын эрэ буолбатах. Аан дойдутааҕы сүбэлэһии быһыытынан, бу кыыл ураты харыстаныллар биологическай эбийиэк, онон чахчыта чуолкайданнаҕына, холуобунай дьыала тэриллиэн сөп. Ол эрээри сурах хоту дьыала тэриллибэт, үрүҥ эһэ сокуоннайа суох бултаммытын дакаастыырга тириитин эбэтэр этин көрдөөн булуохха наада, онто суох дьыала көбүтүллүбэт, силиэстийэ ыытыллыбат, – диэтим мин.
Райисполком бэрэссэдээтэлэ кэпсэтии итинник хайысхалаахтык барбытын сөбүлээбэтэҕэ өтө көстөрө. Бараары туран: « Туох да миэрэни ылынар санааҕыт суох быһыылаах дуу?» — диэбитэ. Сарсыныгар солбуйааччытын бөртөлүөтүнэн ол булчут бултуур учаастагар ыыппыт этэ да, киһитэ тугу да булбакка төннүбүтэ.
Ити кэмҥэ мин ол булчут кэргэнин ыҥыттаран ылан, кэпсэппитим.
— Кэргэниҥ үрүҥ эһэни өлөрбүтүн туһунан билэҕин дуо?
— Соторутааҕыта биир билэр киһитинэн сурук сыыһын ыыппыта, – диэбитэ онуоха дьахтар. – «Этэҥҥэ сылдьабын, бултуубун, бэйэбэр сөптөөх маҥаны бултуйдум» диэбит этэ.
— «Маҥаны» диэн тугу эппитэ буолуой?
— Ээ, ити кырсаны бултаабытын ыйдаҕа, – диэн дьахтар улаханнык аахайбаттыы хардарбыта. – Дьүөгэлэрбэр кэргэммиттэн сурук туттуппун эппитим, «ордук маҥаны кыайбыт» диэн кэпсээбитим.
Хас да хонук ааспыта. Бөһүөлэккэ биир булчут үрүҥ эһэни өлөрбүтүн туһунан сурах тилийэ көппүтэ. Аны ол сурах Дьокуускайга тиийбит аатырбыта, булт управлениетыттан дуу, хантан дуу тыаһатан: «Үрүҥ эһэҕит тириитин ханна да гынымаҥ, кыраайы үөрэтэр мусуойга биэрэн чуучала оҥорторуохпут,» — диэн сакаастаспыттара. Дьэ, ити курдук биһиэхэ өссө да көстө илик эһэбит тириитэ олус эрдэ оннун булбут курдук буолбута. Били «эһэни өлөрбөккө сылдьан, тириитин үллэстибиккэ дылы» диэн өс хоһооно дьиҥ олоххо баар буола түспүтэ. Ол үрүҥ эһэ бултаммытын эбэтэр бултамматаҕын туһунан чуолкайын билбэккэ олорор дьоҥҥо, биһиэхэ, кулгаахпыт таһынан иһиллибитэ. Эһэ тириитин көрдөөн, райисполком солбуйар бэрэссэдээтэлэ булчут учаастагар бөртөлүөтүнэн өссө төгүл көппүтэ да, тугу да ситиспэтэҕэ.
Сотору кэминэн били булчут бөһүөлэккэ дьонугар кэлбитигэр ыҥыртаран ыллым. Уруккуттан да билэр киһим этэ, сүрдээх көнө, аһаҕас дууһалаах, чиэһинэй киһи быһыытынан сыаналанара. Син уһуннук кэпсэттибит, ол түмүгэр маннык буолбута билиннэ. Наар кырсаны бултаспыт. Ханнык да адьырҕа, бөрө, ол иһигэр үрүҥ эһэ кэлэ сылдьыбатах. Биир билэр киһитэ кини учаастагынан таарыйан ааспытынан кэргэнигэр сурук ыыппыт. Онно этэҥҥэ сылдьарын туһунан биллэрбит уонна кырсаны үчүгэйдик бултаабытын «маҥаны бултаан үчүгэйдэттим» диэбит. Ону дьахтар дьүөгэлэригэр кэпсээбитэ сыыһа өйдөнөн, тарҕаммыт буолуон сөп эбит. Эрэ булчут буолан «маҥан» диэн кырсаны этэллэрин дьахтар үчүгэйдик билэрэ үһү, оттон дьүөгэлэрэ тута үрүҥ эһэни саныы түспүттэр.
— Үрүҥ эһэни бултаабытым буоллар, тоҕо кистии сатыахпыный? Биһиги үрүҥ эһэни мээнэ бултаабаппыт. Бааттаах, бэйэтин билинэр эрэ булчут сананар суола, – диир киһим. Оттон мин үрүҥ эһэни өлөрүү улахан эппиэтинэстээҕин туһунан санаппыппар: – Ону мин да билэбин эбээт. Ол эрээри, өскөтүн үрүҥ эһэ үүтээммэр тиийэн кэлэр түгэннээх буоллаҕына, тыыммын харыстанар бырааптаахпын. Олорон биэриэм суоҕа.
Кытаанахтартан чаҕыйбат, хоту дойду хоһуун булчута кырдьыгы көнөтүнэн эппитэ. Онуоха киһи саарбахтыыра суоҕа.
Виталий СЛЕПЦОВ, “Саха сирэ” хаһыат, Edersaas ru.
Туундара маанылааҕа кырса.