Үрүҥ эһэ оҕотугар аатта толкуйдаа!

Бөлөххө киир:

Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, “Орто Дойду” зоопарк уонна “Роснефть” хампаанньа үрүҥ эһэ оҕотугар аат толкуйдуурга күрэс биллэрдилэр. Үрүҥ эһэ оҕотун ахсынньы аам-даам тымныытын саҕана зоопаркаҕа Колымана төрөппүтэ.

Зоопарка усулуобуйатыгар үрүҥ эһэ төрүүрэ, оҕотун аһатан-сиэтэн, бүөбэйдээн улаатыннарара сэдэх буолар. Билиҥҥи туругунан, Арассыыйа зоопаркаларын ылан көрдөххө, бу быйыл төрөөбүт соҕотох үрүҥ эһэ оҕото буолар.

Эһэ оҕотун аатын толкуйдаан баран, “Орто Дойду” зоопарк уонна “Роснефть” социальнай ситимнэргэ страницаларыгар суруйуоххутун сөп. Сөп түбэһэр ааты куоластааһын түмүгүнэн быһаарыахтара.

Изоляция” кэмигэр зоопарк сабыллан турар, ол гынан баран, үрүҥ эһэлэри “Орто Дойду” саайтыгар быһа трансляция нөҥүө көрүөххэ сөп. Үрүҥ эһэлэр оҕолорун 1,5-2 саастарыгар диэри аһаталлар, олус оҕомсохтор. Зоопарка үлэһиттэрэ кырачаан доруобуйатын көрөн-истэн, ыйааһыннаан көрбүттэрэ – 18 киилэлээх атыыр эһэ. Ийэтэ ахсынньыга төрөөн баран, кулун тутарга диэри оҕотун таһаарбакка, арҕахха сыппыта. Колымана бэйэтэ Муустаах Муора кытылыгар төрөөбүт буолан, айылҕатын ыйыытын быһыытынан, төһө да хаайыллан олордор, төрүүр-ууһуур, оҕолорун көрөр-истэр кыахтаах. Кини бу иккис оҕото. Бастакы оҕото Хаарчаана Санкт-Петербург зоопаркатыгар олорор.

Роснефть” 2016 сыллаахха Колыманаҕа анаан, арҕахха маарынныр туспа тутууну тутан биэрбитэ. Онно камера туруоран, үлэһиттэр эһэ кырачаан оҕотун бүөбэйдиирин күнүстэри-түүннэри көрөн олорбуттара.

2013 сылтан Арассыыйа бары зоопаркаларыгар баар үрүҥ эһэлэр “Роснефть” эппиэкэтигэр киирбиттэрэ. Билиҥҥи кэмҥэ 16 зоопаркаҕа 34 үрүҥ эһэ аһын-үөлүн, эмтэниитин, көрүүтүн-истиитин, научнай чинчийиилэри хампаанньа үбүлүүр. Ону тэҥэ, айылҕаҕа көҥүл сылдьар үрүҥ эһэлэри көмүскүүр, тулаайах хаалбыт оҕолорун быыһыыр бырагырааманы үлэлэтэр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: tass.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0