Дьокуускайга кэлбит дьон биир саамай сөбүлээн сылдьар сирдэринэн «Орто Дойду» зоопарка буолар. Манна Саха сиригэр үөскүүр-ууһуур көтөр-сүүрэр үксэ баар. Зоопарка биллэр-көстөр кыыллара — Колымана уонна Ломоносов үрүҥ эһэлэр дьон болҕомтотун куруук тардаллар. Соторутааҕыта оҕолонон өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун соһуттулар да, үөртүлэр да.
«Орто дойду» зоопарка дириэктэрэ Лука Сафонов: «Билиҥҥи туругунан Колымана арҕаҕыттан адьас тахсыбат. Былырыын сэтинньи 30 күнүгэр арҕаҕар киирбитэ. Оҕолоноору гынар эһэ итинник быһыыланара сөп.
Кырачаан эһэ оҕото балтараа ыйын туолла. Атыырын-тыһытын кулун тутарга, ол эбэтэр үс ыйын туолан, арҕахтан таҕыстаҕына, биирдэ быһаарар кыахтаахпыт. Билигин, этэргэ дылы, ийэтин хоонньугар сытар, быгыалаабат.
Аҕаларын Ломоносовы атын сиргэ көһөрбүппүт. Сэрэхтээх буолуохха наада. Кырачааны тутан кэбиһиэн сөп. Араас бары буолуон сөп», – диэн кэпсээтэ.
Зоопарка исписэлиистэрэ эрдэттэн бэлэмнэнэн, арҕах иһигэр анал видеокамера туруорбуттар. Онон Колымана туругун кыраҕатык кэтээн олороллор.
Өскөтүн, кырачаан эһэ тыһы буоллаҕына, хантараак быһыытынан, Санкт-Петербурдааҕы зоопаркаҕа бэриллиэхтээх. Атыыр буоллаҕына, төрөөбүт дойдутугар хаалар.
Санатар буоллахха, Колымананы 2012 сыллаахха Аан дойдутааҕы дьиикэй айылҕа пуондатын «Медвежий патруль» бырагыраама кыттыылаахтара Крестовскай уонна Эһэ арыыларын икки ардыларыгар муна сылдьарын булбуттара. Түөрт ыйдаах эһэ оҕотун «Орто дойду» зоопаркаҕа туттарбыттара. Ити кэмтэн балтараа сылынан Санкт-Петербурдааҕы зоопаркаттан анаан-минээн Ломоносов диээн эһэни аҕалбыттара. Билигин кинилэр номнуо кырачаан оҕолоохтор.
Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru