Өрүһү Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысхатынан тохсунньуга туоруохпут

15.11.2016
Бөлөххө киир:

«Бүлүү» федеральнай суол управлениета иһитиннэрбитинэн, «Халыма» Р-504 федеральнай таһымнаах суол Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысхатынан айан-сырыы тохсунньуга аһыллыаҕа.

Хатаһынан Павловскайга диэри массыыналар сырыылара барыллааһын быһыытынан, сэтинньи 21 күнүгэр аһыллыахтаах. Дьокускай – Аллараа Бэстээх учаастагынану 2016 сыл тохсунньу 5 күнүттэн 10 тоннаҕа диэри ыйааһыннаах массыыналарга көҥүллэниэхтээх. Билигин трасса ханан ааһыахтааҕын итиэннэ Дьокуускайтан уонна Аллараа Бэстээҕинэн массыыналар өрүскэ киирэр сирдэрин оҥоро сылдьаллар. Күн-дьыл туругуттан көрөн, графикка уларыйыылар киириэхтэрин сөбүн туһунан «Бүлүү» федеральнай суол управлениета иһитиннэрдэ.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна муниципальнай таһымнаах өрүһү туорааһын 49 учаастага баар. Мантан 7-тэ федеральнай, 8-һа өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна 34-дэ муниципальнай суолталаах. ЫБММ Саха сиринээҕи управлениетын кыра суудуналарга судаарыстыбаннай инспекцията иһитиннэрбитинэн, суол аһылла илигинэ айанныыр экстремал-суоппардар 3000 – 5000 солк. ыстарааптаныахтара. Онтон юридическэй сирэйдэр 100 тыһ. солк. саҕалаан 1 мөл. солк. диэри административнай эппиэтинэскэ тардыллаллар.

Анивера АКИМОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0