Үөр буолуу (ҮҺҮЙЭЭН)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Өрдөөҕүтэ Дьокуускай куоракка биир устудьуон уол, уопсайа суох буолан, дьонун табаарыстарыгар хос быстаран дьукаах олорбут. Биир киэһэ уол үөрэҕиттэн кэлэн, аһаан, уруогун ааҕан баран хоһугар киирэн сыппыт.

Арай, нухарыйан эрдэҕинэ ким эрэ кэлэн санныттан илгиэлээбит. Хайыһан көрбүтэ, аттыгар сырдык хааннаах, нуучча сирэйдээх уол оҕо ас көрдүүрдүү ытыһын тоһуйан турар эбит. Ону устудьуон иһигэр «бу ыаллар кыанар эрээрилэр тоҕо оҕолорун аһаппат баҕайыларый?» дии санаабыт. Туран арыылаах килиэп бэлэмнээбит уонна эргиллэн көрбүтэ, оҕо суох эбит. «Чэ, кэллэҕинэ, сиэҕэ» диэн баран туумба үрдүгэр ууран кэбиспит. Сотору, кырдьык, оҕо эмиэ киирэн кэлбит. Устудьуон уутун быыһынан: «Килиэбиҥ туумба үрдүгэр турар, ылан сиэ», диэн эппит.

Сарсыарда уһуктан туумбаны көрбүтэ, килиэбэ турар, сиэбэтэх. Ол оннугар килиэп арыытыгар тарбаҕынан сурааһын оҥорон хаалларбыт. Уол наһаа муодарҕаабыт, дьонноруттан ыйытыам дии санаан баран умнан кэбиспит. Үөрэнэ барарыгар килиэбэ оннук хаалбыт.

Киэһэ үөрэҕиттэн кэлбит, аһаабыт, били оҕо туһунан таһыччы умнубут. Утуйар чаас кэлбит. Хоһугар киирэн кинигэ аахпыта буолан баран утуйан эрдэҕинэ, эмиэ били уола киирэн кэлбит. Биһиги уолбут уутун быыһынан нэһиилэ саҥарбыт: «Ити бэҕэһээҥҥи килиэбиҥ турар, ылаҥҥын сиэ», — диэт, утуйан хаалбыт. Сарсыныгар килиэбин көрбүтэ, аны иккис сурааһын тардыллыбыт. Уол дьэ куттаммыт. Кэнники быһаарсыам диэн, туох да буолбатаҕын курдук үөрэнэ барбыт.

Үчүгэй сыаналары ылан үөрэн-көтөн кэлбит. Аһыы олорон дьонугар икки түүн тугу көрбүтүн, туох буолбутун кэпсээбит. Дьоно аахайбатахтар. «Түһүүрүҥ буолуо. Киһи оннук буолааччы», — диэбиттэр. Киэһэ устудьуон уол куттана-куттана хоһугар киирэн сыппыт. Түүн үөһэ оҕо эмиэ тиийэн кэлбит. Хайыһан көрбүтэ, уола кыыһырбыт, тугу эрэ этиэн баҕарар курдук туттар эбит. Киһи эрэ куттаныах, биир сири тобулу көрөн баран турар үһү. Устудьуон туох да ааттааҕын куттаммыт, арай биирдэ өйдөнөн кэлбитэ, көрүдүөр ортотугар дьоно уоскута сылдьаллар эбит. Нэһиилэ уоскуйан оҕолору кытта утуйбут. Сарсыныгар чаҕылыйан үчүгэй да үчүгэй күн үүммүт. Өрөбүллэрэ буолан, туох буулаабытын быһаартараары, дьиэлэрин бэрэбиэркэлэтэ дьону ыҥырбыттар. Ол дьон кэлэн истиэнэни, муоста аннын чинчийэ сылдьаннар, дьиэ анныттан оҕо уҥуоҕун булбуттар. Уҥуох тутан оҕону сиргэ кистээбиттэр.

Бэрэбиэркэ, быһаарсыы түмүгэр маннык хартыына ойууламмыт. Бу дьиэни тута сырыттахтарына, тутааччыларга наар лаҕыыр буолбут кирдээх таҥастаах биир оҕо ас-таҥас көрдөһө кэлээхтиир эбит. Оҕо ийэлээх аҕата эрдэ өлбүттэр, арыгыһыт эбэтигэр иитиллибит. Тутааччылар оҕону аһынан көмөлөһөллөр эбит. Биирдэ хамнастарын ылан баран ким-ханна барарынан тарҕаһан хаалбыттар. Уол ол кэмҥэ саҥа тутуллан эрэр дьиэ анныгар бөх быыһыгар киирэн, дьонун кэтэһэ сыппыт уонна устунан уһун уутугар утуйан хаалаахтаабыт. Ону ким да билбэтэх.

Биир түүн устудьуон уол утуйа сыттаҕына, били оҕо тиийэн кэлбит уонна эппит: «Эн миигин харайтарбытыҥ иһин махтал. Үөрэххин үчүгэйдик бүтэриэҥ, үлэһит буолуоҥ. Кэргэн ылан уолланыаҥ, оҕоҕун мин ааппынан Коля диэн ааттаар, дьоллоох киһи буолуо», — диэн баран сүтэн хаалбыт. Дьэ онтон ыла туох да мэһэйдээбэт, көстүбэт буолбут.

Арыгы үчүгэйгэ тиэрдибитэ суох. Оҕо эрэйдээх арыгыһыт дьоҥҥо төрөөн-үөскээн маннык дьылҕаланнаҕа. Ол кистэммэккэ, үөр буолан эрэйдэнэ сырыттаҕа.

Үүйэ Попова

Чурапчы, Хатылы

*   *   *

Үөр, иччи, дьикти түбэлтэлэр тустарынан «Бичик” кинигэ кыһатыгар тахсыбыт “Иччитэх өтөххө кииримэ” кинигэни ылан ааҕыаххытын сөп. Кинигэ “Бичик” кинигэ кыһатын бары маҕаһыыннарыгар атыыланар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0