Өрөбүллэргэ хоту улуустарга силлиэ түһүөҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

СӨ Гидрометеосулууспатын үлэһиттэрэ иһитиннэрэллэринэн, бу өрөбүллэргэ тыаллаах, хаардаах тымныы күннэр буолуохтара.

 edersaas.ru

 Ол курдук, алтынньы 13-14 күннэригэр Аллайыаха, Абый, Муома, Үөһээ Халыма, Орто Халыма, Аллараа Халыма улуустарыгар хойуу хаар, силлиэ түһүөҕэ. Тыал күүһэ Халыма- Индигир оройуоннарыгар  сөкүүндэҕэ 13-18 миэтэрэ, Аллайыаҕа уонна Аллараа Халымаҕа 15-20 миэтэрэ түргэннээх буолара сабаҕаланар.

Өрөспүүбүлүкэ киин улуустарыгар  -4-9, соҕуруулуу-арҕаа улуустарга -1-6, хотугулуу-илин -23-28 кыраадыс тымныйыаҕа.

 Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0