Өрөбөлүүссүйэҕэ аналлаах кэмпириэнсийэ буолан ааста

Ааптар: 
30.10.2017
Бөлөххө киир:

Ааспыт нэдиэлэҕэ “1917 сыллааҕы улуу өрөбөлүүссүйэ – Саха сирин, Арассыыйа уонна аан дойду историятыгар тосту уларыйыы кэмэ” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолан ааста.

edersaas.ru

Кэмпириэнсийэ икки күн устата түөрт хайысханан барда. Тэрээһиҥҥэ Саха сирин учуонайдарын, устудьуоннарын, биирдиилээн историяны сэргиир дьонун сэргэ, история наукатын дуоктара, Омскайдааҕы судаарыстыбаннай университет бэрэпиэссэрэ Валентина Шепелева, история наукатын дуоктара, Татарстан өрөспүүбүлүкэтин Археологияҕа институтун сүрүн научнай үлэһитэ Искандер Измайлов, юридическай наука дуоктара, историческай наука кандидата, РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн Норуот хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспаҕа Арассыыйатааҕы академиятын  бэрэпиэссэрэ Наталья Фролова, о.д.а. кытыннылар.

Өрөбөлүүссүйэ саҕана Саха сириттэн саҕалаан, ити сылларга дойду социальнай-экэнэмиическэй, культурнай сайдыытыгар, судаарыстыбаннай-правовой тутул историческай уопутугар тиийэ барытын таарыйдылар.

Кэмпириэнсийэ түмүгүнэн, гражданскай сэрии сылларыгар Саха сирин экэнэмиическэй уонна социокультурнай сайдыытын боппуруоһун чинчийэргэ болҕомто уурар, Саха АССР 100 сылыгар докумуоннар хомуурунньуктарын бэлэмнээн таһаарар наадатын, норуот өйдүүрүн туһугар науканан чинчийиллибит, кырдьыктаах сырдатыы эрэйиллэрин, ыччакка история туһунан киэҥник иһитиннэрэр инниттэн сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр нөҥүө биэриилэри таһаарар ирдэнэрин, о.д.а. эттилэр. Итиэннэ кыаллар буоллаҕына, кэмпириэнсийэни өссө биирдэ ыытар ордук этэ диэн санааларын биллэрдилэр.

Кэмпириэнсийэ чэрчитинэн, өрөбөлүүссүйэ буолбута үчүгэй дуу, куһаҕан дуу эбэтэр өссө биирдэ өрөбөлүүссүйэ буолуо дуо, эҥин диэн араас ис хоһоонноох, кыттааччыны интэриэһиргэтэр, сороҕор сытыы даҕаны боппуруостары туруордулар. Манна учуонайдары кытта тэҥҥэ мөккүһэр кыахтаах, харахтара “уоттаах” эдэр дьон кыттыбыттара үтүө түмүгү аҕалара чахчы.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0