Өрөбүл күннэргэ үлэлээтэххэ, хамнас икки бүк төлөнөр

Бөлөххө киир:

Бэрэсидьиэн Владимир Путин ыам ыйын 1-10 күннэрин бырааһынньыктааҕы өрөбүл күннэринэн биллэрбитэ. Тустаах ыйаахха муус устар 23 күнүгэр илии баттаабыта. Бу миэрэ, бастатан туран, коронавирус тарҕаныытын бохсор туһуттан ылыллыбыта. Бэрэсидьиэн пресс-сэкиритээрэ Дмитрий Песков ол оннугар дойдуга локдаун (харантыын) биллэриллибэт диэн иһитиннэрбитэ.

Оттон бу өрөбүл уонна бырааһынньыктааҕы күннэргэ үлэлии тахсар буоллахха, сокуон быһыытынан, үлэ күнэ икки бүк үрдэтиллэн төлөнөр диэн Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Онон үлэһиттэр 10 күн устата сынньанар бырааптаахтар. Бастакы үлэ күнэ – ыам ыйын 11 күнэ. Муус устар 30 күнүгэр кылгатыллыбыт күн – биир чаас эрдэ үлэлээн бүтэллэр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: mintrud.sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0