Семен Данилов мэтириэтэ ойуулаах кэмбиэр таҕыста

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл саха норуодунай бэйиэтэ Семен Данилов төрөөбүтэ 100 сыла өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник бэлиэтэммитэ.

edersaas.ru

Онон сибээстээн, Горнай улууһун дьаһалтатын көҕүлээһининэн, Арассыыйа Почтатын Саха сиринээҕи салаата «Марка» бэчээттиир кииҥҥэ сакаастаан, Семен Петрович мэтириэтэ ойууламмыт кэмбиэри 100 тыһ. ахсаанынан бэчээттэттэ. Саҥа кэмбиэрдэр атыыга киирдилэр диэн Арассыыйа Почтатын Саха сиринээҕи салаатын пресс-киинэ иһитиннэрдэ.

Ыспыраапка:

Семен Петрович Данилов 1917 с. кулун тутар 7 (20) күнүгэр Арҕаа Хаҥалас (билиҥҥинэн Горнай) улууһун Мытаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Маҥнай кэпсээн суруйара, бастакы кинигэтэ «Кэпсээннэр» 1945 с. тахсыбыта. Ол эрээри поэзияҕа уһулуччу талааннаахтык үлэлээн, саха поэзиятын Сойуус уонна аан дойду түһүлгэлэригэр таһаарсыбыта. Хоһоонноро Сэбиэскэй Сойуус омуктарын тылларыгар барытыгар кэриэтэ, ону ааһан. монголлуу, японнуу, французтуу, английскайдыы, немецтии тылбаастаммыттара. Түөрт уонча кинигэ ааптара. Саха поэзиятыгар ураты интонацияны киллэрбитэ, лирическэй уонна гражданскай сүүрээни дириҥэппитэ. Кини тылыгар сүүсчэкэ ырыа айыллыбыта.

1949 сылтан ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Өр сылларга Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын салайбыта. Дьоҕурдаах ыччаты өйүүр киэҥ кэскиллээх үлэни ыыппыта. 1978 с. сэтинньи 27 күнүгэр өлбүтэ. Дьокуускайга көмүллүбүтэ.

Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0