Путин “Үтүө санаа эргимтэтэ” пуонданы тэрийэр туһунан эттэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Туох пуондатын тэрийэр туһунан Путин эттэ? Манна ааҕыҥ.

Ыарахан уонна сэдэх ыарыылаах оҕолорго көмөлөһөр пуонда “Үтүө санаа эргимтэтэ” диэн ааттаныаҕа, маны тэрийэр туһунан ыйаах барыла бэлэм. Бу туһунан РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин социальнай боппуруостарга анаммыт мунньахха иһитиннэрдэ, диэн ТАСС этэр.

“Мин остуолбар ыарахан ыарыылаах уонна олохторугар кутталы үөскэтэр ыарыылаах оҕолорго көмөлөһөр пуонданы тэрийэр туһунан ыйаах барыла сытар, ол иһигэр сэдэх уонна орфаннай ыарыылаахтарга. Биһиги бу пуонданы “Үтүө санаа эргимтэтэ” диэн ааттыырга быһаардыбыт”, — диэтэ Путин.

Кини бу пуонданы сылга 5 мөл. солкуобайтан элбэҕи аахсар физическэй сирэйдэргэ дохуокка нолуок ыстаапкатын 13 %- тан 15 % диэри үрдэтии үбүттэн толорон биэрэллэрин санатта.

“Онон биһиги 60 млрд солкуобай кэриҥэ эбии дохуоту ылыахпыт”, — диэтэ Путин уонна бу үбү ыарахан сыаналаах эмкэ наадыйар оҕолорго ыытыахпыт диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Хаартыска: Кремль пресс-сулууспата

Бэлэмнээтэ: Женни Стрюкова

Сахагов саайтан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0