Путин: «Ийэ хапытаалынан массыына атыылаһымаҥ»

15.06.2017
Бөлөххө киир:

“Ийэ хапытаалын массыына атыылаһыытыгар ыытыахха сөп дуо?” – диэн ыйытыыга РФ президенэ Владимир Путин быһа эфир кэмигэр маннык хоруйдаата.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru сайт.

“Итинник кэпсэтиилэр тахса тураллар. Ол эрээри, мин санаабар, Ийэ хапытаала туһуламмыт сыалыгар эрэ барара ордук. Ол эбэтэр олорор дьиэни тупсарыыга, оҕо үөрэҕэр. Тоҕо диэтэргин, атын хайысхаҕа, ити этэр массыына атыылаһыытыгар да буоллун, бардаҕына, бу дьиэ кэргэҥҥэ улахан оруолу оонньуо суоҕа, судаарыстыбаттан бэриллибит көмө сыр-мыр баран хаалыаҕа. Оннук буолбатын туһугар хапытаалы эбилик оҥостон, улахан сыалга-сорукка туттар ордук. Холобур, Хапытаалы туһанан атын бырагыраамаҕа киирсэн, ыал дьиэтин тупсарыныан сөп”, — диэн этэр президент.

Ыспыраапка

Санатан эттэххэ, Ийэ хапытаала 2007 с. бэриллэр. Бэриллэр суума 453 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Маны таһынан, биһиэхэ бэйэбитигэр «Дьиэ кэргэн» диэн Ийэ хапытаала баар. Быйыл индексацияланан, 139,7 тыһ. солк. буолбута.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru сайт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0