Уһук Илин региоҥҥа РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ, РФ бырабыыталыстыбатын вице-премьерэ Юрий Трутнев бүгүн Мирнэйгэ кэлэн «Мир» рудник саахалын туоратыы үлэтин кытары билсэ сылдьар.
Санатан эттэххэ, билигин да 8 шахтеру була иликтэр. Быыһааччылар 500-600 м. дириҥнээх сиргэ киирэн үлэлииллэр. Быыһааччылар этэрээттэрин салайар Сергей Громов этэринэн, шахтаҕа үлэлииргэ олус ыарахан. «Харыбытын ньыппарынан туран кыһыл илиибитинэн үлэлиибит. Шахта иһигэр бадараан, онуоха эбии сууллубут улахан конструкциялар баар буоланнар, күҥҥэ олус кыра сири ыраастыыбыт. Ол иһин кыайан түргэтиир кыахпыт суох. Билэбин, үлэлииргэ ыарахан, ол эрээри биир да киһи аккаастаммат», — диэн иһитиннэрэр кини.
Быыһааччылар күҥҥэ сүүстэн тахса миэтэрэлээх турбалары, араас кырамтаны таһаараллар. Икки учаастагынан сүүсчэкэ миэтэрэни ыраастыыллар. Билигин да шахтаҕа кыралаан уу киирэ турар. Ол иһин көрдөөччүлэри сэргэ шахтаҕа куттал суох буолуутугар эмиэ үлэ ыытыллар. Көрдөөччүлэр «Мир» рудник дьиэтигэр ыстааптанан олороллор, диспетчердэр күнүстэри-түүннэри үлэлииллэр.
Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru