Путин байыаннай сулууспалаах ахсаанын элбэтэр туһунан ыйаахха илии баттаата

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа Сэбилэниилээх Күүстэрин ахсаанын ыстаатын 137 тыһыынча сулууспалааҕынан элбэтэр туһунан ыйаахха илии баттаата.

Тустаах докумуон быраап информациятын порталыгар таҕыста. «РФ Сэбилэниилээх Күүстэрин ыстаакка ахсаанын 2 039 758-ка диэри элбэтэргэ, ол иһигэр 1 150 628 байыаннай сулууспалааҕынан», — диэн саҥа ыйаахха суруллар.

2017 сыл сэтинньи 17 күнүнээҕи ыйаахха суруллубутунан, Арассыыйаҕа  1 902 758 саллаат уонна офицер, ол иһигэр 1 103 628 байыаннай сулууспалаах баар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0