Путин байыаннай сулууспалаах ахсаанын элбэтэр туһунан ыйаахха илии баттаата
26.08.2022
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа Сэбилэниилээх Күүстэрин ахсаанын ыстаатын 137 тыһыынча сулууспалааҕынан элбэтэр туһунан ыйаахха илии баттаата.
Тустаах докумуон быраап информациятын порталыгар таҕыста. «РФ Сэбилэниилээх Күүстэрин ыстаакка ахсаанын 2 039 758-ка диэри элбэтэргэ, ол иһигэр 1 150 628 байыаннай сулууспалааҕынан», — диэн саҥа ыйаахха суруллар.
2017 сыл сэтинньи 17 күнүнээҕи ыйаахха суруллубутунан, Арассыыйаҕа 1 902 758 саллаат уонна офицер, ол иһигэр 1 103 628 байыаннай сулууспалаах баар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1