“Арктикаҕа баар сиртэн хостонор баай – биһиги инники кэскилбит. Арктиканы сайыннарыыга билигин анал бырагыраама баар. Ол эрээри сиртэн хостонор баайы туһаныыга, промышленноһы сайыннарыыга түөлбэлээн олорор олохтоох омук интэриэһин көрүөхтээхпит”, — диэн иһитиннэрдэ РФ президенэ Владимир Путин бүгүҥҥү пресс-конференциятыгар. edersaas.ru
Арктика сайдыытын туһунан Коми өрөспүүбүлүкэтин суруналыыһа ыйытта. Владимир Владимирович Арктикаҕа сиртэн хостонор сүрүн баайбыт баарын этэн туран, ону туһаҕа таһаарыы айылҕаҕа, национальнай боппуруоска куттала суохтук барыахтааҕын эттэ. Ону сэргэ аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар интэриэстэрэ бастакы уочарат учуоттаныллыахтааҕын бэлиэтээтэ. “Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэрин, төрүт дьарыктарын кэһэрбит сатаммат. Кинилэр интэриэстэрэ хайаатар да учуоттаныллыахтаах. Оттон өскөтүн национальнай улахан бырайыак таарыллар түгэнигэр, араас компенсация, чөлүгэр түһэрии баар буолуохтаах”, — диэн этэр кини.
Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1