Путин пресс-конференциятыгар саха тылын аҕынна

Бөлөххө киир:

Бүгүн Москва бириэмэтинэн 12 чааска РФ президенэ Владимир Путин улахан пресс-конференциятын саҕалаата. Тэрээһин, үгэс курдук, экономическай боппуруостартан саҕаланар эбит буоллаҕына, бүгүн соһуччу төрөөбүт тылы үөрэтии туһунан боппуруос бастакынан күөрэйэн таҕыста. edersaas.ru

Президеҥҥэ бастакы боппуруоһу “Говорит Москва” радио суруналыыһа биэрдэ. Быыбар туһунан ыйытта. Ити ыйытыы бэриллэрэ эрэбил этэ. Тоҕо диэтэргин, Владимир Путин быыбарга кыттарын туһунан бу соторутааҕыта иһитиннэрбитэ. Онон бу – дьуһуурунай боппуруос. Иккис ыйытыыны “Лайф” суруналыыһа биэрдэ. Оппозиция туһунан ыйытта. Онуоха Владимир Владимирович: “Ити ыйыппыт боппуруоскун өссө сытыырхатан биэриим, саалаҕа “Путин бай-бай” диэн сурук баар”, — диэн мунаарбытын уонна сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ. Камера тута ол сурукка туһуланна. Онтубут баара: “Путин бабай” диэн сурук эбит. Суругу Татарстан суруналыыһа тутан олорор. Бу сурукпут татаардыы “эһээ Путин” диэн өйдөбүллээх эбит. Онон Татарстан суруналыыһа бу суругунан президени соһутан, ыйытыы биэрэр чиэскэ тигистэ. Кини бастакынан төрөөбүт тылы оскуолаларга үөрэтии туһунан ыйытта. Онуоха Владимир Путин маннык хоруйдаата:

— Хас биирдии оҕо, Россия хайа да муннугар олордор, биир усулуобуйаҕа үөрэниэхтээх. Холобур, Татарстаҥҥа татаардар эрэ олорботтор, атын омуктар эмиэ бааллар. Мин өйдүүбүн, төрөөбүт тылы үөрэтии, саҥарыы улахан суолталаах. Ол эрээри нуучча тылынан кыайан саҥарбат буоллахтарына, кэнэҕискитин бэйэлэригэр охсуулаах буолуоҕа. Россия университеттара бары нууччалыы үөрэтэллэр. Онон оҕо төрөөбүт тылын билэрин таһынан, нуучча тылын билиэхтээх. Ити татаар эрэ тылыгар буолбатах, марийскай, чечен, саха, о.д.а. тылларга барыларыгар сыһыаннаах. Биһиги дойдубутугар араас омук олорор, араас тыл, култуура баар. Бу – биһиги баайбыт-дуолбут. Онон биһиги киэн туттабыт.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0