Бэҕэһээ Ил Дархан Егор Борисов РФ бырабыыталыстыбатын иһинэн үлэлиир Аналитическай киин салайааччытын Константин Носкову кытары көрсөн, цифровой экономикаҕа уопут атастаһыы, нормативнай-правовой баазаны хаҥатыы, араас чинчийиини, ырытыыны ыытыы, судаарыстыбаны салайыыга саҥа хайысхалары киллэрии туһунан кэпсэттэ, бииргэ үлэлэһэргэ дуогабар түһэристэ.
Санатан эттэххэ, РФ президенэ Владимир Путин экономиканы салайыы сыыйа цифровойга көһүөхтээҕин туһунан эрдэ этэн турар. Онно олоҕуран РФ бырабыыталыстыбата быйыл от ыйын 28 күнүгэр цифровой экономиканы сайыннарыы бырагырааматын бигэргэппитэ. Онон Россия үрдүнэн үлэ саҥа ньыматын киллэрии күргүөмнээхтик бара турар.
Бу үлэни Аналитическай киин сүрүннүүр. Бу киин олохпут бары эйгэтигэр, экономикаттан саҕалаан айылҕа харыстабылыгар тиийэ, араас ырытар, чинчийэр үлэни ыытар. Быһатын эттэххэ, бырабыыталыстыба информацияны ырыттарар биир тутаах уоргана буолар.
Билигин Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэҕэ түргэн интернет ситимин киллэрии бара турар. Быйылгыттан саҕалаан бырайыагынан үлэ систиэмэтигэр киирэн эрэбит. Ити барыта экономика бары хайысхатыгар аныгы технологияны киллэриигэ төһүү күүс буолар. Егор Борисов бэлиэтииринэн, цифровой технологияны, региоммут сирэ-уота олус киэҥинэн, бастатан туран, дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыбатыгар киллэрэр сорук турар. Манна даҕатан эттэххэ, бу соторутааҕыта РФ Аналитическай кииниттэн Россияҕа цифровой экономиканы киллэриигэ тэриллибит бырагыраама проектнай офиһын салайааччыта Евгений Кисляков Дьокуускайга кэлэ сылдьан, Саха сирэ саҥа хайысханы киллэриигэ күүскэ үлэлэһэ сылдьарын бэлиэтээн барбыта. Онон Аналитическай киини кытары дуогабар түһэрсии бу эйгэни сайыннарыыга өссө биир дьоһун хардыы буолар.
Бу туһунан Константин Носков Ил Дарханы кытары көрсүһүүтүгэр иһитиннэрдэ. Кини регионнары кытары саҥа үлэлэһэн эрэллэрин бэлиэтээн туран, Саха сирэ биир бастакынан киини кытары дуогабар түһэрсибитин, регион доруобуйа харыстабылыгар үчүгэй уопуттааҕын, бу туһунан федеральнай таһымҥа күүскэ кэпсиэххэ-ипсиэххэ наадатын эттэ. Ону таһынан, кини Саха сирэ “Проектный Олимп” диэн бүтүн Россиятааҕы куонкуруска бырайыагынан үлэни киллэриигэ үс бастыҥнар ахсааннарыгар киирбитин иһитиннэрдэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, цифровой экономика киириэҕиттэн бу киин – проектнай офис оруолун толорор. Онон, Аналитическай киини кытары үлэлэһиибит аҥаардас информацияны эрэ атастаһыы буолбакка, уопут атастаһыытыгар, Саха сирин хамаандатын үлэ саҥа ньыматыгар үөрэтиигэ, бырайыактары олоххо киллэриигэ төһүү күүс буолуоҕа.
Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru