Путин 2015 с. Анал этиитэ: Россияны сэниир сатаммат

Бөлөххө киир:

«Турция норуотун үтүө санаалаах, олус үлэһит, талааннаах дьон быһыытынан билэбит. Турцияҕа уруккуттан билсэр эркин курдук эрэнэр үгүс доҕордоохпут. Биһиги кинилэри билиҥҥи салалталарын кытта тэҥҥэ туппаппыт», — диэн бэлиэтээн эппитэ былырыыҥҥы Анал этиитигэр РФ президенэ Владимир Путин. Мантан салгыы дойду президенэ туохха болҕомто уурбутун көрүөххэ.

Терроризмы  утары охсуһуу. Владимир Путин терроризмы утары охсуһууга аҥардас биир эрэ дойду ылсыа суохтааҕын, манна күүһү-күдэҕи түмүү наадатын этэн туран, бастакынан, террористары өйөөһүн, кинилэргэ үбүнэн-харчынан көмөлөһүү суох буолуохтааҕын бэлиэтээбитэ. «Туох баар мөккүһүүнү, тыл-тылга киирсибэт буолууну туора ууран бары биир санааҕа кэлэн, терроризмы утары охсуһар фронт тэриниэхпитин наада. Бу фронт аан дойду быраабын сиэринэн уонна Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэрин иһинэн барыахтаах. Онно хас биир дойду террористары утары декларациянан буолбакка, туһааннаах дьайыыларынан кылаатын киллэриэхтээх», — диэн иһитиннэрбитэ.

Турцияны кытта сыһыан. Былырыын оруобуна баччаларга Турцияны кытары сыһыаммыт (Турция Россия байыаннай сөмөлүөтүн ытан түһэриэҕиттэн) тыҥаан турар кэмэ этэ. Ол иһин Владимир Владимирович Анал этиитигэр Турция салалтатыгар туһаайан: «Биһигиттэн быһымах, көтүмэх быһаарыныыны күүппэтиннэр. Итинник быһыы биһиги өттүбүтүттэн хаһан да тахсыа суоҕа. Ол эрээри Турция аҥардас помидорунан, араас хааччаҕынан эрэ муҥурданабын диир буоллаҕына, улаханнык сыыстарар», — диэн муос-таас курдук эппитэ. Ол эрээри бу этиигэ Турция или-эйэни тутуһар, доҕордуу сыһыаны олохтуур үтүө санаалаах норуотун туһунан этиллибэт диэн өйдүөххэ наада.

Кириисис. Владимир Владимирович ньиэп сыаната кэлэр сылларга үөһэ күөрэйэ охсубатын, арҕааҥы дойдулар киллэрбит хааччахтарын тохтоторго ыксаабаттарын бэлиэтээн туран, онно бары бэлэм буолуохтаахпытын бэлиэтээбитэ. Уонна: «Билигин аан дойду үрдүнэн технология да, үлэ ньыматын да өттүнэн уларыйыы бара турар. Онуоха биһиги инники күөҥҥэ тахсарга кыһаллыахтаахпыт. Россия бу чааһыгар мөлтөөн биэрэр бырааба суох. Экономикаҕа, технологияҕа, специалистары бэлэмнээһиҥҥэ бары өттүнэн дэгиттэр буолуоҕуҥ», — диэн ыҥырбыта.

Экономика салааларын сайыннарыыга сыһыаран, бастатан туран, аныгы үйэ күөн күрэстэһиитин ааһар тэрилтэлэрбит аҥардас промышленноска эрэ буолбакка, экономика бары салаатыгар киириэхтээхтэрин, кинилэри элбэтэр сыал-сорук туруохтааҕын, производствоны сайыннарыы, бэйэ оҥорон таһаарыытын инники күөҥҥэ тутуу барыахтааҕын, каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ болҕомто ууруоллаахтааҕын эппитэ. Иккиһинэн, тутууга, массыына, техника оҥоруутугар, чэпчэки промышленноска анал бырагыраамалары тэрийии наадатын бэлиэтээбитэ.  

Бизнес. «Араас хааччаҕы киллэрэн экономикабытын айгырата сатыыр дойдуларга эппиэттиир хоруйбутунан – предпринимательствоны сайыннарыыбыт, бу эйгэҕэ көҥүлү биэриибит буолуоҕа. Онуоха бу эйгэҕэ туһулаабыт үлэлэрбитин салгыы ыытыахпыт», — диэн этэн туран, президент хонтуруоллуур уорганнар билигин да үлэни хааччахтыылларын, хонтуруол сөбүгэр соҕус барыахтааҕын бэлиэтээбитэ. Ону таһынан экономическай буруйу оҥорууну кыраҕытык кэтээһин барыахтаах эрээри, барыларын тимир ытарчаҕа ылар наадата суоҕун туһунан эппитэ. Онуоха прокуратура эбээһинэһигэр холуобунай дьыаланы тохтотуу, буруйу түһэриини төттөрү ылыы курдук инструменнар баалларын санаппыта.

Бэйэ оҥорон таһаарыытын өйөөһүн. Билигин Россияҕа Промышленность сайдыытын фондата бэйэ оҥорон таһаарыытын өйүүр. Владимир Путин кэлэр сылга бу фондаҕа өссө эбии 20 млрд солк. көрөргө эппитэ. Ону таһынан бу хайысхаҕа үлэлэһиэн баҕалаах инвестордарга нолуок өттүнэн чэпчэтии барыахтааҕын бэлиэтээбитэ. Уонна бу эйгэҕэ саамай сүрүнэ аан дойдуга тахсарга бэлэм хаачыстыбалаах бородууксуйаны оҥорон таһаарыы ирдэниллэрин туһунан иһитиннэрэн туран: «Бэйэ оҥорон таһаарыытын өйүүрбүтүнэн туһанан ким да хаачыстыбата суоҕу, өссө хас эмэ төгүл ыарахан сыанаҕа атыылыыр усулуобуйата үөскүө суохтаах», — диэн эппитэ.

Тыа хаһаайыстыбата. 2020 с. диэри тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан бэйэбитин хааччынар кыахха киириэхтээхпитин таһынан Владимир Путин тас дойдуга эти, үүтү, оҕуруот аһын таһааран атыылыырга дьулуһуохтаахпытын өссө төгүл тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Манна сыһыаран кини туһаныллыбакка сытар сири-уоту көдьүүскэ таһаарарга, онуоха сири ылан баран туһаммакка сылдьар дьонтон сирдэрин былдьыырга сорудахтаабыта.

Коммерческай суох түмсүүлэри (КСТ) өйөөһүн. Кыра куораттарга уонна нэһилиэктэргэ үлэлиир түмсүүлэр президент гранын ылыыларыгар анал бырагыраамма оҥоһуллуоҕун туһунан эппитэ. Ону таһынан судаарыстыбаны кытта эҥкилэ суох үчүгэйдик үлэлиир түмсүүлэргэ уосастыбаҕа туһалаах өҥөнү оҥорооччу диэн анал статус бэриллэн чэпчэтии көрүллүөҕүн, региональнай уонна муниципальнай социальнай бырагыраамаларга көрүллэр харчы 10 % диэри бу түмсүүлэргэ бэриллиэхтээҕин  ыйбыта.

Ийэ хапытаала. Владимир Путин кыра дохуоттаах дьон судаарыстыбаттан көмө ылалларын өйөөһүн күүскэ барыахтааҕын, оҕо төрөөһүнүгэр көдьүүстээх хайысха ылыллыбытын бэлиэтээн туран, Ийэ хапытаалын биэрии өссө кырата икки сылга уһатыллыахтааҕын ыйда. Санатан эттэххэ, быйыл бу суума 475 тыһ. солк. тэҥнэспитэ.                  

Маны таһынан дойду президенэ Анал этиитигэр Владивосток пордун, Комсомольск-на-Амуре куорат сайдыытын ойуччу тутан кэпсээбитэ. Уһук Илин регионнарыгар 1 га сири түҥэтиини, оҕо саадтарын тутуу, доруобуйа харыстабылыгар дьон көмөнү босхо уонна суһаллык ыларын хааччыйыы, фелдьшерскэй-акушерскай пууннары көрөн хаалларыы курдук тыын боппуруостарга санаатын эппитэ.

Аграфена КУЗЬМИНА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0