Пушкин аймахтара Саха сиригэр кыһыл көмүс мэтээли аҕаллылар!

Ааптар: 
06.06.2017
Бөлөххө киир:

 Бүгүн Санкт-Петербуртан үөрүүлээх сонун кэллэ – Дьокуускай куорат 17-с оскуолатын үөрэнээччитэ Айсена Борисова улуу бэйиэт Александр Пушкин аймахтара Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыттарын туһунан архыыптан  булан бэлэмнээбит дакылаата кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаланна!

edersaas.ru

Бэҕэһээ Санкт-Петербург куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы  “Тыл. Култуура. Айымньы” диэн ыччакка анаан ыытыллыбыт нуучча тылыгар уонна литературатыгар үөрэхтээһин бэстибээлэ буолан ааста. Онно Дьокуускай куорат 17-с оскуолатын 7 “в” кылааһыттан 23 үөрэнээччи кыттыыны ылбытыттан 8 оҕо дорҕоонноохтук ааҕыыга дипломҥа, биир үөрэнээччи НПК дипломугар уонна эмиэ бу кылаас үөрэнээччитэ Айсена Борисова “Александр Пушкин аймахтара — Саха сиригэр” диэн дакылааты ааҕан, бастакы миэстэҕэ тигистилэр. Уопсайа, 109 дакылаатыттан саха оҕотун үлэтэ бастаабыта – сөҕүмэр ситиһии!

— 7 “в” кылаас үөрэнээччилэрэ бу бэстибээлгэ анаан бэлэмнэнэн кытыннылар. Кинилэри кылаастарын салайааччыта, нуучча тылын уонна литературатын учуутала Надежда Коротова илдьэ сылдьар. Оҕолор билигин Санкт-Петербурга бааллар.

Айсена Борисова дакылаатын матырыйаалларын СӨ  Национальнай архыыбыттан хасыһан булан оҥорбута. Бу тиэмэҕэ ылсыыта мээнэҕэ буолбатах. Үөрэнээччилэрим  Өлүөхүмэ улууһун кыраайы үөрэтээччитэ, историк идэлээх И.А. Алексеев кинигэтин аҕалбыттара. Онно Саха сиригэр улуу бэйиэт Александр Пушкин аймахтара кэлэ сылдьыбыттарын туһунан суруллубут этэ. Айсена Национальнай архыыпка хасыһан, 1646-1829 сылларга А.С. Пушкин аймахтара: В.Н. Пушкин, В. Бобрищев-Пушкин, Н.С. Бобрищев-Пушкин, З.Г. Чернышев араас кэмнэргэ араас төрүөтүнэн кэлэ сылдьыбыттарын туһунан матырыйааллары булан, дакылаат суруйбута.

Ол дакылаатын бэҕэһээ экспердэр иннилэригэр көмүскээн, Арассыыйаҕа бастыҥнар ахсааннарыгар киирэн, Бүтүн Арассыыйатааҕы  “Тыл. Култуура. Айымньы” диэн нуучча тылыгар уонна литературатыгар үөрэхтээһин бэстибээлин кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаланна. Үөрэнээччибин бу дьоһун кыайыытынан эҕэрдэлиибин! — диэн кэпсээтэ Дьокуускай куорат 17 №-дээх орто оскуолатын нуучча тылыгар учуутала Марианна Кусатова.

Онон оҕолорбут Арассыыйа таһымыгар инники күөҥҥэ тахсан, Сахабыт сирин аатын эмиэ дорҕоонноохтук ааттаттылар. Улуу бэйиэт Александр Пушкин төрөөбүт күнүгэр өрөспүүбүлүкэлэригэр дьоһуннаах бэлэҕи оҥордулар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0