Тиэлигилэр Пушкин хоһооннорун тылбаастаатылар, тута хоһуйдулар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас Тиэлиги бөһүөлэгин олохтоохторо олус көхтөөхтөр. Кулууптарыгар элбэх онлайн-кэнсиэр, быһа эфирдэр, куонкурустар ыытыллыбыттар.

Улахан дьаҥ кэмигэр тэйиччиттэн олорон бары кыттыбыттар. Улуу Пушкин хоһооннорун тылбаастаатылар, тута да хоһуйдулар.

Биллэр спортсмен Иннокентий Кириллин биир дойдулаахтарын хомоҕой хоһоонунан сөхтөрдө:

Улуу нуучча норуотун

Уран тылын маастарын

Өрүү эдэр Пушкины

Ааҕар буолан дьоллоохпун.

Нуучча тылын сүмэтин

Холбуйан ылан, холбоон-илбээн

Элбэх үйэ тухары

Өлбөт сүппэт айымньыларын

Ааҕар буолан дьоллоохпун.

Олох сайдан, кэмэ кэлэн

Эдэркээн куудара Пушкиммыт

Аны сахалыы саҥаран,

Иэйэн-туойан, этэн-тыынан

Дууһам кылын таарыйар.

Сахам тыла барахсан

Нуучча тылын сүмэтин

Эрэдьиэһин, эгэглгэтин

Кыайа тутар эбит диэн

Санаам үөрдэ, сэргэхсийдэ.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыскаҕа: И.Кириллин.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0