САЙА: «Улуута бэрт ээ, Пушкин»

06.06.2020
Бөлөххө киир:

Бүгүн — улуу бэйиэт төрөөбүтэ 221 сыла.

Кэнники сылларга саха суруйааччылара, бэйиэттэрэ улуу нуучча, атын да бырааттыы омуктар суруйааччыларын айымньыларын тылбаастыырга холонуулара элбээн иһэр. Ол тухары аҥаардас ­биирдии бэйиэккэ төһөлөөх элбэх тылбаас оҥоһуллубута, ырыа буолан ылламмыта буолуой?

еdersaas.ru

Саха таптыыр поэтессата Наталья Михалева-Сайа тылбааска ылсыыта Александр Пушкин хоһоонуттан саҕаламмыта. Бастакы тылбаас оҥоһуллубут 1999 сылыттан ыла нуучча поэзиятын “үрүҥ көмүс” кэмнэрин уонна уруулуу омуктар бэйиэттэригэр тиийэ тылбаастаан, кинилэр айымньыларын төрөөбүт тылынан саҥарта.

Нуучча уонна аан дойду литературатын улууттан улуу Киһитэ Александр Пушкин төрөөбүтэ 220 сылын көрсө, кини саха поэтессата Наталья-Михалева-Сайа олоҕор, айар үлэтигэр сабыдыалын туһунан былырыыҥҥы кэпсэтиибитин саайтпытыгар таһаарабыт.

Оҕо сылдьан Александр Пушкин туһунан өйдөбүлүҥ хайдах этэй?
— Куудара баттахтаах, остуоруйа айааччы Пушкин диэн киһи баарын бэйэбин өйдүөхпүттэн билэр курдукпун. Тоҕо диэтэххэ, ол саҕана көмүс балыкчаан туһунан остуоруйа наһаа үчүгэй сахалыы тылбааһа баар этэ. Ол кинигэни төһөтө хос-хос аахпытым буолуой? Атын кинигэлэри эмиэ ааҕар этим да, суруйааччытын туһунан өйдөбүлүм суоҕа. Оттон ол остуоруйаны Пушкин диэн киһи суруйбут диэн наһаа билэр, кинини таптыыр этим.

Эн санааҕар, кини этэр санаата, дириҥ ­иэйиитэ тылбааска сүтэн хаалбат дуо?
— 1999 сыллаахха «Я помню чудное мгновенье…» тылбааһыгар биллэриллибит күрэх түмүгэ тахсарын олус кэтэспитим. Бэйэм ол саҕана холонор да санаам суоҕа, наһаа үчүгэй тылбаастар баар буолуохтара диэн бүтэйдии эрэммитим. Ол эрээри, күрэх түмүгүнэн тахсыбыт дьоҕус кинигэни ааҕан баран, хайдах эрэ санаам түһэн хаалбыта, ол курдук Пушкин ити хоһоонун алыба сүтэн хаалбыт курдуга. Мэктиэтигэр, саха тыла Пушкины кыайбат эбит дуу диэн санаалар кытта киирэ сылдьыбыттара. “Сахам тыла нуучча абылыыр, долгутар хоһоонун иэйиитин кыа­йан тиэрдибэт эбит”, – диэн хом санаалаах хонуктар үүммүттэрэ. Онтон ким эрэ соруйар дуу, дьарыйар дуу саҥата иһиллэргэ дылы гыммыта:
“Дьэ, оччоҕо бэйэҥ тоҕо тылбаастаан көрбөккүн? Дьон үлэтиттэн астыммакка муҥнанаҕын? Бэйэҥ эмиэ бэйиэккин буолбатах дуо?!”
“Кырдьык даҕаны! Тоҕо бэйэм ылсан көрбөппүнүй?” Итинник сыыр хааһыгар турдаххына, кэннигиттэн үтэр курдук санаа миигин уустук эрээри, умсулҕаннаах дьарыкка умса анньан аҕалбыта… Хас биирдии тылбаасчыт хоһоон алыбын, иэйиитин сүтэрбэт туһугар кыһаллыах­таах.

Айар тылынан бэ­­йэтигэр мэҥэ таас туруоруммут бэйиэт тылбааска төһө бэринэр эбитий?
— Пушкин тылбааска балачча бэринэр быһыылаах. Ол иһин, саха суруйааччылара кинини элбэхтик тылбаастаабыттара, «Онегин» хоһоонунан суруллубут арамааныгар тиийэ. Марина Цветаеваны тылбааска бэриниэ суох дии санаан салла сылдьыбытым. Онтон көлөһүммүн тоҕон, сахам тылын эри­йэн-мускуйан, Цветаевалыын «илии тутустум» дии санаатым. Мин тылбааһым барыта көҥүл буолбатах ээ. Холобур, Блок «Незнакомкатын» рифматын, кээмэйин барытын тутуһан тылбаастаабытым.

Күн бүгүҥҥэ диэри кистэлэҥэ барыта арылла илик бэйиэт улуута туохханый?
Александр Сергеевич нуучча омугун дьиҥнээх бэ­­йэтин тылын сүмэтин уус-уран сурукка киллэрбитинэн улуу диэн этэллэр. Кини иннинэ поэзия тыла «үрдүк тыл» буолуохтаах диэн, сайдыылаах омуктар хоһуйууларын үтүктүү нуучча поэзиятыгар баһылаан турдаҕа.

Тылбаастаабыт хо­­һоонноргун 5-6 сылынан өссө атыннык тылбаастыаҥ этэ дуу? Саха тыла онуоха төһө баайый?
— Мин «Өйдүүбүн ол күлүм түгэни…» диэн 1999 сыллаахха тылбаастаабыппын 2018 сыл­лаахха тахсыбыт «Тыыннаах тылбаас» диэн кинигэбэр биир да көннөрүүтэ суох киллэрбитим. Ситтэ-хотто диэбиттэрбин эрэ бэчээккэ таһаарар идэлээхпин, онтубун тутуһан сырыттахпына, уларыта сатаабат инибин.

* * *

Филология наукатын дуоктара Варвара Окорокова эппитинии, Сайа тылбааска хорсуннук киирэн, аан дойду ааттаахтарын кытары алтыһан, бэйэтин кыаҕын, талаанын өссө төгүл атын эйгэҕэ тургутан көрөн ааҕааччытын сөхтөрдө, билиниитин ылла. Ону бу күннэргэ саха саҥалаах дьон үс күн устата Наталья Михалева «Сайар самаан күннэригэр» тоҕуоруһа анньан кэлбиттэрэ, Саха тыйаатырыгар буолбут «Хомуһуннаах хомус тыл» уус-уран дьүһүйүүгэ Сайа тылбаастарын уҕараабат ытыс тыаһа доҕуһуоллаах истибиттэрэ да туоһулуур.

К***

Я помню чудное мгновенье:
Передо мной явилась ты,
Как мимолетное виденье,
Как гений чистой красоты.
В томленьях грусти безнадежной,
В тревогах шумной суеты,
Звучал мне долго голос нежный
И снились милые черты.
Шли годы. Бурь порыв мятежный
Рассеял прежние мечты,
И я забыл твой голос нежный,
Твои небесные черты.
В глуши, во мраке заточенья
Тянулись тихо дни мои
Без божества, без вдохновенья,
Без слез, без жизни, без любви.
Душе настало пробужденье:
И вот опять явилась ты,
Как мимолетное виденье,
Как гений чистой красоты.
И сердце бьется в упоенье,
И для него воскресли вновь
И божество, и вдохновенье,
И жизнь, и слезы, и любовь.

К***

Өйдүүбүн ол күлүм түгэни:
Аан бастаан эйигин көрбүппүн,
Бу ууллан сүтүөхтүү уйаҕас
Кэрэттэн кэрэни билбиппин.

Санньылҕан аргыстаах айаммар,
Сүпсүлгэн түбүктээх күннэрбэр
Сирдээҕи сулуһум буолаҥҥын
Иннибэр эн мэлдьи сырдыырыҥ.

Дьыл-хонук ааспыта. Ыраны
Ыһыахтыыр ытылҕан турбута.
Ол иһин эн намчы дьүһүнүҥ
Ыраатан, умнуллан барбыта.

Түҥ тыаҕа, уһукка хаайтаран
Олоҕум тохтообут курдуга,
Үҥэрбэр, иэйэрбэр, таптыырбар
Айыы да, аанньал да суох этэ.

Мин кутум эмискэ тилиннэ:
Иккистээн бу маннык долгуйда –
Бу ууллан сүтүөхтүү уйаҕас
Кэрэттэн кэрэни көрүстэ.

Сүрэхпэр сааскылыы умсулҕан,
Төнүннэ олоххо ахтылҕан,
Үҥүөхпэр күн Айыы көһүннэ,
Тапталтан хараҕым ууланна.

ОСЕНЬ

Унылая пора! Очей очарованье!
Приятна мне твоя прощальная краса —
Люблю я пышное природы увяданье,
В багрец и в золото одетые леса,
В их сенях ветра шум и свежее дыханье,
И мглой волнистою покрыты небеса,
И редкий солнца луч, и первые морозы,
И отдаленные седой зимы угрозы.

КҮҺҮН

Унньу-санньы кэм да кэм! Хайгыыр харах халана!
Мин таптыыбын айылҕам тупсар тиһэх күүрээнин —
Кэрэ-мааны киэргэлин кэтэн туран кэхтэрин,
Кыһыл, көмүс өҥнөргө таҥыннарар ойуурун,
Кэриитигэр тыал тыаһын уонна чэбдик салгынын,
Халлааныгар бороҥуй долгуннурар сабыытын,
Күн сэдэхтик тыгарын уонна хаһыҥ түһэрин,
Уонна хайы-сах биллэр суостаах кыһын сааныытын.

Я вас любил: любовь еще, быть может,
В душе моей угасла не совсем;
Но пусть она вас больше не тревожит;
Я не хочу печалить вас ничем.
Я вас любил безмолвно, безнадежно,
То робостью, то ревностью томим;
Я вас любил так искренно, так нежно,
Как дай вам бог любимой быть другим.

Мин эйигин таптыырым: баҕар, таптал уота
Куппар-сүрбэр тыыннаах буолуо өссө да,
Ол эрээри биллибэтин эйиэхэ кини баара-суоҕа,
Баҕарбаппын аны мунчаарыаххын туохтан да.
Мин эйигин таптыырым этиммэккэ, эрэммэккэ,
Симиттии уонна күнүү иэйиитинэн туоххаһыйа,
Мин эйигин таптыырым ис сүрэхтэн оннук күүскэ,
Эн таҥара көмөтүнэн, таптат оннук, атыҥҥа.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» заһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0