Пушкиҥҥа анаммыт кэллиэксийэ

Бөлөххө киир:

Улуу Пушкин нэһилиэстибэтигэр сүгүрүйүү уҕараабат.

…Ол дьоруойун, тапталын, устудьуоннуу сылдьан көрсүбүтэ, кэргэн тахсыбыта, икки кэрэчээн кыыс оҕоломмуттара. Оттон Пушкиҥҥа тапталын олоҕун устатын тухары илдьэ кэллэ. Ол кутаата, сөҕүрүйүөхтээҕэр, күөдьүйэн иһэргэ дылы…

…Тыа кулуубугар ыаллыы дэриэбинэттэн кэлбит оскуола биригээдэтин кэнсиэрэ буола турар. Эргэ кулууп саалата толору киһи. Ол эрээри, кыҥастаһан көрдөххө, үксэ оҕо, дьахтар-аймах эбит. Буоларын курдук, инники эрээттэргэ сэрии ыар сылларын санныларыгар сүгэн, сындалҕаннаах үлэни, аччыктааһыны тулуйан кэлбит эмэнсийэн эрэр дьахталлар, эмээхситтэр истээх соннорун кэппитинэн, чөкөйөн олороллор. Саала кэннин диэки аҕыйах ыччат, эр дьон көстөллөр. Бу дьоммут бэргэһэлэрин да устар аат диэн суох, күлсүү-салсыы ырааппыт. Сыана иннигэр оскуола оҕолоро бытарыспыттар. Көҥүллэммэт да буоллар, балыстар-бырааттар эмиэ көстөллөр, талбыттарынан хаама, сүүрэ сылдьаллар, оонньоон да ылаллар.

Александр Пушкин! Стихотворение “Буря” читает ученица шестого класса Агаша Яковлева!” диэн биллэрээттэрин кытта, уончалаах кыыс симиттибиттии туттан, тахсан кэллэ. Билбэт тылларын истэн, сыана иннигэр туспа мучумааннаһа сылдьыбыт кыра “норуот”, бэл, ах баран, сыыҥтарын да өрө сыҥалларын умнан, кыыһы одууластылар.

Буря мглою небо кроет,

Вихри снежные крутя…” — диэн кыыс ааҕан истэҕинэ, эмискэ уот баран “ньим” гынна. Хабыс-хараҥа буолла, биирдэ “һуу” дэһэ түстүлэр, оҕолор хаһыытастылар, ытастылар. Ийэлэр оҕолорун ыҥыран айманнылар.

Арай, бу айдаантан толлубакка, кыыс чуор куолаһа улуу поэт хоһоонун ааҕан чоргуйа турда:

То, как зверь, она завоет,
То заплачет, как дитя,
То по кровле обветшалой
Вдруг соломой зашумит,
То, как путник запоздалый,
К нам в окошко застучит…»

Эмискэ саалаҕа уу-чуумпу буолан хаалла, арай, кыыс куолаһа долгуйан титирэстиир, күүһүрэн ылар, санньыйар, аһынар… Ким эрэ чүмэчи уматан аҕалла. Ол симик уотугар дьон сирэйэ барбах кытаран көстөр. Оҕолор чуумпуран, абылаппыттыы истэн турдулар, билбэт тылларынан, “араадьыйа тылынан” саҥарар кыысчаан тугу эрэ кэпсиир, угуйар курдук. Хоһооҥҥо кэпсэнэр тыаллаах-куустаах, хобдох киэһэ күлүгэ субу манна барыйан кэлбит курдук буолла… Улуу гений тылын-өһүн илбиһэ бу оҕолорго субу түгэҥҥэ дьайбыта эбитэ дуу?

Пушкин муннуга

Агаша бу түгэни умнубат. Оччолортон Пушкин кинигэтин сыттыгын анныгар укта сылдьан ааҕара. Хоһооннорун нойосуус билэрэ. Арыый улаатан баран, оччотооҕу кыргыттар сиэрдэринэн, Евгений Онегин курдук дьоруойу сэмээр күүтэрэ.

Ол дьоруойун, тапталын, устудьуоннуу сылдьан көрсүбүтэ, кэргэн тахсыбыта, икки кэрэчээн кыыс оҕоломмуттара. Оттон Пушкиҥҥа тапталын олоҕун устатын тухары илдьэ кэллэ. Ол кутаата, сөҕүрүйүөхтээҕэр, күөдьүйэн иһэргэ дылы…

Оҕолонон олорон, универмагтан Пушкин кинигэлэрин, пластинкаларын, статуэткаларын атыылаһара. Ити курдук сыыйа дьиэлэригэр Пушкин муннуга баар буолбута. Билэр дьоно, доҕотторо киниэхэ поэкка сыһыаннаах маллары аҕалар, бэлэхтиир буолбуттара.

Сэдэх экспонаттар

Билигин Агафья Семеновна өрөспүүбүлүкэҕэ сэдэх кэллиэксийэ хаһаайката. Туох-туох суоҕуй манна? Чэй иһэр сервизтэр, мааркалар, кэмбиэрдэр, сакалаат суулара, шкатулкалар, значоктар, чэй хоруопкалара, халандаардар, аккырыыккалар, тэриэлкэлэр, испиискэ ойуулара, паннолар, Австралия дуоллара, сиэдэрэй хоруопкалаах шампанскай… Барыта поэт олоҕор уонна айымньыларыгар сыһыаннаахтар.

— Саамай күндү экспонаттарбынан кырачаан кинигэлэр уонна значоктар буолаллар. Бу значоктартан Пушкин олоҕуттан пазл оҥоруохха сөп. Сорох значоктарбын көрдөхпүнэ, эдэр сааспар төннөн ыларга дылы гынабын, ол курдук миэхэ күндүлэр. “Евгений Онегин” мини-кинигэбин суумкабар куруук укта сылдьабын.

Саамай туруулаһан ылбыт экспонаттарым – Пушкин төрөөбүтэ 200 сылыгар тахсыбыт мааркалар. Главпочтамт витринатыгар көрөн баран, атыылаһаары гыммытым, “бүтэһик экземпляр, атыыламматтар” диэн буолбута. Мин чаас иһигэр үс начаалынньык кэбиниэтин кэрийэн, тылбын ылыннаран, атыылаһан, үөрүүбүттэн көтүөх курдук буолан тахсыбытым.

Дьоппуон тылыгар тылбаастаммыт хоһооннорун кинигэтин Японияҕа олорор кыра кыыһым ыыппыта. Сэдэх экземпляр. Кыыспар ыалдьыттыы тиийэн баран, анаан көрдүү сатаабытым да, эбии булбатаҕым. Лупанан эрэ көстөр 2 см кээмэйдээх мини-кинигэлэргэ биирдии хоһоон толору киирэр. Поэт өлбүтэ 100 сылыгар тахсыбыт сэдэх кинигэ эмиэ баар.

Сыаната биллибэт баайым

— Кэллиэксийэ хас биирдии биридимиэтэ икки дьайыылаах: туһаныы уонна бас билии. Саҥа малы ыллахпына, оҕо курдук үөрэбин. Хас күн аайы экспонаттарбын бэрийэбин, кэпсэтэбин, имэрийэбин. Математик идэлээх эрээрибин, бу кэллиэксийэм сыанатын хаһан да суоттаабатаҕым, аахпатаҕым. Кэллиэксийэм — олоҕум, тапталым, мин дууһам сорҕото, сыаната биллибэт баайым.

Өргө диэри доҕотторбуттан ураты, ким да билбэт этэ. 2015 сыллаахха, Литература сылыгар, Белинскэй аатынан бибилэтиэкэҕэ быыстапка туруорарбар этии киирбитэ. Гагаринскай уокурук “Созвездие” бибилэтиэкэтин кытта ыкса сибээстэһэбин. Пушкин аатынан Национальнай бибилэтиэкэҕэ иккитэ быыстапкалаабытым. Бу түмүгүнэн, “Мин Пушкиным” диэн лиэксийэнэн, дьүөгэм ыҥырыытынан оскуолаҕа экспонаттарбын көрдөрөн, оҕолорго улуу поэт олоҕун, айар үлэтин  туһунан кэпсиибин.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: суруйуу дьоруойун архыыбыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0