Пульмонолог Римма Яковлева: «Коронавирус утары быһыыны ыларгытыгар ыҥырабын»

Ааптар: 
17.05.2021
Бөлөххө киир:

Бүгүн, ыам ыйын 17 күнүгэр, Пульмонолог быраас күнэ бэлиэтэнэр. Коронавирус дьаҥа тарҕанан, Аан дойду үрдүнэн тыынар уорганнарга болҕомтону ууруу күүһүрдэ, пульмонолог курдук  сэдэх идэлээх быраастар тиийбэттэрэ көһүннэ. Бүгүҥҥү идэлээх күнүгэр СӨ үтүөлээх бырааһа, Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ киинин үрдүк категориялаах пульмонолог бырааһа Римма Николаевна Яковлеваны кытта кэпсэттибит.

Римма Николаевна, пульмонолог сэдэх идэтин таларга туох төрүөт буолбутай?

— Аҕам бронха астматынан ыараханнык ыалдьарын иһин бу идэни талбытым, үлэлээбитим сүүрбэ сыл буолла.

Пульмонолог бырааһыгар кимнээх кэлэллэрий?

— Пульмонолог бырааска тыынар уорганнарынан бронха астматынан ыалдьар, тыҥа хроническай обструктивнай ыарыыларынан моһуогурар дьон сүрүннээн кэлэр. Ону тэҥэ бүтэһик икки сылга коронавирус пневмониятынан ыалдьан үтүөрбүт дьон көрдөрүнэр. Тоҕо диэтэр коронавирус пневмонията ыараханнык ааһар уонна сыыстарыахха сөп.

Типичнэй пневмония, атипичнэй пневмонияттан туох уратылааҕый?

— Типичнэй пневмония диэн пневмококк, стафилококк бактерияларыттан үөскүүр. Атипичнай пневмония сүрүн төрүөтүнэн микоплазма, хламидия инфекциялара буолаллар.

Коронавирус пневмонията көннөрү пневмонияттан туох уратылааҕый?

— Бастатан туран, коронавирус пневмониятын сайдар төрүөтэ вирус буолар. Көннөрү пневмонияҕа тыҥа аҥаар эрэ өттө ыалдьар буоллаҕына, коронавирус пневмонията тыҥа икки өттүн тэҥинэн ыарытыннарар. Биир  тыҥа чопчу учаастагын буолбакка, үөһэттэн саҕалаан аллараа диэки тыҥаны сүһүрдэн түһэн иһэр. Бактериянан тарҕанар көннөрү пневмониятааҕар вируһунан бэриллибит пневмония быдан ыараханнык эмтэнэр. Саамай куһаҕана диэн, тыҥаҕа эрэ буолбакка ньиэрбэ систиэмэтигэр, ыалдьыбыт киһи атын уорганнарыгар — быарга, бүөргэ уонна тымырдарга охсор.

— Кутталлаах бөлөххө кимнээх киирэллэрий?

— Хроническай ыарыылаах, саахар диабеттаах, тымыр ыарыылаах дьон киирэр. Ону тэҥэ кирииптэн, норуокка «превенар» диэн ааттанар пневмонияны утары быһыылары уонна, биллэн турар, коронавирустан утары быһыыны ылбатах дьон кутталлаах бөлөххө киирэр.

Кэнники күннэргэ оҕолор, аҕам саастаах дьон коронавируһунан ыалдьара элбээтэ. Ыарыы хайдах ааһарый?

— Кэнники кэмҥэ оҕо-аймах, улаатан эрэр саастаах оҕолор коронавируһунан ыалдьаллара элбээтэ. Дьаҥ биир уратытынан оҕолор наһаа түргэнник сыстыһан ыалдьаллар. Температуралара күүскэ тахсар, кириип ыарыытыгар майгынныыр эрээри биллэ ыараханнык ыалдьаллар. Ити симптомнары таһынан коронавирус куртах-оһоҕос уорганнарын ыарытыннарар. Кэнники кэмҥэ оҕо этигэр кыра тымырдар быһа барыылара (гемморагическай синдром) оҕо этигэр көҕөрүүлэр, тирии бааһыгар майгынныыр көстүүлэр бэлиэтэнэр буоллулар. Онон улаатан эрэр оҕо коронавирус дьаҥынан ыалдьара кутталлаах уонна сэрэхтээх.

Аҕам саастаах дьоҥҥо коронавирус үксүгэр хроническай ыарыыларынан киирэр. Холобур, диабетынан ыалдьар дьон бэргиир, хаанын баттааһына үрдүүр. Оттон сүрэх-хаан ыарыылаахтарга коронавирус дьаҥа киирэн инфаркт, инсульт курдук кутталлаах ыарыыларга тириэрдиэн сөп.

Коронавируһунан ыалдьан баран, иккистээн ыалдьыахха сөп дуо?

— Билиҥҥи туругунан коронавируһунан ыалдьан үтүөрбүт киһи иккистээн ыалдьыбыт түгэнэ биһиги быраактыкабытыгар бэлиэтэнэ илик.

— Быһыыны ылан баран коронавируһунан ыалдьыахха сөп дуо?

— Быһыыны ылбыт дьон коронавируһунан даҕаны, коронавирус пневмониятынан даҕаны ыалдьыахтарын сөп. Ол эрэн, быһыыны ылбыт киһи көннөрү ыалдьыбыт киһиттэн ыарыыны быдан чэпчэкитик аһарынар. Онон хайаан даҕаны коронавирус утары быһыыны ыларгытыгар ыҥырабын. Быһыы 100% коронавируһунан ыалдьыаххыт суоҕа диэн мэктиэлээбэт эрээри, ыарыы чэпчэкитик ааһарыгар көмөлөһөрө чахчы.

Оҕону коронавирустан хайдах харыстыахха сөбүй?

— Коронавирус дьаҥыттан харыстыыр биир эрэ ньыма баар: хааччахтыыр миэрэлэри тутуһуу — социальнай дистанцияны тутуһуу, маасканы уонна бэрчээккэни кэтэ сылдьыы, дьон мустар сириттэн, элбэх киһилээх тэрээһиннэртэн тэйэ туттуу.

Коронавирус пневмониятынан ыалдьыбыт киһи тыҥатын сүһүрбүт чааһа чөлүгэр түһэр дуо?

— Сыл аҥаара-сыл курдук кэминэн чөлүгэр түһүөн сөп.

Тыынар уорганнары бөҕөргөтүүгэ тугу сүбэлиэххит этэй?

— Кыра-кыралаан сатыы хаамыы, ыраас салгыҥҥа сылдьыы, физическэй үлэ, хамсаныы туһалыаҕа. Харбааһын, йога курдук успуорт көрүҥнэрэ тыҥа үлэтин тупсараллар. Өссө биирдэ тоһоҕолоон этэбин: аргыый аҕайдык сатыы хаамыы тыҥа үлэтигэр олох үчүгэйдик дьайар, киһи дириҥник тыынарыгар уонна салгыны чэпчэкитик эҕирийэригэр көмөлөһөр. Ыарыыттан харыстанар уонна тыынар уорганнары харыстыыр ньыманан табахтан аккаастаныы буолар.

Надежда Ильина, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0