Коронавирус саҥа инфекцията тарҕанар усулуобуйатыгар РФ Роспотребнадзора ПЦР-тиэһи туттарарга тустаах ыйыылары тутуһар наадатын санатар.
edersaas.ru
— ПЦР-тиэскэ мазок туттарыах иннинэ уу иһэр эбэтэр аһыыр сөп дуо?
— Быраабыла быһыытынан, SARS-CoV-2 ПЦР чинчийэргэ мазогу аһаабыт кэннэ 3-4 чаас буолан баран ылыллара ордук. Бу туох суолталааҕый?
SARS-Cov-2 коронавирус эпителиальнай килиэккэлэр истэригэр олорор. ПЦР-чинчийиигэ сөп ахсааннаах инфицированнай килиэккэлэрдээх мазогу ылар улахан суолталаах. Аһыыр кэмҥэ эпителиальнай килиэккэлэр ас хомуогар түбэһиэхтэрин сөп. Мазогу киһи аһаатын кэннэ тута ыллахха, пробиркаҕа инфицированнай килиэккэ сороҕо эрэ киирэр. Оччотугар анаалыс түмүгэ кырдьыга суох буолуон сөп. Бу ууну иһиигэ эмиэ сыһыаннаах. Уу инфицированнай килиэккэлэри бэлэс былчархайыттан, куолай кэнники истиэнкэтиттэн суурайан кэбиһэр.
— Мазок туттарыах иннинэ муннуга уонна күөмэйгэ эмтээх сириэстибэлэри (хааппылалары, спрейдэри, антисептиктары) туһаныахха сөп дуо?
— Мазок туттарыах иннинэ ити эмтээх сириэстибэлэрин туттуллубат. Итилэри туһаннаххытына, салыҥнаах бүрүөҕэ вирус ахсаана аҕыйыыр уонна анаалыс түмүгэ эмиэ кырдьыга суох буолар куттала улахан.
— Оттон арыгылаах утаҕы иһии анаалыс түмүгэр хайдах дьайарый?
— Арыгы үгүс антисептическай сириэстибэлэр састааптарыгар киирсэр этиловай испиирдээх (этанол). Роспотребнадзор этэринэн, туһалаах антисептическай дьайыыга этиловай испиир 60-80% кыра буолуо суохтаах. Дьиҥэр, испиирдээх утахтар састааптабыгар этанол өлүүтэ кыра, дезинфекциялыырга тиийбэт. Ол гынан баран, арыгы испит кэннэ мазокка коронавирус булуллуута намыһах буолуон сөп.
— ПЦР-тиэс иннинэ тииһи тоҕо суунуллубатый?
— ПЦР-чинчийиигэ мазогу ылыы сүрүн сыала-соруга -– коронавирустан эмсэҕэлээбит килиэккэлэрдээх биологическай матырыйаалы ылыы. Айах көҥдөйүн ыраастыыр ханнык баҕарар сириэстибэни туттуу мазокка вирус ахсаанын аҕыйатар. Тиис суунар пааста антисептическай компоненнардаах буолуон сөп. Ол мазоктан пробиркаҕа киирэн хааллаҕына, анаалыс ылылларыгар мэһэй буолуон сөп. Ону таһынан, тииһи сууну айаҕы эбии сайҕаныыны ирдиир. Онон, биоматериал ылыах иннинэ айаҕы сайҕанар эмиэ көҥүллэммэт.
—— Косметиканы туһаныы (помадалары, уос бальзамнарын) тиэс түмүгэр дьайыан сөп дуо?
— ПЦР-чинчийиигэ матырыйаалы айах көҥдөйүттэн буолбакка, бэлэстэн уонна бэлэс тамаҕыттан ылаллар. Өскөтүн мазогу ылыы быраабылатын барытын тутустахха уонна зондунан уоһу таарыйбатахха, косметика сөптөөх биоматырыйаалы ыларга мэһэйдиэ суохтаах. Ол гынан баран, боруобаҕа косметика сириэстибэлэрэ алҕас даҕаны түбэстэхтэринэ, ПЦР-реакцияны бытаардыахтарын сөп.
— Мазогу хантан ылалларый: бэлэстэн эбэтэр бэлэс тамаҕыттан?
— Бэлэстэн (зев) уонна бэлэс тамаҕыттан (носоглотка). SARS-CoV-2 вируһа киирэригэр аһаҕас аан — тыынар уорганнар. Мурун уонна күөмэй салыҥнаах бүрүөлэригэр вирус киирдэҕинэ, эпителиальнай килиэккэлэргэ тарҕанан барар. Ол иһин, инкубационнай түһүмэх бүтүүтэ уонна клиническэй көстүүлэр бастакы күннэригэр мазогу бэлэстэн уонна бэлэс тамаҕыттан ылыы элбэх информацияны биэрэллэр.
Онон, бэлэстэн мазок ылыахтарын кырата 3 чаас иннинэ: аһаамаҥ, ууну иһимэҥ, тиискитин суунумаҥ, айаххытын, күөмэйгитин сайҕанымаҥ, айах спрейдэрин туттумаҥ, ыстыыр эрэһиинэни ыстаамаҥ, табротоглоткаттан мазок ылыахтарын кырата 3 чаас иннинэ:ахтаамаҥ.
Онтон бэлэс тамаҕыттан мазок ылыахтарын кырата 3 чаас иннинэ: муннугут иһин суунумаҥ, спрейдэри, хааппылалары, маастары туһанымаҥ.
— Мазок туттарыаххыт икки күн инниттэн испиирдээх утахтартан аккаастанар ордук.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru