РФ уопсастыбаннай палаатата, Нуучча тылын уопсастыбата, Арассыыйа географическай уопсастыбата, Арассыыйатааҕы байыаннай-историческай уопсастыба алтынньы 11 күнүттэн сэтинньи 30 күнүгэр диэри аэропуортарга улуу дьон аатын иҥэриигэ куонкурус ыыталлар. Куонкурус түөрт түһүмэҕинэн барыахтаах.
Арассыыйа үтүөлээх экономиһа, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Мэҥэ Хаҥалас улууһун академик В.П.Ларионов аатынан “Дойду ситимэ” кэмиэрчэскэйэ суох уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Владимир Птицын санаатын үллэстэр:
— «Арассыыйа Улуу ааттара” диэн бэртээхэй бырайыак дии санаатым. Мээнэ киһи улуулар ахсааннарыгар киирбэт. Ону дьон-норуот бэйэтэ сыаналыыр, талар, үйэлэргэ өлбөт үйэлиир. Дьокуускай аэропуордугар ким аатын биэриэххэ, ханнык Улуу киһибит аатын биэрэбит диэн кэпсэтии, мөккүөр даҕаны бара турар. Мин “Дойду ситимэ” түмсүү салайааччыта да буоларбынан, биир дойдулаахпыт Владимир Петрович Ларионов аатын биэриэххэ диэн этии киллэрэбин. Кини тэхиньиичэскэй наука дуоктара. Аэропуорт диэн тэхиньиичэскэй сайдыыны кытта ситимнээх, өрөспүүбүлүкэҕэ киирэр аартыкпыт, өрөспүүбүлүкэ сирэйэ. Саха сириттэн өрөспүүбүлүкэ, судаарыстыба тэхиньиичэскэй сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит киһибит Владимир Ларионов аатын иҥэрэр киһи олус бэрт буолуо этэ.
Женни Стрюкова, edersaas.ru