Биһиги үйэбитигэр хаһан да буола илик дьикти балаһыанньаҕа олоробут. Ону тэҥэ, аан дойду үрдүнэн коронавирус тарҕаныытын балаһыанньата ыараан иһэр курдук. Тэлэбиисэринэн, интэриниэтинэн күннэтэ араас кутталлаах иһитиннэриилэр кэлэ тураллар. Онон киһи куттанан-уолуйан, ыгылыйан, санааҕа баттатыан, уйулҕатыгар оҕустарыан сөп курдук. Маныаха Саха сирин психологтара босхо консультациялары биэрэн, көмөлөһөллөр.
edersaas.ru
СӨ ыччат дьыалаларыгар, социальнай коммуникацияларга министиэристибэтин иһинэн үлэлиир Дьиэ кэргэни, ыччаты өйүүр социальнай-психологическай киин психологтара күнүстэри-түүннэри босхо консультациялары ыытарга бэлэмнэр.
“Оҕолорум ыалдьыахтара, мин олохпор куттал суоһуур” диэн олус куттанар, онтон сылтаан утуйбат-аһаабат, паникалыыр, о.д.а. буоллаххына, психологы кытта кэпсэт. Анал үөрэхтээх психологтар ыарахан түгэҥҥэ өйүөхтэрэ, уоскутан, сүбэлээн-амалаан биэриэхтэрэ. Эн кимҥин-туоххун, ааккын-суолгун туоһуласпаттар.
Бу нүөмэрдэргэ эрийиэххэ сөп:
8-800-100-3550 (Өрөспүүбүлүкэтээҕи итэҕэйии төлөпүөнэ);
8-800-2000-22-83 (Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕоҕо аналлаах итэҕэйии төлөпүөнэ);
8-800-100-22-83 (Мобильнай кириисис сулууспата).
Ону тэҥэ, СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин иһинэн коронавируска быһа сибээс арылынна: 8-800-100-14-03. Коронавирус боппуруостарынан Арассыыйатааҕы нүөмэр: 8-800-2000-112.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.