Психологическай тургутук: Эн дьолуҥ таһыма төһөнүй?

Ааптар:  Эдэр саас
09.09.2025
Бөлөххө киир:
Хаартыска: Оҥоһуу өй

Күн аайы биһиги ханна эрэ ыксыыбыт, тугу эрэ былаанныыбыт, түбүгүрэбит. Оттон ис турукпутун, дууһабыт иэйиитин иһиллиирбитигэр бириэмэбит тиийбэт. Бу тургутук – ис туруккун быһаарыы. Ыйытыыларга уһуннук толкуйдаабакка, бастакы киирбит санааҕынан хоруйу тал. Баалы ааҕыы: Хас биирдии ыйытыыга 1 баалы биэрэр биир эрэ хоруй баар. Түмүккэ баалларгын холбоон ааҕаар.

Сарсыарда уһуктаат, бастакы санааҥ?

Правильно! Не правильно!

Эн хаһан да сылдьыбатах сиргэр мунан хааллыҥ. Хайыыгын?

Правильно! Не правильно!

Хаһан бүтэһигин тугу эрэ оҥорон бүтэрэн, ис-искиттэн "Маладьыаспын!" диэн үөрдүҥ?

Правильно! Не правильно!

Ардах түһэн эрэр. Эн санааларыҥ?

Правильно! Не правильно!

Туохха эрэ махтанар туһунан төһө чаастатык толкуйдуугун?

Правильно! Не правильно!

Эйигин ким эрэ күүскэ хомотто. Хас күн иһигэр бу санааттан босхолоноҕун?

Правильно! Не правильно!

Эн тус бэйэҥ эрэ тускар анаан бүтэһигин хаһан тугу гынныҥ (холобур, кинигэ атыыластыҥ, массажка сырыттыҥ, сөбүлүүр дьарыккар бириэмэ биэрдиҥ)?

Правильно! Не правильно!

Саамай бүтэһик туохтан ис-искиттэн күллүҥ?

Правильно! Не правильно!

Бэйэҕин атын дьону кытта тэҥнээн көрөҕүн дуо?

Правильно! Не правильно!

"Эн дьоллооххун дуо?" диэн ыйытыыга туох диэн хоруйдуоҥ этэй?

Правильно! Не правильно!

Психологическай тургутук: Эн дьолуҥ таһыма төһөнүй?
Намыһах таһым – "Дууһаҥ сынньалаҥы эрэйэр". Бу түмүк эн куһаҕан киһигин диэбэт. Бу эн дууһаҥ "мин сылайдым, миэхэ көмөлөс" диэн сибикитэ. Баҕар, элбэх стресс, утуйбат буолуу, түбүктээх үлэ эйигин күүскэ баттаабыт буолуон сөп. Бэйэҕэр сынньалаҥы биэрэр кэм кэлбит. Бастатан туран, үчүгэйдик утуй, минньигэстик аһаа уонна бэйэҕин сэмэлииргин тохтот. Чугас киһигиниин кэпсэт, наада буоллаҕына исписэлиискэ көрдөрөртөн кыбыстыма. Бу ааһар түгэн, сүрүнэ – бэйэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы.
Орто таһым – "Эн дьолуҥ эйигин күүтэр". Эн олоҕуҥ үксүгэр үөрүүлээх уонна дьоллоох түгэннэрдээх. Сороҕор түбүккэ, кыһалҕаҕа баһыйтаран, олох кэрэтин аахайбакка ааһыаххын сөп, ол эрээри уопсайынан ис туругуҥ бигэ. Эн дьолуҥ сүнньэ баар, сороҕор ону бэлиэтии көрөргө тохтоон, тыын ылан, тулаҕын көрүнүөххэ эрэ наада. Бэйэҕэр кыра сынньалаҥы биэр, чугас дьоҥҥун кытта кэпсэт – оччоҕо дьолуҥ таһыма өссө үрдүө.
Үрдүк таһым – "Күннээҕи олохтон дьолу булаҕын". Эн олоххо олус дьоллоох көрүүлээххин уонна күннээҕи олох кыра үөрүүлэрин бэлиэтии көрөр дьоҕурдааххын. Ис туругуҥ гармониялаах, бэйэҕин кытта доҕордуу сыһыаннааххын. Эн дьол диэн туох эрэ улахан ситиһии буолбакка, күннээҕи түгэннэргэ саспытын өйдүүгүн. Бу таһымҥын өйүүргэ, бэйэҕин иһиллии сылдьаргын умнума. Эн күүһүҥ – олоххо махтанар дьоҕуруҥ.
+1
89
+1
0
+1
25
+1
1
+1
6
+1
2
+1
5