ПСИХОЛОГИЧЕСКАЙ ТЕСТ: «Уйулҕа өттүнэн сылайыы туругун быһаарыы»

08.10.2026
Бөлөххө киир:
Хаартыска: Оҥоһуу өй. Алиса. Василий Прокопьев

Бу дьыл алтынньы 5 күнүттэн алтынньы 11 күнүгэр  диэри Саха сиригэр уйулҕа доруобуйатын харыстыыр нэдиэлэ ыытыллар. Аахсыйа Аан дойдутааҕы уйулҕа доруобуйатын харыстыыр күнүгэр ананар. Психологическай тест — «Уйулҕа өттүнэн сылайыы туругун быһаарыы» бу күннэргэ туһуланар. Ыйытыылартан биир сөптөөх хоруйу талыҥ уонна баалгытын эбэн, сөптөөх түмүгү булан ааҕыҥ.

1. Сарсыарда үлэҕэр (эбэтэр үөрэххэр) туран баран хайдах санаалаах уһуктарыҥ буоларый?

А) Сэниэлээх, бүгүҥҥү күҥҥэ тугу эрэ ситиһиэхпин баҕарабын (1 баал);

Б) Улаханнык үөрүммэппин, ол эрээри «наада» диэн санаанан барабын (2 баал);

В) Отой барбатах киһи дии саныыбын, сылайбыт курдук уһуктабын (3 баал).

2. Үлэ күнэ бүтүүтэ туругуҥ хайдаҕый?

А) Син үчүгэй, дьиэҕэ-уокка, сөбүлүүр дьарыкпар күүһүм-уоҕум баар (1 баал);

Б) Сылайабын, дьиэбэр тиийэн сыттахпына эрэ күүс киирэр (2 баал);

В) Отой сэниэтэ суох буолабын, тугу да гыныахпын, кими да кытта кэпсэтиэхпин баҕарбаппын (3 баал).

3. Дьону (бииргэ үлэлиир дьоҥҥун, дьүөгэлэргин/доҕотторгун, килийиэннэри) кытта сыһыаныҥ хайдаҕый?

А) Эйэҕэспин, улаханнык кыйахаммаппын, кэпсэтэрбин сөбүлүүбүн (1 баал);

Б) Ардыгар кыйаханабын, ол эрээри бэйэбин туттунабын (2 баал);

В) Кыраттан тута кыйыттабын, дьон барыта сылаппыт курдук (3 баал).

4. Болҕомтоҕун уонна өйдүүр дьоҕургун хайдах сыаналыыгын?

А) Үчүгэйдик үлэлиибин, тугу да умнубаппын, тута өйдүүбүн (1 баал);

Б) Ардыгар тугу эрэ умнуохпун, буккуйуохпун сөп, иккистээн көрөбүн (2 баал);

В) Мэлдьи умнуган буоллум, наар биир сиргэ олорон хаалабын, толкуйдуурар уустук (3 баал).

5. Түүн хайдах утуйаҕын?

А) Үчүгэйдик утуйабын, сарсыарда сынньаммыт курдук уһуктабын (1 баал);

Б) Ардыгар утуйбаппын, санаабар үлэбин-кыһалҕабын саныыбын (2 баал);

В) Утуйар уубун сүтэрдим, түүнүн наар уһуктабын эбэтэр сарсыарда кыайан турбаппын (3 баал).

6. Бэйэҥ үлэҕин, оҥорор дьыалаҕын төһө туһалаах дии саныыгын?

А) Үлэм туһалаах, кыра да ситиһиилэрбиттэн үөрэбин (1 баал);

Б) Ардыгар саарбаҕалыыбын, үлэм түмүгэ суох курдук буолар (2 баал);

В) Үлэм туох да туһата суох, тугу да уларыппаппын диэн санаа мэлдьи баар (3 баал).

7. Сөбүлүүр дьарыккар (успуорт, айар талаан) бириэмэ баар дуо?

А) Оннук, үлэттэн ураты сөбүлүүр дьарыктаахпын, ол миэхэ күүс биэрэр (1 баал);

Б) Бириэмэ баар буоллаҕына эрэ дьарыктанабын (2 баал);

В) Отой баҕам суох, кинигэ ааҕарбын да сүрэҕэлдьиибин (3 баал)

8. Эт-хаан (доруобуйа) өттүнэн туругуҥ хайдаҕый?

А) Доруобуйам үчүгэй, тугум да ыалдьыбат (1 баал);

Б) Ардыгар төбөм ыалдьар, сэниэм суох (2 баал);

В) Тугум эрэ куруук ыалдьар, иммунитетым мөлтөөтө, мэлдьи сылайбыт курдукпун (3 баал).

9. Үлэҕэр сыыһаны оҥордоххуна, хайдах ылынаҕын?

А) Ол сыыһаттан үөрэнэбин, көннөрүнэбин уонна салгыы үлэлиибин (1 баал);

Б) Хомойобун, ол эрээри кыратык айманан баран уоскуйабын (2 баал);

В) Улаханнык долгуйабын, бэйэбин буруйданабын эбэтэр барытын быраҕыахпын баҕарабын (3 баал).

10. Инникигин (үлэҕэр, олоххор) хайдах көрөҕүн?

А) Сырдык уонна үчүгэй былааннардаахпын, сайдыахпын баҕарабын (1 баал);

Б) Билигин туох да улахан былааным суох, хайдах баарынан сылдьабын (2 баал);

В) Инникибин санаатахпына куттал үөскүүр, туох да үчүгэйи күүппэппин (3 баал).


ТҮМҮГҮ СУОТТААҺЫН

Бары боппуруостарга ылбыт баалгытын (1, 2 эбэтэр 3) холбоон суоттааҥ.

  • 10-тан 15 баалга диэри:  Сылайыы суох. Эһиги уйулҕа өттүнэн туруккут олус үчүгэй! Үлэҕитин, олоххутун сөпкө дьүөрэлиигит. Салгыы маннык бэйэҕитин харыстанан, сынньалаҥҥытын сөпкө былааннаан сылдьыҥ.
  • 16-тан 23 баалга диэри: Сэрэтэр бэлиэлэр бааллар (сылайыы саҕаланыыта). Эһиги организмҥыт уонна уйулҕаҕыт сылайбыттар. Билигин дьаһамматаххытына, «уйулҕа өттүнэн умайыы» дириҥиэн сөп. Эрэсиимҥитин көрүнүҥ, үлэ кэнниттэн үлэ туһунан санаамаҥ. Сөбүлүүр дьарыккытыгар бириэмэтэ анааҥ, айылҕаҕа тахсыҥ, үчүгэйдик утуйуҥ.
  • 24-тэн 30 баалга диэри: Уйулҕа өттүнэн «умайыы» үрдүкү таһыма. Эһиги олус сылайбыккыт. Эһиэхэ булгуччулаахтык уһун сынньалаҥ (уоппуска) наада буолбут. Үлэҕитин уларытар, эбэтэр психологка, эмчиттэргэ көрдөрүнэр туһунан толкуйдуоххутун сөп. Бэйэҕит доруобуйаҕытын бастакы миэстэҕэ тутуҥ! Өйдөөҥ: эһиги туруккут үлэттэн быдан күндү уонна сыаналаах.
+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1