Санааҕа баттатыы (депрессия) – сааһырбыт дьоҥҥо тарҕаммыт уйулҕа кэһиллиитэ. Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ (ВОЗ) бэлиэтииринэн, бырааска араас ыарыыларын көрдөрө кэлбит дьонтон 40%-ра хабыллар, ол иһигэр дьахталлар эр дьоннооҕор 2-3 бүк элбэхтик ыалдьаллара биллэр. Ол эрээри, дьиҥэ, эр дьоҥҥо депрессия төһө тарҕаммытын быһаарар уустук, тоҕо диэтэр, кинилэр бырааска сылдьаллара да ахсааннаах уонна эр дьоҥҥо сөбө суох быһыынан ааҕан, кистииллэр. Сааһырбыт дьоҥҥо депрессия 60-75 саастарыгар үгүстүк көстөр.
edersaas.ru
Бу турук сүрүн биричиинэтинэн кырдьыы буолар – күүс-уох бараныыта, мөлтөөһүн, бэйэни кыайан көрүммэт буолуу, соҕотохсуйуу, кыайан көрбөт-истибэт буолан, тулалыыр эйгэни кытта сибээс мөлтөөһүнэ. Ону таһынан, кырдьар сааска ыар сүтүк, чугас дьонун өлүүтэ, ыалдьыыта, оҕолордуун өйдөспөт буолуу, тэйсии, дьарыга суох, дьиэҕэ бүгэн олоруу дьайар.
Сааһырбыт дьоҥҥо санааҕа баттатыыны, бытаарааһыны тэҥэ хайаан да долгуйуу, кыайан утуйбат буолуу уонна эмискэ өй-санаа мөлтөөһүнэ бэлиэтэнэр. Долгуйуу ордук бэйэ доруобуйатын уонна инники олоҕу кытары сибээстээх буолар. Утуйар уу кэһиллиитэ түүн устата элбэхтик уһуктууга, сарсыарда сынньаммакка сылайан турууга көстөр.
Депрессиялаабыт киһи санааргыыра үксүүр, эдэр эрдэххэ ситэ оҥорботох, ситиспэтэх кирбиилэр эрэйдииллэр, бэйэтин букатын соҕотох, кимиэхэ да наадата, суолтата суох курдук сананар. Ону-маны оҥоруон, хамсаныан, дьону кытары алтыһыан баҕарбат, билигин тула туох буола турара суолтата, интэриэһинэйэ суох буолан көстөр. Сорох депрессиялаабыт дьон куруутун кыыһыра, истэригэр буугунуу, кыраттан да кыыһыра-тымта, мөҕө-этэ сылдьар буолан хаалыахтарын сөп.
Элбэх түгэҥҥэ сааһырбыт дьоҥҥо депрессия күүс өттүнэн мөлтөөһүн эрэ быһыытынан киириэн сөп, холобур, киһи аһыан баҕарбат буолар, ыйааһына түһэр, төрүөтэ суох ыалдьар. Сорох дьон олохтон түргэнник туоруур туһунан толкуйданаллар, бэйэлэрин олус сылайбыт, эрэйи көрбүт курдук сананан, сүгүн аһаабакка, эмтэнэртэн, диетаны тутуһартан аккаастаналлар.
Депрессияны быһаарар ыарахаттардаах буолар, тоҕо диэтэххэ, үксүгэр сааһырбыт дьоҥҥо чэпчэки уонна орто көрүҥэ бэлиэтэнэр, онон быраас ардыгар аахайбакка, туһааннаах исписэлиискэ ыыппакка хаалар. Кырдьаҕастарга үксүгэр кистэлэҥ депрессия сайдар, ол эбэтэр киһи билбэккэ, атын ыарыыга балыйыан сөп. Ол ыарыытын эмтэнэр да, туһата суох буолар, эбэтэр арыый буолаатын кытары атына ыалдьар, оннук тохтоло суох бииртэн биир көбөн иһэр. Оннук быһаарыллыбакка хаалбыт депрессия инникитин күүһүрүөн сөп.
Кинилэргэ хайдах көмөлөһүөххэ?
Бу ыарахан, баттыыр туруктан тахсарга эмтэнии эми иһэри тэҥинэн, кэпсэтии нөҥүө ыытыллар. Ол эрээри киһиттэн бэйэтиттэн эмиэ тутулуктаах. Киһи бэйэтэ төһө кыалларынан хамсана сатыахтаах, араас чинчийиилэр көрдөрөллөрүнэн, элбэхтик хамсанар дьон депрессияҕа ылларбаттар. Ону тэҥэ сөбүлүүр дьарык булунан, ону-маны гына, дьону кытары алтыһан, санаатын аралдьыта сатыахтаах, аһары иллэҥ буоллахха, киһи санааргыыра үксүүр. Итини таһынан чугас дьонун үтүө сыһыана олус суолталаах.
Сааһырбыт дьон үксүлэрэ бэйэлэрэ кыайан таһырдьа тахсан күүлэйдээбэттэр, онно чугас дьоно быыс булан тэҥҥэ сырыттахтарына, олус үчүгэй. Аргыый хааман иһэн урукку үчүгэй түгэннэри санаан, кырдьаҕас киһиттэн ону-маны сураһан, ыйыталаһан, сүбэлэттэрэн, кини эһиэхэ наадалааҕын уонна суолталааҕын бигэргэтиҥ. Туспа олорор буоллаххытына, хайаан да кэлэ-бара сылдьыҥ, ол куруук нэдиэлэ ханнык эрэ биир күнүгэр буолара ордук, оччоҕо кырдьаҕас аймаххыт эрэллээх буолуо уонна атын кэмҥэ бэйэтин тугунан эрэ дьарыктыы сатыаҕа.
Күннээҕи түбүккүт, кыһалҕаҕыт быыһыгар кырдьаҕас дьоҥҥутун умнумаҥ, харыстааҥ!
Зинаида Алексеева,
Саха сиринээҕи Медицина үгүс өрүттээх кыһалҕаларын чинчийэр научнай киин үлэһитэ, клиническэй психолог.