ПСИХОЛОГ СҮБЭТЭ: Дьоллоох буолуу — бэйэҥ илиигэр

Бөлөххө киир:

Дьол диэн тугуй? Бу орто дойдуга киһи барыта дьоллоохпун дэнэр дуо? Дьол кимтэн тутулуктааҕый? Ким эрэ үлэтиттэн, ким эрэ дьиэ-кэргэниттэн, ким эрэ доруобай сылдьарыттан, ким эрэ бу олоххо баарыттан, ким эрэ бүгүҥҥү аһыыр аһа баарыттан, ким эрэ сарсыарда уһуктарыттан үөрэр…

Хас биирдии киһи тус-туспа өйдөөх-санаалаах, ким эрэ кыраттан үөрэр, ким эрэ бу олоххо ирдэбилэ үрдүк. Уон киһиттэн «дьоллоох буолуу» диэн хайдах өйдүүллэрин ыйыттахха, араас эппиэти истиэххэ сөп. Ол гынан баран, сүрүн сыал, хас биирдии киһиэхэ, дьоллоох олоҕу олоруу буолар. Бу олохпутугар биһиги наһаа элбэх хааччахтары көрсөбүт.
Эмма Алексеева, edersaas.ru сайтка анаан.

Дьол… Дьол диэн киһи ис туруга буолар, кини усулуобуйатыгар сөп түбэһэр, олоҕун киэҥник ырыҥалаан, киһи быһыытынан туһалааҕынан сананара буолуон сөп. Дьол суолтатын араас өттүттэн көрүөххэ сөп. Дьол феномена үксүн философияны, уйулҕа, таҥара үөрэҕин уонна оккультизмы кытта ыкса сибээстээх. Физиологиятын «дьол гормона» диэн ааттыылар, ол эбэтэр кини эндорфинтан, серотонинтан уонна дофаминтан турар. Эндорфин — кылгас кэмҥэ үөрбүккэр, дьолломмуккар эппиэттиир гормон, серотонин — дьол тас көрүҥүн уонна уһун кэмҥэ дуоһуйан, астынан ылбыккын көрдөрөр.
Позитивнай психологияҕа дьол формулата маннык көстөр: дьол —олохтон дириҥник дуоһуйуу + элбэх үөрүүлээх-көтүүлээх иэйии + аҕыйах мөкү иэйии (эмоция). Элбэх үөрүүлээх эмоция буола турар кэмҥэ дьоллонууну, уһуннук астыныы – уһун кэмҥэ дьоллонууну көрдөрөллөр.
Карл Роджерс гуманистическай психологияҕа дьол диэни маннык этэн турар: “Бэйэни билинии киһи личность быһыытынан сайдарыгар, тупсарыгар, суолталаах буолуутугар дьайар. Оччоҕо киһи толору олохтоох буоларыгар усулуобуйа тэрийэр, олохтон үөрэр-көтөр, олорор олох сыалын өйдүүр буолар”. Маны Карл Роджерс дьолу кытта тэҥниир.
Экэнэмиистэр уонна социологтар дьол харчыны кытта төһө сибээстээҕин үөрэтэн көрдөрбүттэринэн, саамай баай дойду дьоно ортотунан дьоллоохпут диэн сананаллар эбит, онтон дьадаҥы судаарыстыба дьоно бэйэлэрин толору дьоллоохтук сананаллар эбит. Экэнэмиистэр түмүктэригэр дьол харчыттан тутулуктаах эрээри, төһөнөн элбэх харчы баар да, соччонон дьол суолтата сүтэр.


Сүмэлээх сүбэлэр

Олоҕу уустугурдубакка, судургутук олордоххо, киһи дьол туохха сытарын билэрэ буолуо дии саныыбын. Кыраттан үөрэргэ, кыраттан хомойо сылдьыбат гына олоро үөрэниэххэ наада. Бу тэттик сүбэлэри олоххутугар киллэриэххитин сөп:

1. Дьон этэрин, сүбэлиирин истиэххэ сөп, ол гынан баран, бэйэҥ олоххун бэйэҥ оностоҕун.
2. Кимтэн эмит хомойбут буоллаххына, бырастыы гынарга үөрэн.
3. Тас көрүҥҥүн айылҕа хайдах биэрбитинэн ылынарга үөрэниэххэ наада, өскөтүн бу турукка бэйэҕин үчүгэйдик сананарыҥ, ол суолталаах.
4. 100% идеальнай киһи диэн суох, олоҕуҥ арыгыһын ис сүрэххиттэн таптыырыҥ, бу киһини кытта биир санаа, өйөбүл уонна өйдөбүл баара ордук.
Хас биирдии дьиэ-кэргэҥҥэ өйдөспөт буолуу баар суол. Төһөнөн кыаххын, бириэмэҕин, сыраҕын уураҕын да, соччонон олоххут тупсуо.
5. Харчыны олох сүрүн сыалынан оҥостор соччото суох. Сүрүннээн, сөбүлүүр үлэлээх буоларыҥ, ол ордук суолталаах.
6. Олоҕу хайдах баарынан сыаналыыр ордук. Тугу да гыммакка, сыраҕын уурбакка олорон, өрөгөй күөрэйиэ диэн кэтэһэр сыыһа.
7. Бириэмэ тиийбэт диэн, куотунуу буолар, баҕа санаа суоҕуттан тахсар.
8. Арахсар түгэҥҥэ, бу киһини куһаҕаннык санаама. Туох сыыһаны оҥорбуккун олоххор үөрэтии курдук саныахха сөп.
9. Өскөтүн тугу эрэ сыыһа оҥорбут буоллаххына, өһөспөккө, билинэ үөрэниэххэ наада.
10. Субу билигин оҥоһуллар кыахтаах үлэни тутатына оҥоро сатаныллыахтаах. Сарсын, өйүүн хаалларыллыбата ордук.
11. Урут кэргэннэнэ сылдьыбыт буоллаххына, саҥа олоххор саҥалыы олоро сатаа. Саҥа кэргэҥҥин уруккугун кытта тэҥнээбэт ордук.
12. Атын дьон олоҕун ырыппат ордук. Дьон олоҕо араас буолар.
13. Ордугурҕааһын, ымсыы быһыы, күнүү саамай куһаҕан өрүттэр. Өскөтүн эйиэхэ билигин олоххор үчүгэй буоллаҕына, сөптөөхтүк баран иһэҕин, онтон туох эрэ тиийбэт курдук буоллаҕына, үчүгэй буоларыгар ситиһиллиэхтээх.
14. Киһи бэйэтин олоҕун олус хонтуруоллаабата ордук, олох суолун устун баран иһиллиэхтээх, ыксаппакка, тиэтэппэккэ.
15. Бу олоххо ким да кимиэхэ оҥоруохтаах, биэрэрдээх буолбатах. Олох тугу биэрэригэр, бэлэх ыытарыгар бэлэм буолуохтааххын.


Киһи бу олоххо биирдэ олорон ааһар диэни элбэхтик истэбит. Хас биирдии киһи олоҕо бэйэтин эрэ илиитигэр буоларын өйдөөҥ. Ол эбэтэр дьоллоох, эбэтэр сордоох буоларын бэйэтэ талар. Дьолго талаһыҥ, дьолу айыҥ, дьоллоох буолуҥ!

Эмма Алексеева, Дьиэ кэргэн уонна ыччат социальнай психологическай өйөбүлүн киинин психолога.

+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0