Психолог Наталья Елисеева: «Эпэрээссийэнэн төрөөбүт оҕо уйулҕата кэбирэх буолар»
СӨ Ыччат дьыалатын уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин министиэристибэтин салаатын — Дьиэ кэргэн уонна ыччат социальнай-психологическай өйөбүлүн киинин салайааччы, психологическай наука хандьыдаата Наталья Елисееваны кытта дьон уйулҕата доруобай буоларын туһугар туох үлэ ыытылларын кэпсэттибит.
Кэпсэттэ Иван Никитин.
— Уйулҕа киинин туһунан кылгастык сырдатыаҥ дуо? Нэһилиэнньэҕэ туох үлэни ыытаҕытый?
— Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ, ыччакка, оҕолорго, аҕа саастаах дьоҥҥо психологическай өйөбүлү оҥоробут. Сүрүн үс хайысхалары тутуһан үлэлиибит – психологическай, социальнай-информационнай уонна методическай. Биһиэхэ ким баҕарар, бэйэтин баҕатынан кэлэн, психологическай өҥөнү ылыан сөп. Биһиги дьону араҥатынан араарбакка эрэ, барыларын кытта үлэлиибит.
—Эһиэхэ туох кыһалҕалаах дьон кэлэрий?
— Сыл ахсын ырытыы оҥоробут. Онно сүрдээх интэриэһинэй хамсааһыны көрөбүт — сыл аайы дьон кыһалҕата уларыйар эбит. Холобур, 2000 с., саҥа үлэлиирбит саҕана, идэҕэ туһаайыыга, төрөппүт уонна оҕо сыһыаныгар үгүс үлэ ыытыллара. Онтон 2006-2009 сс. кириисис буолбутунан, ити кэмҥэ сыһыан кириисиһэ диэн кыһалҕа баар буолбута. Маны таһынан бэйэҕэ тиийинии кыһалҕата үөскээбитэ. Итиэннэ оҕо көмпүүтэргэ ылларыыта сытыытык турбута. 2010-2012 сс. ыччат «Хайдах сайдабын?» диэн ыйытыылаах кэлэр буолбута. Аны наркотиктартан уонна оонньуур аптамааттартан, гаджеттартан тутулуктаах буолуу тарҕаммыта. Салгыы буруйу оҥорууну сэрэтэр үлэ инники күөҥҥэ тахсыбыта. Онтон былырыыҥҥыттан ыла дьиэ кэргэн, оҕону иитии, төрөппүт уонна оҕо сыһыана болҕомтону эрэйэр буолла. Өрөспүүбүлүкэҕэ “Эппиэтинэстээх төрөппүт туһунан” сокуон ылыллыбыта. Ону тэҥэ дьон “доруобуйам мөлтөөтө, онтон сылтаан үлэтэ суох хааллым”, о.д.а. кыһалҕалаах кэлэр буолла.
Арахсыы аҕыйаан иһэр
— Өрөспүүбүлүкэҕэ ыал буолуу уонна арахсыы ахсаана хайдаҕый?
— Ыал 52 %-на үс сыл иһинэн арахсар. ЗАГС управлениетын кытта сөбүлэһии түһэрсибиппит, онон кинилэр холбоһуохтарын баҕарар дьону, арахсаары гыммыт ыаллары биһиэхэ консультацияҕа ыыталлар.
Биһиги, психологтар, көрдөхпүтүнэ, үгүс эдэр дьон ыал буолар диэн тугун билбэккэ, өйдөрүнэн-санааларынан сиппэккэ, бэлэмэ суох холбоһоллор. Ол кэннэ кыра кыһалҕаны көрүстүлэр эрэ быһаарса да сатаабакка, арахсаллар. Дьиэ кэргэн син биир кыһалҕалары көрсөр. Холобур, бастакы, үһүс, сэттис сыл кириисистэрэ бааллар. Ол иһин психологтар, иитээччилэр, социальнай эйгэ үлэһиттэрэ ыал буолуу өйдөбүлүн оҕоҕо эрдэттэн иитиэх тустаахпыт. Төрөппүт оҕотугар өй угуохтаах, ыал буоларыгар бэлэмниэхтээх.
Улуус үрдүнэн хас киһи ыал буолбутун, арахсыбытын тэҥнээн көрөбүт. Биһиги филиалларбыт үлэлиир улуустарыгар арахсыы ахсаана ыал буолуутааҕар аҕыйах. Холобур, арахсар кутталлаах кэлбит ыалтан, психологы кытта үлэлэһэн баран, 75%-на арахсыбат.
—Арахсыыттан сылтаан, оҕо улахан охсууну ылар. Онно тугу сүбэлиэххит этэй?
— Итинник кыһалҕалаах элбэх. Үксүн оҕо ийэҕэ хаалар буолан, ийэлэр кэлэллэр. Уол оҕону иитии, биллэн турар, ыарахан, оттон кыыс оҕону соҕотоҕун иитэр өссө уустук. Кыыс оҕо эр киһини хайдах көрөрүй, хайдах ылынарый диэн мунаахсыйыы элбэх. Аҕа иитиитэ суох улааппыт кыыс сорох түгэннэри өйдөөбөт. Оҕону аҥардастыы мөҕөр сыыһа, дьоҥҥо эрэлэ сүтэр, соҕотохсуйар, онтон сылтаан комплекс үөскүөн сөп. Ол кэриэтин психолокка кэлиҥ, кини кыһалҕа үөскүү илигинэ быһаарар суолу булуо.
Оҕо болҕомтону эрэйэр
—Билигин оҕо буруйу оҥоруута эмиэ улахан кыһалҕа. Манна хайдах үлэлиигит?
— Оҕо үксүгэр буруйу атын дьону батыһан, толкуйдаабакка оҥорор. Кини толкуйдуу үөрэнэригэр, сокуон диэн тугун билэригэр, киһи тылыгар киирэн биэрбэтигэр, уйулҕата туруктаах буоларыгар үөрэтэбит. Лиэксийэлэрбит, трениннэрбит барыта онно ананаллар. Оҕо сыаллаах-соруктаах, үчүгэйгэ дьулуһуулаах буоллаҕына, куһаҕаҥҥа улдьаарара аҕыйыыр. Манна биһиги кини сыалыгар-соругар, бэйэтин кыаҕын арыйарыгар үлэлиибит.
Ис дьыала министиэристибэтин статистикатынан, оҕо буруйу кэһиитэ кэнники сылларга аҕыйаан иһэр. Орто көрдөрүүнэн ыллахха, 2013 сыллаахха биһиги филиалларбыт баар улуустарыгар 17 оҕо буруйу кэспит буоллаҕына, 2015 сыл түмүгүнэн — 13 оҕо.
—Кэнники кэмҥэ интэриниэккэ, социальнай ситимҥэ араас куһаҕан дьайыылаах бөлөхтөр үөскээтилэр. Итини туох өйдөөх-санаалаах дьон тэрийэллэрэ буолуой? Тоҕо?
— Маннык бөлөхтөрү киһи өйүн-санаатын бас билэ, нууччалыы эттэххэ, «власть над человеком» олохтуу сатыыр дьон тэрийэр. Тоҕо киһи тутулуктаах буоларый? Тоҕо диэтэххэ, кинини онно хайгыыллар, болҕомто уураллар. Ол иһин, киһи ону астынар. Онто да суох ыарахан олохтоох киһи хайҕаннаҕына, үөрэр, олоҕун суолтатын булбут курдук буолар.
Итиннэ киһи сабыдыалыгар ылларымтыа, соҕотохсуйар, төрөппүттэрин кытта тапсыбат, табаарыстара суох, аралдьыйары сатаабат оҕо киирэр. Сорох оҕолору көрдөххө, үөрэ-көтө сылдьар курдуктар да, ис туруктарын мээнэ арыйбаттар. Итини биирдэ, иккитэ эрэ көрөр киһи, холобур, учуутал билэрэ ыарахан, ол иһин төрөппүттэр бэлиэтии көрүөхтээхтэр.
—Суицид ахсаана хайдаҕый?
— Саха сиринээҕи Статистика уорганын дааннайын көрдөххө, 2013 сылтан 4 сыл иһигэр 38,9 %-нан кыччаабыт диэн ырыттыбыт. Итинник кыһалҕалаах биһиэхэ кэлбит дьону ылан көрдөххө, бэйэни тиийиниигэ тиэрдэр икки хайысха баар. Маҥнайгынан, “эмоциональная нестабильность” диэн. Ити ордук оҕолорго көстөр. Оҕо сатаан иэнийиитин хонтуруоллаабат, хомойдоҕуна наһаа хомойор, үөрдэҕинэ аһара үөрэр.
Учуонайдар ырытан көрбүттэринэн, ити киһи олус элбэх информация ыларыттан тахсар. Тэлэбиисэртэн, көмпүүтэртэн, интэриниэттэн наһаа элбэх туһата суох информация киирэн, киһи өйө ону ситэри ырыппат, сыппыыр. Иккиһинэн, кыһалҕаны көрсөн баран, быһаарыахтарын баҕарбаттар. Быһаарыам, кыайыам диэн толкуй суох.
Биир интэриэһинэй түгэни бэлиэтиэм этэ, төрүүрүгэр эпэрээссийэ нөҥүө ылыллыбыт оҕо уйулҕата кэбирэх буолар. Ол иһин, оннук оҕону ордук болҕомтолоохтук иитиэххэ наада. Кини арыллар, кистэлэҥнэрин кэпсиир киһилээх буоллаҕына, суицид сүрүн төрүөтэ (кыһалҕаттан тахсар суол суоҕа) сүтэр. Кыһалҕалаах аһаҕастык кэпсэтэн, сөптөөх суолу булар. Оттон эрэнэр, чугас киһитэ суох дьон итэҕэйии төлөпүөннэригэр эрийиэхтэрин сөп.
Кэпсэттэ Иван Никитин.
Оҕолорго аналлаах итэҕэйии төлөпүөнэ: 8-800-2000-122
Улахан дьоҥҥо: 8-800-100-3550.